19.02.2022 | 17:00

100 сылга — 100 алмаас

100 сылга — 100 алмаас
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

2019 сылтан СӨ Бырабыыталыстыбата уонна АЛРОСА хампаанньа үбүлүөйгэ бэлэмнэнии чэрчитинэн “Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар – 100 алмаас” диэн бырайыагы биллэрбиттэрэ. Ол курдук, Саха сиригэр көстүбүт 100 бөдөҥ алмааска өрөспүүбүлүкэ киэн туттар, биллэр-көстөр дьонун аата иҥэриллэр.

2019 сыл муус устар 27 күнүгэр бастакынан “Интернациональнай” рудникка көстүбүт 118 караттаах алмаас саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, бастакы драматург Анемподист Софронов-Алампа аатын үйэтиппитэ. Бу аҕыйах хонуктааҕыта «Юбилейнай» рудниктан булуллубут 88,17 караттаах алмааска Социалистическай үлэ Геройа Алексеев Михаил Федоровичка иҥэрилиннэ.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....