12.03.2021 | 12:17

УОКУРУКТАР ТУГУ КЭПСИИЛЛЭРИЙ?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сайдыы суолун кэрэһилиир

Сахайа Малышева, Автодорожнай уокурук салайааччытын солбуйааччы:

— Бу икки сыл иһигэр биһиги уокурукпутугар  үлэ бөҕөтө былааннанан олоххо киирдэ. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн Красильников, Воинскай уулуссалар аспаалланнылар. Ону таһынан быйылгы сылга өссө эбии Нагорнай, Студенческай, эргэ Покровскай тракт, Луговай уулуссалар  оҥоһуллаллара былааннанар.

Маны сэргэ, мөлтөх туруктаах  оҕо балаһааккалара өрөмүөннэннилэр. Быйыл маннык аадырыстарга оҕо балаһааккалара тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ: Птицефабрика 10, Птицефабрика 7, Воинскай 1, Автодорожнай 40/7 уонна Покровскай тракт 7 км (16,14 дьиэлэргэ).

Биһиги уокурукпутугар элбэх саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ. Онон олохпут таһыма тупсан, сайдыы суолун кэрэһилиир диир оруннаах.

Былырыын күһүн Дьокуускай төрөөбүт күнүгэр Залог оройуонугар Краснояров уонна Чернышевскай уулуссалар быһа охсуһууларыгар дьаамсыктарга сквер үөрүүлээх аһыллыыта буолбута. Быйыл Теплай күөл үрдүгэр “Алгыстаах аартык” диэн уонна Красильников-Чернышевскай уулуссалар быһа охсуһууларыгар Дьокуускай ыччатыгар аналлаах сквердэр тутуллаллара былааннанар.

Соторутааҕыта  биһиги бэтэрээммит Е.Ф. Захарова   кыттыылаах Чурапчы көһөрүүтүгэр аналлаах «Вечная память народа» диэн киинэ сүрэхтэннэ. Онно Автодорожнай уокурук бэтэрээннэрин Сэбиэтин актыбыыстара  кытыннылар. Үөрүүбүт муҥура суох.

Уопсастыбаннай түмсүүлэр салалтаны кытта ыкса ситимнээхтик үлэлииллэр

Айаал Бурцев, Губинскай уокурук салайааччыта:

— Губинскай уокурукка 2020 сыл түмүгүнэн 43000 киһи олорор. ОДьКХ кыһалҕалаах боппуруостарын быһаарар сыалтан салалта социальнай ситиминэн тустаах үлэтин куруук сырдата олорор.

Былырыын управа бүддьүөтүттэн Богатырев уул., 4/1 уонна Бестужев-Марлинскай, 1/2 дьиэлэрин  тиэргэннэрин ыраастааһын уонна грейдердээһин үлэлэрэ ыытылыннылар. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн Суорун Омоллоон, Ларионов уонна Губин уулуссаларын реконструкциялааһын түмүктэннэ. Биһиги уокурукпут сыл аайы  субуотунньуктары көҕүлээн ыытар.

Уокурукка уопсастыбаннай түмсүүлэр салалтаны кытта ыкса ситимнээхтик үлэлииллэр, бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук, нэһилиэнньэни кытта үлэҕэ, чөл олоҕу пропагандалааһыҥҥа уонна дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүүгэ.

Биир улахан ситиһиибитинэн 203-с микрооройуон старосталарын көҕүлээһиннэринэн,  СӨ олохтоох көҕүлээһиннэрин өйүүр бырагырааматыгар кыттан, икки түөлбэни ситимниир муоста тутуллан олоххо киирбитин киэн тутта ааттыыбыт.

Уокурук дьахталларын Сэбиэтэ СӨ айан суолларын управлениетын уонна ГИБДД-ны кытта ситимнээхтик үлэлииллэр. Хаһыс да сылын «Безопасная дорога детства» аахсыйаны ыыталлар. Кыайыы 75 сылыгар  предпринимателлэрбит Сэбиэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар уонна киин куорат олохтоохторугар кыталыктардаах сквери  бэлэхтээтэ.

Былырыын уопсайа 95 социальнай суолталаах тэрээһин ыытыллыбыта. Пандемиянан бары кэриэтэ онлайн буолбута. 

Урукку сыллардааҕар таһым үрдээтэ

Александр Иванов, Промышленнай уокурук салайааччыта:

Икки сыл тухары олохтоох дьаһалтаны кытта биһиги уокурукпут элбэх үлэни, тэрээһини ыытта.  Суол тутуута, реконструкцията кэнники кэмҥэ далааһына кэҥээтэ. Быйыл Бабушкин уулуссатыттан  Кыайыы 50 сыла уулуссаҕа диэри суол оҥоһуллара былааннанар.

Кэнники икки сылга хаарбах дьиэлэри саахалланар туруктаахтарынан билинии үлэтэ күүһүрдэ. «Сырдык киин куорат» бырагырааманан Дьокуускай уулуссалара сырдыыр, салайар систиэмэтин саҥалыы сөргүтэр уонна саҥа линиялары тутар. Ол курдук, биһиэхэ 31 кыбаарталбыт сырдатыллыбыта, Даркылаах оройуонугар эмиэ тустаах үлэ ыытылынна. Манан эрэ муҥурданар кыахпыт суох, инникитин атын кыбаарталларбытыгар болҕомто ууруллуоҕа.

Урукку сыллардааҕар оттук сезонугар биһиги тэтиммит өссө үрдээбит диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Билиҥҥи кэмҥэ олохтоох дьаһалта, салалта нэһилиэнньэни кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиирэ куораппыт бары эйгэтигэр көстөр.

Таһаарыылаах үлэ салҕанар

Артем Артемьев, Строительнай уокурук салайааччытын солбуйааччы:

Сардана Владимировна баһылыктаабыт кэмигэр биһиги уокурукпутугар үлэ ордук таһаарыылаахтык ыытылынна. Ол курдук, 322 элбэх кыбартыыралаах мас дьиэ баарыттан 236-та сокуонунан хаарбах туруктааҕынан ааттанна. Ол иһигэр экспертизаны оҥорорго олохтоох бүддьүөттэн үбүлээһин саҕаламмыта. Урукку сылларга олохтоохтортон хомуйар буоларбыт.

4-с, 6-с, 17-с кыбаарталларга “выгребной” дьаамалары саҥардан биэрдибит. Уопсайа 54 дьааманы «шайба” диэн ньыманан оҥордубут уонна саҥа сокуон ирдэбилигэр эппиэттиир санитарнай туочукалары бетоннааһын уонна күрүөлээһин саҕаламмыта.

Кэнники икки сылга оҕо оонньуур балаһаакката – 4 эбийиэк, сылаас оптуобус тохтобуллара тутуллан киирдилэр.

Ааспыт сылга кыбаартал иһинээҕи суоллары аспааллааһын үлэтэ күүһүрбүтэ.  Ол быйыл салҕаныаҕа. Жорницкай уулуссата, Хатыҥ Үрэх шоссета оҥоһулуннулар уонна Обьездной суола өрөмүөннэнэр.

Сардаана Владимировна сорудаҕынан уокуруктарга комплекснай сайдыы бырагырааматын бигэргэтиигэ үлэ саҕаламмыта. Сотору үлэҕэ киириэхтээх.

Салайар хампаанньалары үҥсүү аҕыйаата

Иосиф Слепцов, Гагаринскай уокурук салайааччыта:

2019-2020 сылларга национальнай бырайыак чэрчитинэн Курнатовскай уонна Пилоттар уулуссалара өрөмүөннэммиттэрэ. Былырыыҥҥыттан  чааһынай сектордартан бөҕү-сыыһы хомуйар пилотнай бырайыак саҕаланан тэтимнээхтик үлэлии турар. 2 поликлиника тутуутугар сир учаастактарын кыраныыссалара быһаарылыннылар. Ону тэҥэ Можайскай уулуссатыгар 240 миэстэлээх оҕо уһуйаанын тутуу түмүктэнэн эрэр. Кыайыы Пааркатын тутарга былааннааммыт дьаһал  комплекснай үлэлэрин ыыта олоробут.

Салайар хампаанньалары үҥсүү, сүөргүлээһин арыый аҕыйаата диэн бэлиэтиибин. Аныгы кэмҥэ социальнай ситимнэргэ нэһилиэнньэни кытта быһа сибээһи олохтоон, үлэ өссө  күргүөмнээх буолла.

Уопсайынан, куорат олохтоохторо олохпут таһыма тупсарыгар, бары тэрээһиннэргэ көхтөөх буоллулар. Саас ыытыллар субуотунньуктарга, көҕөрдүү үлэтигэр кытталлара хайҕаллаах.

ОДьКХ-ҕа, тупсарыыга сүрүн болҕомто

Лилия Воробьева, Октябрьскай уонна Киин уокуруктар салайааччыта:

2018-2020 сылларга диэри олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын, ону тэҥэ куорат социальнай эйгэтин тупсарыыга улахан болҕомто ууруллубута. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак уонна “Сырдык киин куорат” бырагыраамалары олоххо киллэриигэ үгүс үлэ ыытылынна. Ол курдук, уокурукка Петровскай, Орджоникидзе, Лермонтов, Петр Алексеев, Курашов, Поярков уулуссалара өрөмүөннэннилэр. 2020 сылга Ленин проспегын саҥаттан тутууга бэлэмнэнии үлэлэрэ саҕаламмыттара. Октябрьскай уонна Киин уокуруктар куораппыт бигэ туруктааҕынан биллэллэр эрээри, сылтан сыл кыбаарталлары өрөмүөннээһиҥҥэ үгүс боппуруос үөскүүр. Былырыын аспаал уонна бетон бытархайдарынан кыбаартал иһинээҕи суоллары өрөмүөннээбиппит. Маны сөптөөх быһаарыы дии саныыбын. Бу диэн эттэххэ, куорат салалтата кэскиллээх дьаһаллары ылынан сытыы боппуруостары түргэнник быһаарар буоллубут. Үлэ салгыы тэтимин сүтэрбэтигэр  олук  уурулунна.

Былырыын Сардаана Владимировна тупсарыы үс сыллаах бырагырааматын олоххо киллэрэргэ сорук туруорбута, бу куорат олохтоохторун хас да сыллаах кыһалҕаларын быһаарарыгар эрэллээхпин.

Саҥа саҕахтары арыйабыт

Владислав Слепцов, Сайсары уокуругун управлениетын салайааччыта:

Национальнай бырайыак чэрчитинэн  суол-иис, инфраструктура сүрдээҕин тубуста. Ааспыт сылга 25 №-дээх саҥа оскуола үлэҕэ киирэн, Сайсары уокурук олохтоохторо үөрүүлэрэ үксээбитэ. Интеллектуальнай видеокамералар кыахтарын көрдөрөр сыалтан «Ростелеком» тэрилтэ атырдьах ыйыгар  пилотнай бырайыак чэрчитинэн аһыы утаҕы атыылыыр сирдэргэ сэттэ видеокамераны туруорбута. Ол түмүгэр Сайсары уокуругар бэрээдэк тупсубута бэлиэтэнэр.

Ааспыт Судаарыстыбаннас күнүгэр биир дьоһун суолталаах тэрээһининэн, биһиги уокурукпутугар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Владимир Денисьевич Лонгиновка сквер тутуллан киирбитэ буолар.

Куорат бары тэрээһинигэр, олох-дьаһах бары көстүүтүгэр Сайсарыбыт куруук инники кэккэҕэ сылдьар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...