20 тыһ. тахса оҕо быһыы ылла
Үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениета нэдиэлэ аайы оҕолор быһыы ылалларын уонна кириибинэн, тымныйыынан ыалдьалларын кэтээн көрүүнү ыытар. Быһыы биэрии анал олохтоммут график быһыытынан барар.
Ол курдук, алтынньы 19 күнүнээҕи көрдөрүүнэн 1-4 кылаастарга 11327 оҕо дьаҥы утары быһыы ылбыт. 5257 үөрэнээччи төрөппүтэ вакцинацияттан аккаастаммыт. 1422 оҕо медицинскэй көрдөрүүнэн быһыы ылбатахтар. 5-9 кылаастарга 8433 үөрэнээччи быһыы ылбыт. 4970 төрөппүт аккаас биэрбит. 10-11 кылаас үөрэнээччилэригэр 4992 оҕо ылбыт, 1259 – аккаастаммыт, 347 медицинскэй көрүүнэн ылбатах.
Онон куорат оскуолаларыгар барыта 22519 оҕо дьаҥ утары быһыы ылла. Оттон үөрэх тэрилтэлэрин 4382 киһиттэн 2319 (52,9%) үлэһит вакцинацияланна.
Күһүҥҥү дьаҥ-дьаһах туран куорат 26 оскуолатын сорох кылаастара ыраахтан үөрэтиигэ көстүлэр. 105 кылаас дистанционнай үөрэххэ көстө, онтон 25 кылаас коронавирустан сылтаан эмиэ маннык ньымаҕа көстө. Атын 80 кылаас дьаҥ, кириип тарҕанан дистанционнай ньыманан үөрэнэр.
Оскуола оҕолоругар кириибинэн уонна тымныйан ыалдьыы намтыырын туһугар үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан быһыыны биэрэр хампаанньа үлэлиир. Маныаха төрөппүттэр өйдүөх тустаахтар, төһөнөн элбэх киһи вакцинацияны барар да, соччонон иммунитеттара бөҕөргөөн ыарыыга хаптараллара аччыыр уонна ыарыыны чэпчэкитик аһарыналлар.