18.07.2019 | 12:44

Улахан сир кыра оҕотун араҥаччылыыр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дмитрий Иванов, Уус Алдан улууһа:

Улаханнык ытыктыыр аҕа саастаах убайбынаан тапталлаах Мүрү Эбэбит арҕаа баһыгар бүтэй абырахтаатыбыт.

Ити Сэргэ анна диэн ааттанар кини бас билэр сиригэр кыттыһан оттоору бэлэмнэннибит. Сааскы сылаас ардах түһэн ааста. Үлэбитин бүтэрэн, төннөөрү оҥоһуннубут. Маарыын киирбит сыырым ситэ куура илик, эбиитин хаҥас диэки тосту эргийэр сиригэр өрө анньыылаах. Аллараанан барар үрэҕи кэстэрэн туоруур өй биһиэхэ киирбэтэх. Тыраахтарбар эрэнэн, балаһыанньаттан тахсар инибин диэн толкуйдаахпын. Сэрэххэ киһибин сыыр анныгар түһэрдим. Үөһээ эргииргэ тиийэн блокировкабын үктээбитим, кураанах – бэйэтэ эрдэ холбонон хаалбыт. Онон салайарбын истибэккэ, уун-утары тахсан бардыбыт. Үөһээ Аҕа дойдуну көмүскүү барбыт буойуннарга аналлаах улахан бетон билиитэҕэ тиийэн кэтилиннибит. Хантайан иһэр буолан, тыраахтарым илин көлүөһэтэ миэтэрэ курдук өрө хааман тахсыбытыгар ыксааммын сцеплениебын арааран кэбистим да, сыыр үрдүттэн аллараа куугунаатыбыт. Үөһээ охтубакка, аллараа, суолтан туораан тахсан, балайда көнө сиргэ тиийэн иһэн оҕуннубут. Тыраахтарбын умуруораат, сыыр үрдүгэр турар киһибэр “халымырбын-халымырбын!” диэн хаһыытаан уоскуттум, кабинаттан тахсан кэллим. Чахчы, үрдүк сиртэн түһүү буолбута эрээри, эбэм барахсан араҥаччылаабыта буолуо диэн бигэ эрэллээхпин. Тыл-өс тахсыбат быатыгар, оһолломмотохпут. Онтон ыла тыаҕа соҕотоҕун сылдьар идэлэммитим.

Иккис охтуум Бороҕоҥҥо киириигэ “Саханефтегаз” заправката тутулла турдаҕына буолбута. Сыбаарка, буор үлэтин үгэнигэр, көрдөһөн, буор тиэйэ таҕыстым. Тыраахтарым Т-40 диэн ортоку кыахтаах тэрил, оттон бырысыабым уонтан тахса тонналаах, улахан массыына соһор тэрилэ. Погрузчик иккитэ кутан биэрбитин мыынаммын, үс тарбахпын көрдөрдүм. Көнө сиргэ тулуппат ини диэн өйдөбүллээхпин. Лонгинов уулусса саҕаланыытыгар эргийэн аллараа түһэр эниэлээх, ону бытааннык түһэн истибит. Өлүү түбэлтэлээх, сытар ынах саҕа инчэҕэй баарыгар тыраахтарым көлүөһэтэ үктэннэ да, салааскалыы бардыбыт. “Бырысыап аста” диэн санаа элэс гынарын кытта, туора астаран оҕуннубут, кэннибэр хачыгырыыр тыас баар. Буордаах бырысыап көлүөһэтэ, хата, тыраахтар кабинатын үрдүгэр тахсыбатах буолан, тыыннаах ордубуппун. Бырысыабы холбуур тэриллэрим биэс сиринэн тостубуттарын нуучча киһитэ сыбааркалаабыта билиҥҥээҥҥэ диэри этэҥҥэ сылдьаллар.

Үсүһүн охтубатах киһи диэн сэрэхэдийэрим. Ол эрээри 2010 сыллаахха саас, уу-хаар тахсыыта, үһүстээбитим. Мүрү Эбэм соҕуруулуу-арҕаа куула сыыра күн көрбөт сирэ буолан, “тирэхтээх буолуохтаах” диэбитим, улаханнык сыыстарбыт этим. Сыырга тиийдим да, үргүлдьү тахсыбытынан бардым. Үөһээ иккис эргииргэ буксуйан, бу сырыыга бэркэ сэрэнэн кэннибинэн астардым. Иккис холонуубар бэрт кыраттан иҥнэн тахсыбатым. Биир миэтэрэни барбытым буоллар, сыыры тахсарым хаалбыта. Эмиэ кэннибинэн түһээри, миэтэрэ аҥаарын курдугу сыыһа туттан охтон эрэрбин эрэ өйдөөн хааллым. Тыраахтарбыттан оронон тахсыбытым – хаар үрдэ мыыла курдук халтархай, киһини таба үктэннэрбэт буолбут эбит. Күлүк сиргэ. Мин 60 сааспын ааһыахпар диэри тыраахтартан түһэн сыыр туругун чинчийэн көрөр диэн өй киирбэт киһитэ буолаахтаатаҕым. Улахан сир кыра оҕотун бүөбэйдиир, акаарытын араҥаччылыыр буоллаҕа диэн билигин дьылҕабар махтанабын.

Өлүү айаҕыттапн быыһаныы

Александр Дегтярев, Муома:

- Саас Муома үрэҕин уута халааннаан, киэбин-таһаатын толору кэппит кэмэ. Мин уҥуор тахсан илимниибин. Быйыл балык өлгөм буолан, аҕыйах чаас устата икки куул кэриҥэ бултанным. Тула өттүм уу-чуумпу. Арай дөрүн-дөрүн саалар тыаһыыллар. Көтөр кынаттаах да кэлбит быһыылаах. Маннык кэмҥэ балыктыырбын сөбүлүүбүн, кустаабаппын. Ол кэриэтэ күһүн икки-үс хонукка баран кустуурбун ордоробун. Ону даҕаны улахан хаһыҥнар  иннилэринэ. Күһүҥҥү кус нэс, ону ааһан мончуукка үчүэйдик түһүмтүө.  Саалар быыстала суох тыаһыылларын истэ-истэбин, мин да уочаратым кэлиэ диэн бөҕөхтүк сананабын. Бултуу сылдьан киһи син ону-маны санааччы. Муома өрүс сүүрүгэ күүстээх буолан, тыына-быара хаайтарбыттыы күүгэнинэн үллэҥнии кыынньар, күрүлүүр-барылыыр, сүүрүгэ араастаан эриллэҥниир, будулуйбахтыыр.

Арай ону одуулуу турдахпына, уҥуоргу кытылтан сүүрбэччэ биэлээх атыыр үөрэ харгынан, мин турар сирбэр харбаан үрэҕи туораан истэ. Хоту сир сылгылара ханнык да уулаах-хаардаах, сүүрүктээх-үрэхтээх, бадарааннаах сирдэринэн сылдьарга үөрүйэхтэр. Санаатылар да, үрэҕи ханан баҕарар, халаан сүүрүгүттэн иҥнибэккэ, харбаан туоруур үгэстээхтэр. Ол туран өйдөөн көрдөхпүнэ, сылгы ууну туорааһына туспа сокуоннаах эбит. Харгы аллараа өттүнэн модун кэтит түөһүнэн омуннаах сүүрүгү тоҕо солоон атыыр бастаабыт. Сүүрүгү утары харбыыр. Кэнниттэн баайтаһыннар, онтон тиһэҕэр оҕолоох биэлэр кулунчуктары сүүрүк хоту охсубат өттүгэр илдьэ иһэллэр. Харбыылларыгар бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэттэр, бэрээдэктээхтик хотоҕостуу субуһаллар. Ону сэргээн көрө турдахпына, үөр кэнниттэн адьас саҥардыы төрөөбүт кулунчугун батыһыннарбытынан кырдьаҕас биэ, кэннин хайыһан иҥэрсийэ-иҥэрсийэ, инникилэри батыһан харбаан иһэр. Ону көрөммүн дьиксинэ санаатым. Эрэйдээх, эчи кыратын, сүүрүк түҥнэри охсуох курдук. Эмискэ мөлтөөбүт кулунчук кытылга тахсаары, муустан халтарыйан ууга тиэрэ таһылла түстэ. Ийэтэ хайдах да көмөлөһөр кыаҕа суох кистии-кистии кытыл устун төттөрү-таары сүүрэкэлии сырытта. Кулунчук сүһүөҕүн булан кыайан турбакка, кистээн дьырылата-дьырылата, тураары үнүөхтүү сатыыр.

Мин, аһынан, көмөлөһүөх санаанан сүүрэн тиийэн сосуһа сылдьан, эмискэ бэйэм халтарыйан, кулунчугу кууспутунан сүүрүккэ оҕустаран, муустаах ууга уста турдубут. Дьэ, алдьархай буолла. Үөс диэкинэн күүстээх сүүрүккэ киирдэхпитинэ быыһанар эрэл суох, өлөр өлүү айаҕар киирэр дьылҕаланныбыт. Ол кэмҥэ, хата, сонос соҕус талах лабаата ууга намылыйан турар эбит. Ону көрөөт, уҥа илиибинэн талахтан тутустум, хаҥаспынан кулунчукпун моонньуттан кууһа сылдьабын. Бэйэм эрэ эбитим буоллар, онтон-мантан тардыалаһан син тахсыа эбиппин. Ол эрэн мин кулунчугу быраҕар санаам суох. Ол курдук, куустуспутунан, иккиэн кыайан тахсыбакка кытылга тиксэн сыттахпытына, кэтэхпин сып-сылаас, сып-сымнаҕас туох эрэ таарыйда. Өйдөөн көрбүтүм, били кулунчуктаах биэ кэлэн миигин сыллыы турар эбит. Сиэлэ уһуна бэрдиттэн ууга тиийэ намылыйбыт. Өй ылан, хап-сабар биэ хойуу сиэлиттэн харбаатым. Биэм, соһуйан, икки илин атахтарынан тирэнэн, кэннинэн чинэкэлээтэ да, миигин кууһа сылдьар кулунчукпун кытта ууттан биирдэ ньылбы соһон таһаарда.

Кулунчук кытыыга тахсан күүһэ эстэн сыппахтаата. Онтон титирэстээбитинэн ойон турда. Көһүйбүтүттэн, тоҥмутуттан байааттаҥныы-байааттаҥныы дьигиһийэн уутун тула ыста, ийэтин тиийэн эмпитинэн барда. Сотору ийэтин сылаас үүтүттэн күүс ылан эбитэ буолуо, кылгас кутуруга тойтороҥнуу сүүрэкэлээтэ, төбөтүн булкуйбахтаата. Биэ оҕото тыыннаах хаалбытыттан үөрэн, иһин түгэҕиттэн иҥэрсийэ- иҥэрсийэ, оҕотун муннунан үтүрүйдэ. Ол кэнниттэн үөр сылгы барбыт сирин диэки хааман намылдьыйан иһэн, тугу эрэ өйдөөбүттүү тохтоон, миигин эргиллэн көрдө уонна махтанардыы иҥэрсийэн ылла. Ол кэнниттэн холку бэйэлээхтик бара турда. Мин тоҥон ибигирии-ибигирии, сылгылар барбыт сирдэрин диэки уулааҕынан-хаардааҕынан көрөөрөбүн, кэннилэригэр туран хааллым.

Лааҥкылаах алаас кистэлэҥэ

Светлана Иванова, Дьокуускай куорат:

Бу түбэлтэ, арааһа, сойуус ыһыллыан иннинэ буолбута быһыылааҕа. Оччолорго сопхуостар ыһыллар-ыһыллыбат икки ардынан олороллоро. Оттон Лааҥкылаах сопхуос номнуо ыһыллан турара. Мэхээлэчээн бостуук сүппүт сүөһүлэрин көрдөөн, уһун күнү быһа ыраах-чугас алаастары, үрэхтэри кэрийэн баран, күн киэһэриитэ Лааҥкылаахха киирэн кэлэр. Күнү быһа ат үрдүттэн түспэтэх киһи атаҕа көһүйэн, сайылык дьиэтин иннигэр тиийэн атын баайан баран, олорунан кэбиһэр. Уратыта диэн, сайылык икки ыкса турар дьиэлэрин ортотунан холбуур, нууччалыы эттэххэ, “навес” чарапчы баар. Онон хайдах эрэ үс дьиэ сыстыһа турарын санатар. Ол эрээри ортоку чарапчы аана сабыыта суоҕа, көннөрү кырыыһа эрэ этэ. Дьэ, Мэхээлэчээн оруобуна онно кэлэн олорбут.

Бостуук кэлэн кыратык олорон, тыыллаҥнаан, көһүйбүт атаҕын сынньатан баран, табах уматтан саҥардыы тардан эрдэҕинэ, арай ойоҕоһугар туох эрэ элэс-элэс гынан ааһар да, икки билбэт кыргыттара, дьахталлара диэххэ сөбө эбитэ дуу, Мэхээлэчээн икки өттүгэр киирэн ыкса олорунан кэбиһэллэр. Бабат! Киһибит соһуйан, ходьох гына түһэр, этин сааһа барыта аһыллар. Онтон чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр кыргыттар хайдах кэлэн олорбуттарай да, сол курдук мэлис гынан хаалаллар. Мэхээлэчээн өйүн-төйүн өссө да ситэ булуна илигинэ, уолуйбута ааһыан иннинэ, аны туран хап-хара таҥастаах, хара тураҕас аттаах киһи уун-утары сиэллэрэн иһэрэ көстөр. Биһиги киһибит  бууһа куттанар. Ол эрээри салҕалас буолбут илиитинэн саатын харбаан ылар да, хаһыытаан сатарытар: “Ээй, тохтоо! Ытан кэбиһиэм. Киһигин дуу, абааһыгын дуу?!”. Онтон өйдөөн көрбүтэ, били аттаах киһитэ аттынааҕы нэһилиэк сылгыһыта буолан биэрэр. Ону көрөн куттаммыта дьэ ааһар. Уоскуйан олорон табаҕын налыччы тардан, киһитин кытта кэпсэтэр. Онтон арахсаары туран киһитэ судургу баҕайытык: “Доо, Мэхээлэчээн, саҥа билэр эбиккин дуу? Ити дьахталлар уруккуттан бааллар ээ. Мин кэмиттэн-кэмигэр көрөөччүбүн. Кэлин үөрэнэн да хааллым”, - диэн этэн арахсыбыта. Манна даҕатан эттэххэ, бу Лааҥкылаахтан түөрт-хас биэрэстэ хоту бардахха, Дьэрбэҥ, Булуустаах диэн биһиги оттуур сирдэрдээхпит. Онно хоно сытан, кыттыгаспыт киһи “биирдэ эмэ, түүн, Лааҥкылаахха дьахтар хаһыытыырын истээччибин”  диэн кэпсээччи.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....