17 сылаас тохтобул баар буолуо
Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччыта Алексей Корнилов соторутааҕыта саҥа туруоруллубут оптуобус сылаас тохтобулларын бэрэбиэркэлээтэ. Муус устар 8 күнүгэр буолбут көһө сылдьар мунньахха “ЯПАК” МУТ, “Главстрой” МКУ, Олохтоох дьаһалта Баай-дуол уонна сир сыһыаннаһыытыгар департамена уо.д.а. салаа бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
Мониторинг хаамыытыгар баһылык солбуйааччыта Алексей Корнилов саҥа сылаас тохтобуллар хайдах үлэлии туралларын бэрэбиэркэлээтэ уонна күн-дьыл туругуттан тутулуга суох тохтобулларга туруоруллубут оборудование гражданнар оптуобус күүтэр кэмнэригэр итиинэн хааччыйарын көрдө.
Саҥа үлэҕэ киириэхтээх сылаас тохтобуллар социальнай эбийиэктэртэн чугас, элбэх киһи мустар сиригэр туруоруллуохтара диэн Корнилов бэлиэтээтэ.
Кини эппитинэн, тохтобуллар тас көстүүлэрэ, дизайннара салгыы оҥоһуллуохтара, куорат тас көстүүтүгэр барсар гына тупсарыллан иһиэхтэрэ диэтэ.
Саҥа тохтобулларга иһирдьэ видео кэтээн көрүү, оптуобустар сырыыларын расписаниета, баһаарынай сигнализация, дьон олорор ыскамыайкалара, салгыны ыраастыыр рециркулятор, төлөпүөн сэрээттиир розетка бааллар, манна кыһын сылаас, сайынын сөрүүн салгын үрэр буолуоҕа.
Санатан эттэххэ, кулун тутар 24 күнүгэр Лермонтов, Поярков уонна Воинскай уулуссаларга үс сылаас тохтобул үөрүүлээх аһыллыылара буолан ааспыта.
Онон аны 17 саҥа тохтобул киирэрин куорат олохтоохторо уруйдуу көрсүөхтэрэ.