Ыраас куорат туһугар
Халтурин уулуссатын 22/2 нүөмэрдээх дьиэтин олохтоохторо бүгүн, ыам ыйын 19 күнүгэр, күргүөмүнэн субуотунньукка таҕыстылар.
Бу дьиэ 4 подъеһыгар 330 кыбартыыра баар. Дьиэ куорат бүддьүөтүн үлэһиттэригэр анаан тутуллан, 2018 сыллаахха киирбитэ. Онтон ыла саас аайы олохтоохтор тэлгэһэлэрин куруук ыраастыыллар, харбыыллар, таарыйа бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэллэр.
Ол эрэн бу дьиэ араас кыһалҕата элбэх. Кылгастык кэпсээтэххэ, саамай улахан кыһалҕанан дьиэҕэ кэлэр айан суола буолар. Халтуринтан Семилетка уулусса быһа охсуһуутугар диэри 300-кэ миэтэрэ суолунан киһи массыынаҕа олорон икки илиитинэн тутуспакка эрэ айаннаабат, истирээлинэй массыына дуоскатынан айан диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ. Аны Семилетка уулуссаҕа туораан дьиэҕэр кэлиигэр эмиэ барыта дьаама. Иллэрээ сыллааҕыта бастакы мэндиэмэҥҥэ “Калинка” диэн уһуйаан аһыллыбытыгар, дьаһалта үлэһиттэрэ кэлэн үөрэн-көтөн лиэнтэ быһан баралларыгар анаан, суолбутун бэрт түргэнник астара охсон кэбиспиттэрэ. Тойон-хотун бэрт сымнаҕастык айаннаан кэллэҕэ. Ол айыыта онон. Аҕыйах миэтэрэ сылын аайы кыайтарбат, оҥоһуллубат.
Дьиэттэн оптуобус тохтобулугар барарга икки суол баар. Онтон биирин - Дзержинскэй уулуссаҕа тахсыыны - ыалларбыт, Дзержинскэй уулусса 57 нүөмэрин олохтоохторо, араастаан бүөлээн, сыбаайа быраҕан, онтон олох да тимиринэн сыбааркалаан, нэһиилэ киһи кытыытынан сылдьар оҥорбуттара. Эгэ, кэлээскэлээх ийэлэр, тайахтаах кырдьаҕастар сатаан сылдьыахтара дуо? Этэргэ дылы, былыргылыы сир былдьаһыытын курдук балаһыанньа үөскээбитэ. Халтурин олохтоохторо сыбааркалаабыт сири көтүрэллэр, анараалар тута сыбааркалаан иһэллэр. Билигин арыллыбыт курдук буолан турар. Аны ол сиринэн барыыга умайбыт дьиэ турара олус хараастыылаах. Бу дьиэни уун-утары “Северные звездочки” оҕо уһуйаана турар. Умайбыт дьиэ чааһынай бас билии буолан, ким да көтүрбэт, бэрт улахан сыананы хаһаайын көрдүүр дииллэр. Бу дьиэ иһэ-таһа барыта бөх, ону бүгүн олохтоохтор хомуйан-хомуйдулар. Аны туран, бу дьиэҕэ эдэрдэр, араас күлүгээттэр мустар сирдэрэ буолла. Онон ааһан да иһэр киһиэхэ, оҕоҕо олус кутталлаах. Оттон түннүгүнэн оҕолор бу балаһыанньаны көрөллөрүн этэ да барбаккын.
Куорат үөһүгэр тахсар иккис суолбут - Строителей уулуссанан ЯКСМК тохтобулугар тахсыы. Манна ЯГИТИ салалтата дуу, тимир олбуору саайан бүөлээн кэбиспитэ. Хата, биир тахсар хайаҕас хаалларбыта. Онтубут бөх дьааһыктарынан ааһыы. Аны онно, сэрэйбиккит буолуо, кыһыннары-сайыннары ыттар мустан аһыыр, үссэнэр сирдэрэ. Онон куттана-куттана, тула өттүгүн көрүнэ-көрүнэ ааһаҕын.
Дьэ, ити курдук үс өттүттэн харгыстар, мэһэйдэр баар буоллаллар да, олохтоохтор бэрт көхтөөхтүк субуотунньуктаан, ыраас куораппыт туһугар туруулаһан олоробут.
Бу сытыы кыһалҕабыт салалта хараҕар хатанан, ааҕыллан, сөптөөх миэрэлэр ылыллаллара буоллар, олохтоохтор махтаныа этибит.
Куорат хаһыатыгар анаан, Халтурин уул., 22/2 дьиэ олохтоохторо