«Уотунан оонньооччулары» ыстараабынан куттууллар
Айылҕаҕа баһаары таһаарбыт дьоҥҥо сокуон өссө кытаатар чинчилээх. Ыстараап кээмэйэ 50 эбэтэр 100 тыһыынча солкуобайга тиийэ улаатыан сөп. Бу туһунан “Парламентская газета” иһитиннэрдэ.
Дойду вице-премьерэ Виктория Абрамченко этэринэн, ыстараап кээмэйэ дьону күүскэ куттуохтаах. Икки тыһыынча солкуобай кими да салыннарбат, оттон ыстараап 50 эбэтэр 100 тыһыынча солкуобай буоллаҕына, дьон уотунан оонньообот буолуоҕа.
Ону таһынан, сэтиэнэх оту уматыыга буруйдаммыт тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин ол-бу өйөбүлтэн, чэпчэтииттэн матарар туһунан этии киирбит. Вице-премьер кэпсээбитинэн, сорох губернатордар баһаартан тахсыбыт хоромньуну буруйдаахтар толуйуохтаахтар диэн туруорсаллар. Ол эрээри ойуур баһаардарыгар ону быһаарар уустук. Онон сокуонунан киирсии эрэ кыайыан сөп.
Санатар буоллахха, ыам ыйын 10 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин салайааччылаах улахан мунньах ыытыллыбыта. Ол түмүгүнэн ойуур баһаардарын утары үлэни көдьүүстээх оҥорор анал ыйаах бэлэмнэнэр.