18.06.2020 | 17:47

16-с кыбаарталга өрөмүөн үлэтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Строительнай уокурукка элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тастарын, онно киирэр сирдэри өрөмүөннүөхтэрэ. Ол курдук, 16-с кыбаартал Рыдзинскай уул., 18/4, 18/7, 18/8 үлэ барыаҕа. Маныаха куорат бүддьүөтүттэн 298 633 солкуобай көрүллүбүт.

“Дьокуускай уокуруктарыгар уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ бырагыраама толоруллуутун туһунан иһитиннэрии тиэрдиллибитэ. Олохтоох салалта уорганнара реестргэ бастакы киириэхтээх эбийиэктэр испииһэктэрин  куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр Сулууспаҕа биэрбит буолуохтаахтар”,  – диэтэ дириэктэри солбуйааччы Татьяна Павлюковская.

Суол сорох сирдэригэр асфальт үөһээҥҥи дьапталҕалара алдьаммытын чөлүгэр түһэриигэ болҕомто ууруллар. Онно куорат бүддьүөтүттэн 2 мөлүйүөн 855 тыһыынча көрүллүбүт.  Ол курдук, Бурнашов уулуссатыттан Жорницкай уул., 7/10 диэри учаастак хабыллыаҕа.

“Рыдзинскай уонна Бурнашов уулуссатын учаастагын грейдеринэн тэҥнээтилэр. Күһүҥҥэ диэри үлэ тохтообокко барыаҕа. Кыбаартал иһинээҕи суоллар дьаамаларын өрөмүөннүөхпүт,  – диэтэ Строительнай уокурук Управлениетын салайааччыта Савва Михайлов.

Үп-харчы “2020 сылга “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук ОДьКХ-тын үлэлэтии уонна сайыннарыы” муниципальнай бырагырааматтан көрүлүннэ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....