176 киһи коронавирустаата
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр эбии 176 киһи ыарыйда. Бу туһунан суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина өрөспүүбүлүкэҕэ эпидемиологическай балаһыанньаны билиһиннэрэр брифинг кэмигэр эттэ.
Дьокуускайга — 94, Миирнэйгэ - 5, Ньурбаҕа — 7 киһи ыарыйда. Уус Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ бөлөҕүнэн ыалдьыы тахсыбыта бэлиэтэннэ. Ыалдьыбыт дьону кытта алтыспыттар Рспотребнадзор уонна өрөспүүбүлүкэ балыыһаларын хонтуруолугар ылыныллылар.
Маны таһынан, Өлүөхүмэҕэ, Уус Алдаҥҥа — алталыы, Горнайга, Нерюнгрига — биэстии, Алдан, Амма, Аллайыаха, Үөһээ Дьааҥы, Бүлүү улуустарыгар, Ленскэй оройуонугар — түөртүү, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Мэҥэ Хаҥалас, Өймөкөөн улуустарыгар — үстүү киһи ыарыйда.
Үөһээ Халымаҕа — 2, Абый, Булуҥ, Орто Халыма, Таатта, Хаҥалас улуустарыгар биирдии киһи ыалдьыбыта бэлиэтэннэ.
COVID-19 анаалыһа бигэргэммит 2 киһи тыына быһынна.
Лабораторияларга 4 292 анаалыс, пандемия саҕаланыаҕыттан уопсайа 601 450 тест оҥорбуттар.