176 киһи коронавирустаата
Суһал штаб салайааччыта Ольга Балабкинэ бүгүҥҥү брифинигэр иһитиннэрбитинэн, ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр эбии 176 киһи коронавирустаата.
Дьокуускайга — 117, Ньурбаҕа — 10, Амма, Мэҥэ Хаҥалас уонна Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар — биэстии киһи ыарыйда. Маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар кэриэтэ коронавирустаабыт дьон баара бэлиэтэннэ. "РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бирикээһинэн уонна Роспотребнадзор методическай этиилэринэн, алтыспыт дьону изоляциялааһын, эмтээһин уонна өрөспүүбүлүкэ икки профилакторийыгар реабилитациялааһын үлэтэ ыытыллар», — диэтэ Ольга Балабкина.
Маны таһынан, Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Өймөкөөҥҥө — түөртүү, Кэбээйи, Нам улуустарыгар уонна Нерюнгри оройуонугар — үстүү, Булуҥ, Орто Халыма, Чурапчы улуустарыгар — иккилии уонна Уус Майаҕа биир киһи ыарыйда.
Ааспыт сууккаҕа коронавирустан икки киһи тыына быһынна.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар 5 707 анаалыс, пандемия саҕаланыаҕыттан уопсайа 579 293 тест оҥоһулунна.