10.01.2024 | 10:00

11 тыһыынча кырачаан 2023 сылга Саха сиригэр төрөөбүт

11 тыһыынча кырачаан 2023 сылга Саха сиригэр төрөөбүт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр ааспыт 2023 сылга уопсайа 11 087 кырачаан күн сирин көрбүт, ол иһигэр: 5 627 уол, 5 460 кыыс, 111 икки игирэ, 1 үс игирэ. Бэлиэтээн эттэххэ, саамай элбэх, 884 оҕо сыл бүтэһик ыйыгар төрөөбүт: 437 уол уонна 447 кыыс. 
СӨ ЗАГС управлениетын чахчытынан, 2023 сылга төрөппүттэр ордук чаастатык уолаттарын Матвей, Тимур, Александр, Максим, Марк, Мирон, Артём, Владимир, Михаил уонна Роман, кыргыттарын София, Виктория, Ева, Мичийэ, Анна, Алиса, Амелия, Амина, Варвара уонна Мия диэн ааттарынан сүрэхтээбиттэр.
Оттон сэдэх ааттарынан уолаттарга Аким, Вадим, Гаврил, Демид, Леонид, Никита, Платон, Родион, Святослав, Трофим, кыргыттарга Алексия, Вилена, Есения, Ксения, Лера, Майя, Нина, Олеся, Снежанна уонна Яна буолбуттар. 
Санатар буоллахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Уһук Илин регионугар уонна Арассыыйа субъектарыгар оҕо төрөөһүнүгэр инники күөҥҥэ сылдьар, былырыын Ыһыах күн нэһилиэнньэбит ахсаана 1 мөлүйүөн киһиэхэ тиийбитин бэлиэтээбиппит. Нэһилиэнньэ үйэтэ эмиэ Арассыыйа орто көрдөрүүтүн куоһаран, 73,5 сааска тиийдэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...