01.07.2020 | 08:58

15 тыһ. дьиэ кэргэн эбии төлөбүрү ылла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, үстэриттэн сэттэлэригэр диэри саастаах оҕолорго пандемия кэмигэр көрүллэр эбии төлөбүрү Саха сирин 15 тыһыынча кэриҥэ дьиэ кэргэнэ тутта.

«Ыам ыйын 20 күнүттэн, бу төлөбүрү ылыыга 40 тыһыынчаттан тахса сайабылыанньа киирдэ. Бэс ыйын 25 күнүн туругунан, буосуобуйа 15 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ ананна. Эбии төлөбүр уопсайа 21 тыһыынча оҕоҕо төлөннө», — диэн СӨ үлэҕэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Анаммыт босуобуйалар уопсай суумалара 781,4 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспитэ бэлиэтэнэр.

Бу төлөбүр үс сааһыттан сэттэ сааһыгар диэри оҕолордоох, сайабылыанньа бэриллиэн иннинээҕи сыл иккис кыбаарталын түмүгүнэн, биир киһиэхэ ирдэнэр тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ көрүллэр.

Хотугу уонна арктическай оройуоннар олохтоохторугар олох таһымын алын кээмэйэ – 20 044 солкуобайга тэйнэһэр (I зона), атын оройуоннарга – 16 780 солкуобай (II зона).

Биир оҕоҕо көрүллэр ыйдааҕы төлөбүр кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50 %-гар тэҥнэһэр: I зонаҕа – 10 274 солкуобай, II зонаҕа – 8 651 солкуобай. Дьиэ кэргэн үһүттэн сэттэтигэр диэри хас да оҕолоох буоллаҕына, босуобуйа хас биирдии оҕоҕо ананар.

Ыйдааҕы эбии төлөбүрү ыларга судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө сайабылыанньа биэрии ирдэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....