07.10.2024 | 15:51

107 уонна 109 №№-дээх оптуобустар саҥа графигынан сылдьаллар

107 уонна 109 №№-дээх оптуобустар саҥа графигынан сылдьаллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта «Куорат тырааныспарын сулууспата» МХТ иһитиннэрэринэн, бүгүҥҥүттэн, алтынньы 7 күнүттэн, Жатай хайысхатынан айанныыр 107 №-дээх («Дьокуускай (Медкиин)-Жатай (Захаровка)» уонна 109 №-дээх («Дьокуускай-Жатай (Захаровка)» муниципальнай оптуобустар уларыйбыт графигынан сылдьаллар.


109 №-дээх оптуобус расписаниета
«Дьокуускай-Жатай (Захаровка)»
Үлэ күннэригэр

Автовокзалтан:
7-00, 8-00, 8-30, 9-10, 10-00, 11-30, 12-00, 12-30, 13-00, 14-30, 15-00, 15-30, 16-00, 17-30, 18-00, 18-30, 19-00, 20-40, 21-20.
Жатайтан:
6-50, 7-05, 7-50, 8-20, 9-30, 10-00, 10-30, 11-30, 13-00, 13-30, 14-00, 14-30, 16-00, 16-30, 17-00, 17-20, 19-00, 19-20, 20-00, 20-30, 21-45, 22-25.


Субуота, өрөбүл, бырааһынньык күннэргэ

Автовокзалтан:
7-00, 7-55, 8-30, 9-10, 10-00, 12-00, 12-30, 13-00, 15-00, 15-30, 16-00, 18-00, 18-30, 19-00, 21-20.
Жатайтан:
6-35, 7-05, 7-50, 8-20, 9-15, 10-00, 10-30, 11-30, 13-30, 14-00, 14-30, 16-30, 17-00, 17-20, 19-20, 20-00, 20-30, 22-25.


107 №-дээх оптуобус расписаниета
«Дьокуускай (Медкиин)-Жатай (Захаровка)»

Медкиин тохтобулуттан:
17-30, 20-15.
Жатайтан:
6-35, 7-25 Б.Сф., 7-45 Зах.,18-45, 21-15.


Санатар буоллахха, сэтинньи ыйтан Дьокуускай куорат уопсастыбаннай тырааныспарыгар кэккэ уларыйыылар киириэхтэрэ – куорат сорох оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан сылдьан саҕалыахтара. Ол куорат иһигэр сүүрэр 9 маршрут сырыытыгар сыһыаннаах: 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35. Маны сэргэ, 12-с уонна 110-с №-дээх саҥа маршруттар баар буолуохтара. Ол туһунан «Киин куорат» хаһыат бу чэппиэрдээҕи таһаарыытыгар сиһилии ааҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....