06.04.2020 | 08:30

Ыалдьыбыт киһи ахсаана 9 буолла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү брифинигэр иһитиннэрбитинэн, Дьокуускайга  коронавируһунан ыалдьыбыт киһиттэн 6–та үтүөрэн дьиэтигэр таҕыста. 9 киһи үтүөрэргэ бардылар, туруктара үчүгэй. Эрдэ Нидерландыттан кэлэн, бэйэтэ дьаһанан “самоизоляцияҕа” олорбут, Саха сирин олохтооҕо анаалыһа “положительнай” буолла. Анаалыһын салҕыы Новосибирскайга “Вектор” лабораторияҕа бэрэбиэркэҕэ ыыттылар. Бу киһи алтыспыт дьоно бары бэрэбиэркэни аастылар.

Муус устар 1 күнүттэн тас дойдуттан кэлбит дьону тута обсерваторга киллэрэллэр. Оттон Арассыыйа атын регионнарыттан кэлбит дьон “самоизоляцияҕа” бэйэлэрэ барыахтаахтар.

Оскуолаларга ыраахтаан үөрэнии ньымата киирдэ, төрдүс чиэппэр саҕаланна. Саха сирин 10 бырыһыана интэриниэт сибээһэ мөлтөх эбэтэр букатын суох. Оннук нэһилиэктэргэ учууталлар сорудах тарҕатыахтара биитэр кыра бөлөхтөрүнэн (12 киһиттэн элбэҕэ суох мустан) үөрэниэхтэрэ.

МФЦ үлэлээтэ. Ол эрэн билигин МФЦ электроннайынан оҥоһуллубат эрэ өҥөлөрү, эрдэ суруттаран уочараттааһын бэрээдэгинэн оҥорор. Электроннайынан оҥоһуллар өҥөлөрү биири да толорбот.

Ил Дархан быһа сибээскэ таҕыстаҕын аайы дьон аэропорду сабарыгар көрдөһөллөр. Арассыыйа регионнарыгар ыалдьыбыт киһи ахсаана эбиллэ турар. Ол эрэн биир да регион халлаан суолун саба илик. Бөдөҥ авиахампаанньалар рейстэрин аччаттылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...