11.04.2022 | 16:00

Устудьуоннар этэрээттэрэ үлэ семестригэр бэлэмнэнэллэр

Устудьуоннар этэрээттэрэ үлэ семестригэр бэлэмнэнэллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр 2022 сыллааҕы сайыҥҥы үлэ семестригэр 2200-тэн тахса устудьуон үлэлиэҕэ, ити былырыыҥҥытааҕар 700 киһинэн элбэх. Баһаартан сэрэхтээх буолуу сезонугар туспа 300 байыастаах этэрээттэр тэриллэллэр. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Муус устар 4 күнүттэн устудьуоннар этэрээттэрин саҥа байыастара 21 хайысханан идэтийиигэ үөрэтиини ааһаллар, итиннэ суол оробуочайа, сибээһи таҥааччы (монтажник), сварщик, бетонщик идэлэрэ бааллар. Үлэ семестрин саҕаланыыта хас биирдии устудьуон оробуочай идэни баһылаабытын туһунан туоһу суругу тутуоҕа. «Арассыыйа устудьуоннарын этэрээттэрэ» регионнааҕы салаата 50-тан тахса тэрилтэни кытта үлэҕэ киирии дуогабардарын түһэрсэр былааннаах.

«Арассыыйа устудьуоннарын этэрээттэрэ» регионнааҕы салаатын штабын салайааччыта Айсен Соловьёв иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи кэмҥэ хампаанньалар тутууга, оройуон территорияларын тупсаран оҥорууга үлэлиир оробуочайдарга наадыйаллар. Итини кытта тыа хаһаайыстыбатын кооперативтара сайыҥҥы өттүгэр устудьуоннары үлэлэтэр баҕалаахтар.

Итини таһынан, Ленскэй оройуонун «Чаяндатааҕы» ньиэп-гаас хостуур сиргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы «Север» устудьуоннар тутуулара былааннанар. Итиннэ дойду араас регионнарыттан 600 байыас үлэлиэҕэ. Балыгынан дьарыктанар салаа Уһук Илин Бүтүн Арассыыйатааҕы, уокуруктааҕы уонна регионнар икки ардыларынааҕы бырайыактарыгар 100-тэн тахса байыас кыттыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....