19.09.2023 | 13:00

Ыччат технологическай конференцията саҕаланна

ХИФУ базатыгар «Biomed Polygon» Ыччат технологическай конференцията саҕаланна диэн университет пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ыччат технологическай конференцията саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Конференцияҕа 53 устудьуон уонна үөрэнээччи кыттар,  25 бырайыак киирдэ, бириистээх пуонда суумата – 60 тыһыынча солкуобай.

«Сүрүн сыалбыт – каадыры бэлэмнээһин, ыччаты биотехнология эйгэтин практическай, прикладной үлэтигэр уһуйуу. Устудьуоннар туох  материальнай кыах баарын, үбүлээһининэн өйөбүл хайдах оҥоһулларын билиэх уонна өйдүөх тустаахтар. 120 регистрацияламмыт кыттааччыттан 53 киһини сүүмэрдээтибит, 50-ча бырайыак регистрацияламмытыттан 25-һи таллыбыт», – диэтэ тэрийээччи, ХИФУ Мединститутун медицинскэй биотехнологияларга лабораториятын старшай научнай сотруднига Иван Троев.

Киирбит бырайыактары академик Ю.М. Лопухин аатынан Федеральнай медико-биологическай агентство сүрүннүүр научнай сотруднига Ольга Лебедева сыаналыаҕа уонна фундаментальнай наукаҕа олоҕуран хайдах уларытыахха сөбүн сүбэлиэҕэ.

«Оҕолор биотехнологияҕа интириэстээхтэрин көрөр үөрүүлээх. Түмүккэ үчүгэй үлэлэри көрүөхпүт диэн эрэнэбит. Кыттааччыларга маннык тэрээһин, балаһаакка улахан табыллыынан буолар. Тоҕо диэтэххэ урукку кэмҥэ коммерческай партнердары, научнай сөптөөх сыһыаны булар уустук этэ», – диэтэ кини. Конференция чэрчитинэн Ольга Лебедева маастар-кылаастары ыытыаҕа.

Нэдиэлэ устата кыттааччылар дьүүллэһэр балаһааккаларга, семинардарга сылдьыахтара, лабораторнай үлэни ааһыахтара, бырайыактар научнай концепцияларынан федеральнай уонна регионнааҕы экспертэртэн сүбэ-соргу ылыахтара. Тиһэх түһүмэҕинэн «ЭКСПО: аһаҕас аан күнэ» балаһаакка буолуоҕа. Итиннэ ким баҕалаах сылдьыан сөп.

Конференция түмүгэ балаҕан ыйын 23 күнүгэр, бырайыактар сүрэхтэниилэригэр тахсыаҕа. Бастыҥ кыттааччылар дьоҕус гырааннарынан, бириистэринэн наҕараадаланыахтара, бырайыактарын сайыннарыыга көмөнү ылыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...