Ыччаты үлэлэтии иһин субсидия ылыахтара
Дьокуускай куораттааҕы прокуратура иһитиннэрбитинэн, 2022 сылга эдэр дьону үлэҕэ ылбыт хампаанньалар уонна тэрилтэлэр наймылаһыыны субсидиялыыр бырагыраама чэрчитинэн судаарыстыбаннай өйөбүлү ылыахтара.
Үлэҕэ ылыллыахтаах категорияҕа 30 саастарыгар диэри орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын бүтэрбит, үлэҕэ уопута суох ыччат, итини сэргэ орто уонна үрдүк үөрэҕэ суох эдэр дьон, инбэлииттэр, тулаайах оҕолор, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолордоох төрөппүттэр киирэллэр.
Субсидия, оройуон коэффициенын, страховой усунуоһу уонна үлэҕэ ылыллыбыт дьон ахсаанын эбэн туран, хамнас үс алын кээмэйигэр тэҥнэһиэҕэ. Үлэнэн хааччыйааччы бастакы төлөбүрү эдэр киһи биир ый, иккиһи – үс ый, үсүһү – алта ый үлэлээбитин кэнниттэн ылар бырааптаах. Судаарыстыбаннай өйөбүлүнэн туһанар курдук, үлэнэн хааччыйааччы Дьарыктаах буолуу киинин кытта үлэлэһэн, киниэхэ наадалаах исписэлиистэри сүүмэрдиир.
Итини дистанционнай көрүҥүнэн тус кэбиниэт нөҥүө «Работа России» портаалга киирэн оҥоруохха сөп. Ол кэнниттэн субсидия тыырыытынан уонна төлөбүрүнэн дьарыктанар Социальнай страхование пуондатыгар сайабылыанньа ыытыллар. Итини эмиэ дистанционнайдык, «Соцстрах» систиэмэ нөҥүө ыытыахха сөп.
Наймылаһыыны субсидиялыыр бырагыраама 2021 сыллаахха кулун тутар ыйга саҕаламмыта. Ити миэрэ чэрчитинэн үлэнэн хааччыйааччылар үөрэхтэрин 2020 сылга бүтэрбиттэри уонна үлэтэ суохтары ылан, субсидиянан туһаммыттара.
Ити быһаарыы үлэнэн хааччыйааччылары өйүөҕэ уонна ыччат үлэни түргэнник буларыгар көмөлөһүөҕэ.