24.05.2024 | 10:00

Урукку олохторугар төннүөхтэрэ, үтүө суолга үктэниэхтэрэ дуо?

Урукку олохторугар төннүөхтэрэ, үтүө суолга үктэниэхтэрэ дуо?
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 16 күнүгэр киин куоракка СӨ киһи быраабын көмүскүүр боломуочунайа уонна СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин көҕүлээһиннэринэн “Олоххун уларыт!” аахсыйа ыытылынна. Олорор дьиэтэ-уота, үлэтэ-хамнаһа суох уулуссаҕа ускул-тэскил сылдьар дьону көнө суолга сирдиир тэрээһин (урукку аата “Дьиэҕэ төннөр суол” диэн этэ) 12-с төгүлүн ыытылынна.

Социальнай көмөҕө наадыйан кэлбит дьону фтизиатр, терапевт, дерматовенеролог, нарколог, психиатр быраастар көрдүлэр. Аахсыйа кыттааччылара анаалыс туттардылар, ФЛГ түстүлэр. Хамыыһыйаны толору ааспыт дьоҥҥо сылаас ас, ыраас таҥас, туттар мал-сал, суунар тэрил түҥэттилэр. Тэрээһин туһунан сиһилии ааҕыҥ.

  

СӨ киһи быраабын көмүскүүр боломуочунай Сардана Гурьева иһитиннэрбитинэн, 2018 сылтан тиһигин быспакка ыытыллыбыт аахсыйаҕа 900 кэриҥэ киһи көмө көрдөөн кэлэ сылдьыбыт, онтон 90-на урукку олоҕор төннүбүт.  

 

Кинилэр кимнээхтэрий?

Уопсастыбаннай кэтээн көрөр хамыыһыйа чилиэнэ уонна УФСИН үлэһитэ ускул-тэскил олохтоох дьон уопсай мэтириэттэрин маннык ойуулаатылар:

– Сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүттэр, эр дьон аармыйаҕа сулууспалаан кэлбиттэр, үөрэммиттэр, үлэлээбиттэр, ыал буолбуттар... Онтон ыһыллыы, уларыта тутуу кэмигэр ким буруйу оҥорон, ким балыырга түбэһэн, хаайыыга киирэн тахсыбыт.  Салгыы арахсыы, дьиэтэ-уота, үлэтэ-хамнаһа суох хаалыы... Ускул-тэскил сылдьан докумуоннарын сүтэрбит, албыннаппыт элбэх. Бары кэриэтэ олохсуйбут ыарыылаахтар, ким аһаҕас баастаах (охсуһан, биилээҕинэн анньыллан), сорох эчэйиилээх. Үгүстэр (бары диэххэ сөбө дуу – Аапт.) аһыы утахха убаммыттар. Эр киһи элбэх. 35-тэн 65-гэр диэри саастаахтар, онтон эдэр эбэтэр кырдьаҕас биирдиилээн баар буолуон сөп.

УФСИН үлэһитэ хас сыл аайы бу дьону учуокка ылабыт, анкета толорторобут уонна ураты хонтуруолга тутабыт диэн кэпсээтэ. Маннык аахсыйалар төһө үтүө түмүктээхтэрий?

– Биллэн турар, бу дьон урукку олохторугар төннөллөрүгэр кыах бэриллэр. Ким эрэ докумуонун сөргүтэр, сорохтору социальнай тэрилтэлэргэ ылаллар, сорохтору наркология диспансерыгар ыыталлар. Кимиэхэ эрэ үлэ булан биэрэллэр. Маны таһынан, урут олорбут эбэтэр төрөөбүт нэһилиэктэригэр ыытыахтарын сөп. Холобур, бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ Үөһээ Бүлүү улууһуттан биир баһылык кэлбит этэ, үс киһини илдьэ барар курдук кэпсэтиини ыытар. Чэ, итинник курдук. Маннык аахсыйалар хайаан да ыытыллыахтаахтар, – диэтэ.

 

Тэрийээччилэр санаалара

Андрей Николаевич Черноградскай, Промышленнай уокурук салайааччытын солбуйааччы:

– Управа тэрийии үлэтигэр эппиэтинэстээх. Ол курдук, аахсыйа ыытыллар сирин-уотун бэлэмнээтибит, балааккалары туруордубут, остуоллары, устууллары тастыбыт.

Медицинскэй хамыыһыйаны ааспыт дьоҥҥо “Хоттей” кафетыгар астаммыт сылаас ас, итии чэй бэриллэр.

Биһиги уокурукпутугар ускул-тэскил сылдьар киһи элбэх. Биллэн турар, кинилэр үчүгэй олохтон манныкка тиийбэттэр. Бу курдук аһымал аахсыйалары ыытан, төһө кыалларынан көмөлөһө сатыахтаахпыт дии саныыбын. 

Аҕам хапытаан этэ...

Александр Иннокентьевич, 1970 с.т., 54 саастаах. Дьиҥэр, кини эмиэ хаһан эрэ ыал мааны оҕото этэ...

Аҕата хапытаан буолан, кини оҕо эрдэҕиттэн уу тырааныспарын билэн-көрөн улааппыт. Рулевой-моторист идэни баһылаан, Индигиир өрүскэ навигацияҕа үлэлээбит. Ону истэн сэҥээрбиппэр, хараҕа уоттана түстэ, бэл, куолаһа кытта уларыйда. “Көмүс хатырыктааҕынан баай да өрүс этэ, балыктаан биэрэр этибит”, – диэн курус гынна, оргууй өрө тыынан ылла. “Аҕам хапытаан этэ”, – диэн хаста да хатылаата.

Эдэр киһи аҕата өлүөҕүттэн кыралаан аһыы утаҕы амсайар буолбут...  Күөх моҕой кими харыстаабыт үһү?! Суох буоллаҕа. Бу утахха улам убанан, ыарахан ыарыыга ылларан испитэ. Тус олоҕор табыллыбатаҕа. Ол сылдьан хаайыыга түбэспитэ. Тахсыбыта – ийэтэ өлбүт, олорор дьиэтэ-уота суох хаалбыт. Навигацияҕа төттөрү ылбатахтар, онно-манна быстах үлэҕэ сылдьа сатаан баран, ыксаан, Дьокуускайга дьол көрдүү кэлбит... Манна даҕаны кинини ким да ытыс үрдүгэр түһэрэн көрсүбэтэҕэ. “Онтон ыла бу курдук сылдьабын”, – диир.

– Былырыын бу аахсыйаҕа эмиэ кыттыбытым, “Тирэххэ” ыыппыттара. Усулуобуйата үчүгэй этэ, ол эрээри (тохтоон ылар) кинилэр эрэсиимнэрэ миэхэ сөп түбэспэтэҕэ. Кими да таһаарбаттар, хаайыыга киирбит курдук, ханна да тахсыбакка сытыахтааххын. Ону сөбүлээбэтэҕим. Суунан-тараанан, аһаан-сиэн, таҥаспын уларыттан баран, айа, тэскилээбитим.

Бүгүн кэлэн медхамыыһыйаны барытын аастым, анаалыс туттардым, ФЛГ түстүм, хата, доруобуйам этэҥҥэ. Ыраас таҥас кэттим, бу аһыы олоробун. Плов, килиэп, итии чэй биэрдилэр, барыта минньигэс, – диэн кэпсээтэ.

“Урукку олоххор төннө сатаабаккын дуо?” диэн ыйытыыга саннын ыгдаҥнатар.   “Аны кэлэн миигин ким үлэҕэ ылыай, суох буоллаҕа. Сааһым да ыраатта... Пааспарым баар (сиэбиттэн хостоон көрдөрөр), атын докумуоннарым суохтар. Кимиэхэ наада буолуохпунуй?” – диэтэ уонна сапсыйан кэбистэ.

Сифилис, гепатит, сэллик ыарыылаахтар көһүннүлэр

Кристина Николаевна Кычкина, Өрөспүүбүлүкэтээҕи тирии, венерология диспансерын лабораториятын биэлсэр лаборана:

– Мин ВИЧ, сифилис, сэллик, В, С гепатит курдук ыарыылары быһаарар анаалыстары тута олоробун. Билиҥҥи туругунан 25 киһи туттарда. Түмүктэрэ 10-15 мүнүүтэнэн биллэр. Сифилис, гепатит буллубут. Үксэ эр дьон, эдэрдэр да, саастаахтар да бааллар. Биир 1998 с.т. эдэр киһи анаалыс биэрэн барда.

Биһиги балыыһабытыттан дерматолог, венеролог быраастар уонна СПИД киинтэн биир быраас кэллэ. Маннык аахсыйаларга сылга хаста да сылдьан үлэлиибит.

Саргылана Иннокентьевна Федотова, “Фтизиатрия” научнай-практическай киин учаастактааҕы медсиэстэрэтэ:

– Биһиги биригээдэбитин билиһиннэрдэххэ, сэбиэдиссэй, икки быраас, икки сиэстэрэ буолан кэллибит. Кэллиэгэ кыыһым биир киһини КТ илдьэ барда, мин бу анаалыс тутабын.

Дьону ФЛГ ыытабыт, куһаҕан түмүктээхтэри фтизиатрга киллэрэбит, быраас ыарыһах ханнык анаалыс туттарарын быһаарар, ону биһиги ылан, лабораторияҕа ыытан иһэбит. Чинчийии көрүҥэ элбэх. ФЛГ-ларын түмүгэ куһаҕан дьон салгыы “Фтизиатрия” киинигэр көмпүүтэр томограмматыгар бараллар. Субу түгэҥҥэ оннук үс киһи көһүннэ. Уруккуга тэҥнээтэххэ, аҕыйах курдук. Мантан киэһэ бу көрдөрүү, биллэн турар, уларыйыаҕа.

Ити икки ардыгар волонтердар хас да киһини арыаллаан аҕаллылар. Сиэстэрэ түбүгэ элбэх буолан биэрдэ.

Наркологка уочарат

Үрүҥ халааттаах исписэлиистэртэн нарколог бырааһы таба тутар уустук буолла. Саҥа кэпсэтэн истэхпитинэ, киһи кэлэ турар. Барыларын кытта уһуннук кэпсэтэр. Нэһиилэ быыс булан, аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүм. 

Серафима Николаевна Васильева, Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерын нарколог, психиатр бырааһа:

– Билиҥҥи туругунан 18 киһини көрдүм, онтон үс киһини стационарга ыыттым. Бары араас кыһалҕалаахтар. Ити эппит дьонум докумуоннарын сөргүтэллэригэр туһааннаах уорганнар көмөлөстүлэр.

Биллэн турар, маннык аахсыйалар ыытыллаллара туһалаах, үтүө түмүктээх. Холобур, былырыыҥҥы тэрээһинтэн алта киһини стационарга ыыппыппыт. Киирэн, эмтэнэн тахсыбыттара.

Бу диэн эттэххэ, сорох ыарыһахтары көрөн билэбин. Холобур, бүгүн соторутааҕыта биһиги балыыһабытыттан эмтэнэн тахсыбыт киһи кэлэн барда. Үлэ көрдөнө сылдьар эбит. Онон маннык аахсыйа олох ыарахаттарыгар түбэспит дьон урукку олохторугар төннөллөрүгэр тирэх, күүс-көмө буолара саарбаҕа суох.   

Күүс-көмө, тирэх буолабыт

Татьяна Афанасьевна Бурнашева, “Тирэх” социальнай адаптация салаатын исписэлииһэ:

– Аахсыйа хара ыытыллыаҕыттан кыттабыт. Биһиэхэ киириэн баҕалаахтар обходной лиис толорторон кэлэллэр. ФЛГ түмүгэ, анаалыстара үчүгэй, сыстыганнаах ыарыыта суох дьону ылабыт.

80 куойка миэстэлээхпит, бүгүҥҥү күҥҥэ 62 киһилээхпит: 55 эр киһи, 7 дьахтар. Сүнньүнэн полиция учаастактарыттан, балыыһалартан, сорохтор УФСИН нөҥүө кэлэллэр. Холобур, хаайыыттан саҥа босхоломмут дьоҥҥо кыах бэриллэр. Суһал салаа нөҥүө киирэр дьон эмиэ элбэх, холобур, маннык подъезка биир киһи сытар диэн ыҥырыы киириэн сөп.   

Биһиги тэрилтэбит үлэлээбитэ отут сыл буолла. Бу кэм устата элбэх киһиэхэ күүс-көмө, тирэх буоллубут.

Киһиэхэ үтүө сыһыан туохтааҕар да күндү!

Тамара Петровна Егорова, “Алмаз” реабилитационнай киин психолога:

– Бу сарсыардаттан ускул-тэскил олохтоох дьону кытта көрсөн, үлэлэһэ олоробут. Былаан быһыытынан, биэс киһини ылыахтаахпыт. Үгүстэр Дьокуускай куорат олохтоохторо, ол эрээри Саха сирин араас улуустарыттан бааллар, холобур, Усуйаанаттан сылдьар киһи кэлэн барда. Олорор дьиэлэрэ-уоттара, аһыыр астара, үлэлэрэ суох.

Барыларын хайдах да ылар кыахпыт суох. Холобур, сыстыганнаах ыарыылаахтар бааллар эбит, кинилэр кииҥҥэ киирбэттэр. Оттон испэт-аһаабат, дьиссипилиинэлэрэ үчүгэй, эт-хаан өттүнэн чэгиэн дьон салгыы хаалыахтарын да сөп.

Биир да докумуона суох, турар бэйэлэрэ эрэ хаалбыт дьон кэлэллэр. Дьэ, ону атахтарыгар туруорар эттэххэ эрэ дөбөҥ.

Биһиги биир сүрүн уонна көдьүүстээх ньымабыт – үлэ терапията. Ол эбэтэр бүдүрүйбүт киһини үлэнэн көннөрүөххэ сөп диэн санаанан салайтарабыт. Кэбээйитээҕи филиалбытыгар, Арыылаахха пиэрмэлээхпит, онтубут этинэн, собонон хааччыйар.  

Үлэбит биир үтүө түмүктээх холобурун кэпсиэхпин баҕарабын. Холобур, биир киһи арыгылыы сылдьан докумуоннарын сүтэрэн кэбиспит этэ. Суоппар быраабын сөргүтэн, биһиэхэ суоппардаабыта.

Мин санаабар, итинниккэ түбэспит дьоҥҥо бу абыраллаах аахсыйа ыытылла турар. Хомойуох иһин, чугас дьонноро кэлэйэн, киэр хайыспыт буолаллар. Ити олус ыарахан, ол эрээри олоххо баар чахчы. Дьиҥэр, бу сир үрдүгэр киһи киһиэхэ үтүө сыһыана туохтааҕар да күндү эбээт. Онон биһиги сыралаах үлэбит үгүс өттө чугас дьон икки ардыгар быстыбыт ситими чөлүгэр түһэрэргэ, дьону урукку олохторугар төннөрөргө ананар.

Ханнык да ыарахан түгэҥҥэ үүт-хайаҕас көстөр диэхпин баҕарабын. Чугас дьоммутун олохпутуттан туора сотон кэбиспэккэ, көнөр суолга туруналларыгар көмөлөһүөх тустаахпыт.   

Уопсастыбанньыктар туора турбатылар

Олеся Петровна Чернышова, “Маяк помощи” уопсастыбаннай тэрилтэ тэрийээччитэ:

– Биһиги уопсастыбаннай тэрилтэбит 2016 сыллаахтан үлэлиир. Олох араас ыарахаттарыгар түбэспит дьоҥҥо, баһаартан сылтаан турар бэйэлэрэ эрэ хаалбыт дьиэ кэргэттэргэ, элбэх оҕолоох   ыалларга о.д.а. көмөлөһөбүт. Бэйэбит күүспүтүнэн, баҕа өттүнэн. Ол эрээри дьоҕус тэрилтэлээх урбаанньыттар, таҥара дьиэлэрэ, үтүө санаалаах дьон өйөбүл буолаллар. 

Бүгүҥҥү аахсыйаҕа дьон күн аайы кэтэригэр, туттарыгар диэн набор оҥорон аҕаллыбыт. Онно ис таҥас, наскы, туалетнай кумааҕы, тиис суунар пааста, шампунь киирэр. Өссө сухпаек (түргэнник буһар лапса, бааҥкалаах тефтель о.д.а. ас) түҥэтэ турабыт. Барытын бэйэбит харчыбытыгар ылан кэлбиппит.        

Нэһилиэнньэттэн маннык гуманитарнай көмөнү (таҥаһы-сабы, туттар малы-салы) Промышленнай уокурук управатын дьиэтигэр 11-с кабинекка тутабыт.

Тугунан көмөлөһүөххэ сөбүй? Бородуукта, ыраас, саҥатык таҥас-сап, атах таҥаһа, оҕо аһылыга, үүт, хааһы, саҥа төрөөбүт оҕо суута, таҥаһа, бэл диэтэр, миэбэл кытта буолуон сөп (холобур, баһаар кэнниттэн туга да суох турар бэйэлэрэ эрэ хаалбыт ыалларга).

 

Салгыы сылаас астаах, итии чэйдээх балааккаҕа киирэбин. Ас түҥэтээччи соҕотоҕун көрөн соһуйабын. Мааскалаах, колпактаах дьахтар бэрт эйэҕэстик көрүстэ. “Хоттей” үлэһитэҕин дуо?” – диэн ыйытабын. “Суох, уопсастыбанньыкпын”, – дии тоһуйда. 

Наталья Курбонова, Промышленнай уокурук Дьахталларын сэбиэтин актыбыыһа:

– Уопсастыбанньыктар аһымал аахсыйалартан хаһан да туора турбаппыт. Бэйэм Дьахтар сэбиэтин уонна “Биир ньыгыл Арассыыйа” паартыйа көхтөөх чилиэнэбин, үтүө дьыалаҕа баҕа өттүбүнэн кыттыһабын. Промышленнай уокурук Дьахталларын сэбиэтигэр актыбыыстар 15-пит, бэрэссэдээтэлбит – Ольга Афанасьевна Попова.

Бу сарсыарда өттүгэр үлэбиттэн көҥүллэтэн кэлэн турабын. Эбиэттэн киэһэ барыахтаахпын, ким эмит солбуйар ини. Плов, сымыыт, лэппиэскэ, итии чэй түҥэтэбин, ас барыта сылаас. 42 бүлүүдэни аҕалан биэрбиттэрэ, билиҥҥи туругунан 22 киһини аһаттым. Бүттэҕинэ, өссө эбии таһаарыахтаахтар.

Кыбыстар дуо?

Алексей 50 саастаах. Биир да докумуона суох (бэйэтэ этэринэн, уоран ылбыттар).

Кинини бу эргин умналыы олорорун элбэх киһи көрөр. Сирэйэ-хараҕа дарбайан, иһэн хаалбыт, таҥаһа-саба син сэнэх эрээри, кип-кирдээх, сыта-сымара амырыын (арыгытын сыта биэрэстэлээх сиртэн аҥылыйар).

“Дьоннооххун дуо?” диэн ыйытыыбар “Бааллар, улууска олороллор” диэн хобдох хоруйу ыллым. Итиэннэ “кэпсэтэн бүттүм” диэбиттии, астаах иһитигэр умса түстэ. “Кыбыстар быһыылаах, кэбис, тыыппаппын” дии саныыбын уонна тэйиччи туран, испэр кэпсэтиэ диэн кэтэһэбин. Суох. Киһим харса суох аһаан кимиритэр, итии чэйин тохтоло суох сыпсырыйбахтыыр.

Ону көрөн, Наталья: “Чэй өссө кутабын дуо?” – диэн ыйытар. Итиэннэ ыстакаанын ыла барар.    

Алексей кэпсэтэр санаата суоҕун өйдөөн, балааккаттан тахсан барабын...

Өссө туох көмө оҥоһулунна?

Билиҥҥи үйэҕэ пааспар, СНИЛС курдук докумуона суох киһи олоҕор ыарахаттары көрсөр, үлэ буларыгар уустук. Бу күн туһааннаах уорганнар аахсыйа кыттааччыларын докумуоннарын сөргүтэн, хос оҥорон биэрдилэр. 

Михаил Б. докумуоннарын, төлөпүөнүн сүтэрэн кэбиспит. Хата, “пааспар остуолугар” баран иһэн, бу аахсыйаҕа түбэспит. Бэйэтэ да соһуйуон иһин, сүрүн докумуонун аҕыйах чаас иһигэр оҥорон биэрдилэр.

Маны сэргэ, баҕалаах уонна чэгиэн туруктаах дьону байыаннай сулууспаҕа ыларга хантараак түһэристилэр.

Аахсыйа уопсай түмүктэрэ

Барыта 64 киһи көмө көрдөөн кэлэ сырытта.

6 киһи сэлликкэ уорбаланна, үс киһини эбии чинчийиигэ ыыттылар.

Гепатит В – 3, гепатит С – 6, сифилис 7 киһиэхэ көһүннэ.

6 киһи наркология диспансерыгар ыытылынна.

15 киһи саҥа пааспар ылла.

Социальнай пуонда 29 СНИЛС туттарда.

7 киһини реабилитационнай кииннэргэ ыыттылар.

2 киһи байыаннай хантараакка илии баттыырга сөбүлэҥин биэрдэ.

Олох суола остуол ньуурунуу көнө буолбат, сүрдээх түөрэккэй. Дьылҕа Хаан икки атахтааҕы үтэр-анньар, араастаан тургутан көрөр. Үөйбэтэх өттүгүттэн ыарахаттары көрсөн, эбиитин аһыы утахха убанан, ыт үрбэт, ынах маҥыраабат киһитигэр кубулуйуохха сөп.

Оборчоҕо батыллыбыт, “муммут” дьон санааларын күүһүнэн, бэйэлэрин баҕаларынан эрэ урукку олохторугар төннөр кыахтаахтар. Маннык аахсыйалар кинилэргэ күүс-көмө эрэ буолаллар. Ол эбэтэр икки атахтаах көнөр суолун бэйэтэ эрэ талар!

Ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...