06.03.2021 | 14:20

12 саҥа оскуола тутуллуоҕа

12 саҥа оскуола тутуллуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга 12 саҥа оскуола тутуллуоҕа. Оскуолалар бары судаарыстыбаннай уонна чааһынай партнерство бырагырааматынан үбүлэниэхтэрэ.

Ол курдук, Пирогов уулуссатыгар, Сэргэлээх шоссетыгар, Олег Кошевой уулуссатыгар, 153-с кыбаарталга (ДСК), Хатаска, Чайковскай уулуссатыгар, Новопортовской уулуссатыгар, Билибин уулуссатыгар, Табаҕаҕа, Маҕанныыр суолга, «Севернай» оройуоҥҥа, Тулагыга саҥа оскуолулар тутуллуохтара. Ону таһынан 12-с, 5-с, 26-с, 29-с уонна Хатастааҕы оскуолалары кэҥэтиэхтэрэ.

Баҕалаах оҕо ахсааныгар миэстэ тиийбэт кыһалҕата быйыл ордук сытыытык турбут 17-с оскуолаҕа сыһыары тутууну оҥорор туһунан боппуруос көрүллэр. "Прометей" микрооройуоҥҥа эмиэ тыһыынча оҕону батарар оскуола тутуллан эрэр.

2026 сылга диэри, былаан быһыытынан, Дьокуускайга 15 тыһыынча саҥа үөрэх миэстэтэ тахсыахтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...