Венера Софронеева: «Сусаннаны ис-испиттэн арыйдым”
“Саха” НКИХ көрөөччүлэрэ хас киэһэ ахсын “Хаһан сайын буоларый” диэн сериалынан олорор буоллулар. Билиҥҥи кэми, дьиҥ олоҕу көрдөрөр буолан, нэһилиэнньэ интэриэһин сүрдээҕин тарта.
Ханнык баҕарар киинэҕэ үтүө уонна омсолоох дьоруой баар буолар. Көрөөччү ордук Сусаннаттан кыһыйда-абарда. Ол аата артыыс уобараһын дьиҥнээхтик, итэҕэтиилээхтик арыйдаҕа. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр сериалга Сусанна оруолун толорбут Венера Софронеева @venerasofroneeva ыалдьыттыыр.
ИНЖЕНЕР ИДЭЛЭЭХ КЫЫС
- Тыый! Букатын даҕаны оруолгуттан таһы-быһа эйгэлээх киһи эбиккин дии, бэйэн тускунан ааҕааччыларбытыгар сырдата түһэриҥ буоллар.
- Мин Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпин, аҕам Кэбээйи Тыайатыттан силистээх. Алын кылаастага үөрэнэ сырыттахпытына Туймаада хочотугар көһөн кэлбиппит. Саха гимназиятын бүтэрбитим. Онтон М.К. Аммосов аатынан ХИФУ иженернэй-техническэй факультетыгар үөрэнэн, 2014 с. инеженер идэтин баһылаабытым. Ол кэннэ идэбинэн түөрт сыл үлэлээн бараммын, айар эйгэҕэ ордук чугаспын диэн санаанан салайтаран, хаартыскаҕа түһэриинэн уонна видеоҕа устуунан дьарыктана сылдьабын. Ордук мэтириэти, дьиэ кэргэн үөрүүтүн, оҕо аймах минньигэс мичээрин, төрүүр дьиэттэн тахсар ийэлэри, аймахтары умсугуйан туран түһэрэбин. Кэнники кэмҥэ хаартыскаҕа түһэрии туспа искусствоҕа кубулуйда дии саныыбын.
ҮС ТУРГУТУКТААХ ОРУОЛГА ТИКСИИ
- Сериал уста сылдьалларын хантан билэн тиийбиккин кэпсээ эрэ.
- Эдьиийим “НВК-ҕа саха сериалыгар кастинг ыытыллар эбит, онно холонон көрбөккүн дуо?” – диэн бассааптаабыта. Сонуна ааһа илигинэ “Саха” НКИХ саайтыгар киирэн, биллэриини ааҕан баран, кинилэр ирдээбиттэрин түһэрэммин ыыппытым. Сотору буолаат, сахалыы сериаллары салайар Марина Пермякова эрийэн, кэлэ сырыт диэбитэ. Аан маҥнайгы ыйытыылара “Сусанна оруолун кыайаҕын дуу, суох дуу?”, “Дьонуҥ хайдах ылыналларый, кэргэниҥ күнүүлээбэт дуо?” диэн этэ. Чэ, кэргэҥҥин кытта кэпсэт диэн буолла. Кэргэним тута ылынан, өйдөөн, сөбүлэҥин биэрбитэ. Маҥнай бэлэм тиэкиһи биэрбиттэрин кэннэ камера иннигэр тиийэн уһуллан көрбүтүм. Уопсайа үс тургутугу ааһан, Сусанна оруолугар тиксибитим.
БАҔА САНАА САЛАЙЫЫТА
- Мин артыыс үөрэҕим суох да буоллар, баҕам көмөтүнэн оруолу арыйдым дии саныыбын. Итиэннэ режиссербут Радамира Афанасьева сааһылаан, ымпыгын-чымпыгын итэҕитиилээхтик тириэрдэн бу оруол таҕыста. Режиссер биһиэхэ, артыыстарга, сыана хайдах буолуохтааҕын барытын ыйан-кэрдэн, көрдөрөн биэрбитэ. Биллэн турар, турукка киирии бэйэтэ туспа буоллаҕа дии. Киһи ылла даҕаны Сусанна оруолун арыйар кыаҕа суох, хаста даҕаны ааҕан, уйулҕатын билэн баран биирдэ киирэҕин. Миигин кытта бииргэ үлэлэспит бөлөххө туспа махталбын тиэрдэбин. Кырдьык, хас биирдии артыыс оруолун олус итэҕэтиилээхтик арыйда. Инньэ гынанайымньылаах үлэбит сэҥээриини ылыан ылла.
ДЬИЭ КЭРГЭН БИГЭ ТУРУГА
- Сериалбыт сүрүн соруга тугуй?
- Сериалга дьиэ кэргэн мэтириэтэ ойууланар. Төрөппүт дьиэ кэргэҥҥэ сыаннаһа, оҕону кыратыттан сөптөөхтүк иитии, киһи буолан тахсарыгар көмөтө. Ону таһынан ийэ уонна аҕа сыһыаннарын, оҕо уонна төрөппүт уйулҕатын көрдөрөр. Олоҕу сиэрдээхтик олорууга үөрэтэр. Биллэрин курдук, хас биирдии киһи килбэйэн тахсарыгар дьиэ кэргэн оруола бастакы миэстэҕэ турар.
СУСАННА МИЭХЭ УТАРЫ МАЙГЫЛААХ
- Сусанна өйө-санаата, толкуйа миэхэ утары этэ, онон олус интэриэспин тардыбыта. Бэйэм хайдах киһибин сатаан ойуулаабаппын эрээри, бу кыыс миэхэ майгыннаабат. Оруол буоллаҕа дии... Сорох-сорох дьон олус чугастык ылыммыт. Ол эрээри дьиҥ олоххо Сусанна курдук мэтириэттэр, Натальялаах курдук тыаттан киирбит дьон бааллар. Дьоҥҥо оруолбун арыйбыппыттан сүрдээҕин үөрэбин уонна кыһаллан туран, үлэ курдук өйдөөммүн, эппитинэһи сүгэммин барыта табылынна.
Сериалы сарсыадаттан киэһээҥҥэ диэри устар этибит. Күнү быһа Сусанна оруолун толоро сылдьаммын кини майгытыгар киирэн да хаалыахпын сөп этэ. Дьиэбэр барарбар кытта ыарахаттардаах буолааччы.
Уопсайынан, оруолга киирии уонна оруолтан тахсан барыы диэн туспа, атын эбит. Ити көрөрбүт курдук, Сусанна эмоцията, сирэйэ-хараҕа көрдөх ахсын уларыйа сылдьар дии... Ардыгар үөрэр, ардыгар ытыыр, хомойор.
ЧУГАС ДЬОН ӨЙӨБҮЛЭ
- Сериалга уһуллар чэпчэки диэбэккин, уустуктардаах. Күнүн хайдах саҕаламмытыттан, тугу аһаан-сиэн сылдьаргыттан кытта тутулуктаах. Чугас дьонуҥ эйигин өйүүр буоллахтарына, ылсыбыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэргэ кыһаллаҕын. Олоҕум аргыһа миигин бу сериал уһулларыгар сүрдээҕин өйөөтө. Бэйэм эмиэ туспа хотуннаах киһибин. Сериалы күн аайы көрө сылдьаллар, үчүгэйдик ылыннылар, астыналлар, бэйэлэрэ эмиэ режиссер үөрэхтээх буоланнар өйдүүллэр.
ДЬИҤ ОЛОХ ХАРТЫЫНАТА
- Дьон сериалы көрө-көрө: “Һуу! Маннык эрэ кийииттэммэтэх киһи!” – дииллэр үһү. Сорохтор сериал көрө олороннор кйииттэрин диэки кылап-халап гынан ылар түгэннэрэ баар. Ол да буоллар, дьиҥ баары көрдөрдөҕүҥ дии.
- Дьиҥ олоххо баары көрдөрөрбүн кытта сөпсөһөбүн. Ол эрээри Сусанна курдук майгылаах кыргыттар хайдах ылынан эрэллэрэ буолла, туох да диир кыах суох. Сүнньүнэн, үөрэтэр сыаллаах. Оннооҕор ити ийэлээх аҕа Сусаннаны ылымматтара көстөр дии, биир өттүнэн толкуйдаатахха дьикти. Сэмэн, Наталья, баҕар, муударайдара киирэн чугастык ылыанахтара эбитэ буолуо. Маны көрөн аҕам саастаах дьон эмиэ толкуйданыан сөп. Төһө даҕаны куһаҕан буолбутун иһин, саастаах киһи тыла тиийэр. Баҕар, кэпсэппиттэрэ буоллар, Сусанна киһи быһыытынан уларыйыа этэ.
- Көрөөччү Сусанна инникитин саныыр кыыс, күннээҕинэн олорбот, сырдыкка, үчүгэй олоххо тардыһар эбит дии саныыр.
- Сусанна, оҕо сааһа ыараханнык ааспыт буолан, олох бары очурдарын билэн улааппыта. Ол иһин кини бэйэтин эрэ көрүннэҕинэ бу олоххо киһи киһинэн эрэ олорор суоллааҕа. Биир бэйэм бу кыыһы олус аһынабын.
АРТЫЫС ИДЭТЭ – ХОББИ
- Артыыс идэтин талбатаххыттан кэмсинниҥ дуо?
- Суох! Бу дьарыкпын хобби курдук илдьэ сылдьыам диэн эрэнэбин. Ыҥырар буоллахтарына, биир эмит үчүгэй бырайыакка кыттыахпын сөп. Арай, артыыстары бэлэмниир дьарык баара буоллар, үөрүүнү кытары бастакынан суруйтарыам этэ.
СУСАННА КУРДУК ДЬОҤҤО:
- Оҕону кыра эрдэҕиттэн сиэрдээх буолууга эрдэттэн үөрэтиэххэ наада. Оҕону толору дьиэ кэргэҥҥэ, улахан истириэскэ киллэрбэккэ иитиэххэ наада. Дьэ, оччоҕо эрэ сиэрдээх, көнө майгылаах киһи буолан тахсыаҕа.
ИЭЙИИ
- Венера, хаартысканы түһэриигэ туспа иэйии киирэр дуо?
- Мин сахалыы ырыалары, киинэлэри көрөрбүн сөбүлүүбүн. Саха итэҕэллээх уонна төрөөбүт тылбын таптыыр буоламмын иэйии куруук баар. Арыт айылҕаҕа сынньана сырыттахпына иэйии уонна баҕа уһуктан кэлэр. Иэйиини киһи тугунан да тэҥнээбэт. Киһи барыта атын-атын. Ол иһин дьон иэйиини араастык ылынар.
Ити курдук, Сусанна оруолун толорбут Венера дьиҥ олоххо эргиччи иэйиилээх, туппутун тиһэҕэр тиэрдэр киһи диэн өйдөөтүм. Омсолоох дьоруойу киһи ылла эрэ арыйбат, онон Венераны талба талааннаах артыыс сылдьар диэн сэргии көрдүбүт, иһиттибит.