05.12.2022 | 18:00

11 ый иһигэр 10 622 оҕо төрөөтө

11 ый иһигэр 10 622 оҕо төрөөтө
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр быйыл  11 ый иһигэр 10 622 оҕо төрөөтө, ол иһигэр сэтинньи ыйга – 1 064 диэн СӨ Баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Ийэ сылыгар төрөөбүт 10 622 оҕоттон 5 455-һэ – уол, 5 167-тэ – кыыс.

ЗАГС управлениетын дааннайдарынан, сэтинньи ыйга төрөөбүт уолаттары үгүстүк Лев, Михаил, Айтал, Максим, Марк, Богдан, Дамир, Тимур уонна Дьулуур диэн ааттаабыттар. Сэдэх ааттар – Агний, Альяса, Билол, Ерофей, Конон, Леонардо, Оскар, Рихард уонна Эркээни.

Кыргыттарга саамай тарҕаммыт ааттар – София, Аделина, Ева, Милана, Алиса, Мия уонна Виктория. Сэдэх ааттар – Ангел, Велимира, Верджиния, Кайя, Лагерта, Марелла, Нина-Чиома, Томирис уонна Ярина.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...