11 оскуола хапытаалынай өрөмүөҥҥэ субсидия ылыаҕа
Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин 58 эбийиэгиттэн киин куорат 11 оскуолата хапытаалынай өрөмүөн испииһэгэр киирдэ. Ол иһигэр – Саха политехническай лицей, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия, 10-с, 20-с, 21-с, 23-с, 27-с, 31-с, 33-с, 36-с уонна Мархатааҕы 1-гы №-дээх оскуолалар. Бу туһунан Yakutskcity.ru иһитиннэрдэ.
Ити сыалга Саха сирэ федеральнай бүддьүөттэн 2 млрд. 842 мөл. 921 тыһ. солкуобайы хапытаалынай өрөмүөҥҥэ уонна 58 оскуоланы хааччыйыыга ылыахтаах.
«Сүүмэрдээһин түмүгүнэн 2022-2023 сыллардааҕы испииһэккэ ыйыллыбыт үөрэҕирии бары 58 эбийиэгэ киирдэ. Ити бырабыыталыстыба, үөрэҕирии Министиэристибэтин, тутуу Министиэристибэтин, оскуолалар уонна өрөспүүбүлүкэбит үөрэҕириигэ Управлениеларын хамаанданан үлэлэрин түмүгэ буолар», – диэн бэлиэтээбит Ил Дархан Айсен Николаев.
Бырагыраамаҕа хапытаалынай өрөмүөн эрэ буолбакка, оскуолалары миэбэлинэн уонна тэрилинэн хааччыйыы кытта киирэр.
Санатар буоллахха, бэс ыйыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бырабыыталыстыбаҕа уонна регионнарга, тыа сирин үөрэҕирии тэрилтэлэрин чорботон, оскуолалар хапытаалынай өрөмүөннэрин анал бырагыраамаларын бэлэмнииллэригэр сорудахтаабыта. Кини Арассыыйаҕа оскуола 72%-на өрөмүөҥҥэ, оттон 10%-на хапытаалынай өрөмүөҥҥэ наадыйалларын бэлиэтээбитэ.