04.02.2021 | 18:48

1-кы оскуола саҥа дьиэни туруорсар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Евгений Григорьев Октябрьскай уонна Киин уокуруктар олохтоохторун көрдөһүүлэринэн Дьокуускай куорат 1 №-дээх орто оскуолатын салалтатын уонна төрөппүт кэмитиэтин кытта көрүстэ.

Дириэктэр Таисия Горохова бэлиэтээбитинэн, 1941 сыллаахха тутуллубут  оскуола дьиэтэ олус эргэрдэ. Кини 12 сыл устата салалтаттан көмө көрдүү сатаабыттарын, боппуруос күн бүгүҥҥэ диэри быһаарылла илигин кэпсээтэ.

Мунньах кыттыылаахтара оскуоланы бөҕөргөтөр, чөлүгэр түһэрэр үлэ бырайыагын, сметатын, экспертиза түмүгүн, о.д.а. докумуоннары көрдүлэр-иһиттилэр. 

Куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу саҥа оскуоланы тутар ордук тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ.

«Экспертэр этиилэрин истэн баран, бу дьиэҕэ бөҕөргөтөр, чөлүгэр түһэрэр үлэ кыаллыбат диэн түмүккэ кэллибит. Билигин оҕолор үөрэнэллэригэр эбии миэстэлэри таһаарарга “Метелица” клиникатын атыылаһар, ону таһынан эбии үөрэхтээһин эбийиэктэрин Горькай уулуссатын 98/1 нүөмэрдээх дьиэтигэр көһөрөр  туһунан боппуруоһу көрөбүт. Сотору кэминэн быһаарыахпыт», – диэтэ Евгений Николаевич.

Төрөппүт кэмитиэтэ куорат салалтатыгар махтанна.

«Өрөспүүбүлүкэбит Бырабыыталыстыбата биһигини уонна куорат дьаһалтатын өйүө диэн эрэнэбит», – диэтилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...