16.06.2024 | 11:29

1 №-дээх оскуола тутуута тэтимнээхтик саҕаламмыт

1 №-дээх оскуола тутуута тэтимнээхтик саҕаламмыт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ленин проспегар тутуллар 250 миэстэлээх 1 №-дээх оскуола бастакы сыбаайата бу саас муус устар 27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга саайыллыбыта.
Бэлиэтээн эттэххэ, оскуола Арассыыйа бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев сорудаҕынан тутуллар. Тутууну «СӨ судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспата» ГКУ ыытар.
Бу күннэргэ куорат баһылыга Евгений Григорьев тутуу балаһааккатыгар сылдьан, балтараа эрэ ый иһигэр элбэх үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. Евгений Григорьев санатарынан, Дьокуускай куоракка бүгүҥү күҥҥэ 2030 сылга диэри олоххо киириэхтээх маастар-былаан 90 бырайыагыттан 33-һэ саҕаламмыт. Оттон 1№-дээх оскуола 2025 сыл күһүнүгэр номнуо үлэҕэ киириэхтээх. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...