10 туонналаах массыыналар сырыылара аһаҕас
Мууһунан туоруур айан суола СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин бирикээһигэр олоҕуран аһыллар. Муус халыҥыттан, халлаан туруга хайдаҕыттан көрөн ити болдьох уларыйыан сөп.
Убаастабыллаах гражданнар, оҥоһуллубут мууһунан туоруур айан суолунан сылдьыҥ уонна информационнай бэлиэлэри булгуччу тутуһуҥ. Официальнай, анаан оҥоһуллубут туоруур суолтан атын сиргэ, ким даҕаны эһиэхэ куттал суоһаабатын мэктиэлээбэт.
Көҥүлэ суох мууһунан айан иһин СӨ КоАП 9.10 ыст. административнай эппиэтинэс уонна ыстараап көрүллэр: гражданнарга – 3-5 тыһыынча солкуобай; дуоһунастаах сирэйдэргэ – 20-50 тыһыынча солкуобай; юридическэй сирэйдэргэ – 100 тыһыынчаттан 1 мөлүйүөн солкуобайга диэри.
Быһылааҥҥа түбэспиттэр «112» Биир кэлим экстреннэй сулууспа нүөмэригэр биллэриэхтээхтэр.