198 ойуур баһаара
От ыйын 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 198 ойуур баһаара, 1 414 307 гектар сир умайарын туһунан, Саха сиринээҕи ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Уустук балаһыанньалаах улуустар ахсааннарыгар киирдилэр: Абый, Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Кэбээйи, Мииринэй, Уус-Майа, Орто Халыма, Томпо уонна Эбээн-Бытантай. Манна уопсайа 162 ойуур баһаар турда.
Ааспыт сууккаҕа, 49 ойуур баһаара бэлиэтэннэ, 22 уоту умуруордулар. Дьон олорор сирдэригэр уонна социальнай объектарга куттал суоһаабат.
Быйыл баһаардар туруохтарыттан, уопсайа Саха сиригэр, 489 уот турбута биллэр.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



