УДЬУОР СУРУКСУТ ОРГУНУОП
«Киин куорат» ааҕааччыларын кытта доҕордоспута номнуо 20 сыла буолбутунан, ону тэҥэ, кэлэн иһэр Саҥа дьылынан Саха сирин олохтоохторун, сахалыы тыыннаах киин хаһыакака бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрбин, билигин үлэлии-хамсы сылдьар үлэһиттэри барыгытын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин.
Мин кэргэним Андрей Аргунов төрөөбүт Тааттатын иитиллибит, улааппыт Игидэйэ быйаҥнаах, алаадьы курдук алаастардаах, сыспай сиэллээх, хороҕор муостаах сөбүлээн төлөһүйбүт аҕай сирэ. Кини төрдө-ууһа Аргуновтар аҕа ууһа Игидэй нэһилиэгэр киэҥник тэнийбит аймах.
Биһиги Андрейдыын мин Тааттаҕа үөрэнэ сырыттахпына билсибиппит. Ол сайын дьэдьэн бөҕө үүммүтэ. Миэхэ кини наар дьэдьэн кэһиилээх уонна сибэкки тутуурдаах кэлэр буолара. Кини наһаа элбэх кинигэни аахпыта сонно тута биллэр этэ. Саха суруйааччыларын айымньыларын барытын уустаан-ураннаан кэпсиирэ. Бэйэтин Тааттатын, биллиилээх дьоннорун, кинилэр үлэлэрин, дьылҕаларын бииргэ төрөөбүттэрин курдук билэрэ.
Андрейдыын икки өттүттэн ыраас тапталынан холбоспуппут, чымыдаан суругу суруйсан, yhуннук алта сыл билсибиппит. Кини Москваҕа Чкалов аатынан үрдүкү авиационнай училищеҕа 4-с кууруска үөрэнэ сырыттаҕына ыал буолбуппут. Суруйбут суруктара 24 лиистээх тэтэрээт иннэ-кэннэ буолара.
Андрей туох да сүрдээх түргэн хамсаныылаах, хааман-сиимэн элэгэлдьитэн, күлэн-салан лаһыгыраттаҕына, кимиэхэ да тэҥнэспэт үтүө мөссүөннэх киһи этэ. Оттон хомойдоҕуна, сапсыйан кэбиһэрэ, аахса барбат этэ.
Аны туран хайа да бэйэлээх хаһаайка тэҥнэспэт киһитэ. Асчыт бастыҥа. Эт-ас кырбааһына, астааһына барыта киниэнэ. Мин иһит эрэ сууйааччы буоларым, миэхэ ону эрэ итэҕэйэрэ.
Андрей специалист быһыытынан үлэлээбит тэрилтэтигэр — Маҕан пуордугар кыайыгас, хотугас, толоругас, түргэн-тарҕан буолан сөбүлэтэрэ. Онон араас омук баар улахан тэрилтэтигэр да сирдэрбэтэҕэ. Ити курдук идэтинэн уонтан тахса сыл табыллан үлэлээбитэ. Онтон дойдутугар Ытык Күөлгэ начальниктаабыта. Сүүрэн-көтөн Мойуонаҕа саҥа порду астарбыта. Оччотооҕуга айан суола сыаната чэпчэки буолан, барааччы-кэлээччи элбэҕэ, куруук улахан yочарат.Айанныыр үксүгэр улахан кыһалҕалаах буолааччы. Онно Андрей кыһамньылаах салайааччы буоларын көрдөрбүтэ, дьон кыһалҕатын төһө кыалларынан өйдөөн көмөлөһөрө. Дьиҥ кыһалҕалаах өттүн — ыарыһах, инбэлиит дьону, оҕолоох дьахталлары инники көтүтэрэ, оройуон салалтатын тылыгар киллэрэн, бронь ахсаанын аччаппыта. Ол гынан баран мин Андрейым дьоҕура-талаана кэлин атыҥҥа арыллыбыта. Ол да иһин эдэрсааһыттан блокнуотун тута сылдьан, туту билбитин-көрбүтүн бэлиэтэнэ сылдьар идэлээх эбит этэ. Маны эрдэттэн санаабыта, былааннаабыта диир кыаҕым суох. Маҕаҥҥа үлэлии сылдьан саха тылын, литературатын салаатыгар туттарсан, кэтэхтэн үөрэххэ киирбитэ. Дипломнай үлэтин Өксөкүлээх Өлөксөй поэзиятыгар суруйан, туох-баар өйүн-санаатын түмэн өрө күүрэн туран «биэскэ» көмүскээн үөрэн-көтөн турара бу баарга дылы. Бу үөрэҕэ убайдара Иван Александрович, Георгий Андреевич уонна Василий Корнилович Аргуновтар курдук саха суруналыыстыкатын биир тарбахха баттанар, кэккэлэрин хаҥатар суруналыыс буолуохтааҕын түстээбитэ. Суруналыыстыкаҕа «Саха сирэ» хаһыакка экономика отделыгар үлэтин саҕалаабыта. 1999 сылга «Киин куорат» диэн саҥа тахсар хаһыакка үлэҕэ киирбитэ. Ол кэмҥэ кылаабынай эрэдээктэринэн Андрей Петров үлэлиир этэ. Кини мин Андрейым матырыйаалларын ааҕан, сахалыы үчүгэйдик суруйар эбит диэн, эрэдээктэринэн анаабыта. Онон биһиги Андрейдыын биир тэрилтэҕэ үлэлиир буолбуппут. Мин идэбинэн буҕаалтырбын. Оччотооҕуга даҕаны кини кыаҕар эрэнэр этим, ол иһин кинини өйөөбүтүм. Билигин Андрей Гаврильевичка махтанабын, мин киһибэр сөпкө тайанан, ис дуyhатыттан бары кыаҕын, сыратын туһанан, үчүгэйкээн, дьон бары сөбүлээн ааҕар, хас дьиэ аайы кэтэһиилээх хаһыаты тahaартарбытыгар. Кини үлэтигэр хойутууру олох сөбүлээбэт этэ. Эрдэ туран суунан-тараанан, быраaһынныыкка барардыы оносторо. Сарсыарда эрдэ: «Оҕонньотторум (ыстааты таһынан кэрэспэдьиэннэр) кэлэн кэтэһиэхтэрэ», - диэн наһаа ыксыыр этэ. Кинилэргэ сорудах биэртэлээн, кыра мунньах оҥорон, сүргэлэрин көтөҕөр этэ. Мин этэр этим: «Тоҕо кинилэр эбиэт кэнниттэн кэлбэттэр?» - диэн. Ону мин диэки сүр баҕайытык көрөн баран: «Бу киһи эттэҕин, кырдьаҕас дьон эрдэ тураллар, сэниэлэрэ сарсыарда өттүгэр», - диэн баран үлэтигэр ыксыыра.
Бииргэ үлэлиир кыргыттарын: «Эдэр дьон утуйа түстүннэр, эбиэт да кэнниттэн кэллэхтэринэ сөп», - диэн оҕолуу атаахтатар этэ. Кыргыттарын хамнастарын үрдэтээри миигин кытта турунан туран мөккүһэрэ, дьэ, мин онно «Николаевна» диэн ааттанарым. Мин киниэхэ этэбин: «Миигиттэн тутулуга суох штатное расписание диэн баар ээ»,- диибин, оччоҕо кини сапсыйан баран бара турара уонна, абатыгар: «Хамнаһы баҕас бэйэбит ааҕыахпыт этэ», - диирэ. Онтон туруорсан, гонорары кэлэктиип бэйэтэ быһаарар бэрээдэгин олохтообута.
Сайын кыргыттарын, ыал ийэлэрэ диэн, күөх сайыҥҥа уоппускаҕа ыытара. Кэлэктиип үксүн көҥүл тиэмэҕэ суруйара, эрэдээктэр быһыытынан кини боппот-хаайбат этэ, хайдах табылларынан сүбэлээн-амалаан биэрэрэ. Кини этэр этэ: «Суруналыыс киһи куруутун суруйдаҕына тыла-өһө мөлтүүр, онон суруналыыс кэмиттэн кэмигэр сынньанара наада», ыстааты таһынан кэрэспэндьиэннэри күүс-көме гынара. Кыргыттарын Туйаара Нутчинаны, Татьяна Захарованы, Марианна Тихонованы, Наталья Кычкинаны уонна ити кэмҥэ биир үлэлээбит Виталий Суру тахсыахтара диэн саарбаҕалаабат, миигин хahан даҕаны үтүө тылларынан саныы-ахта сылдьыахтара диирэ. Аны наборщик Шуратын наһаа үрдүктүк тутара. «Шура, аны верстальщикка үөрэн, оччоҕо иккиэн эрэ сайынан хаһыаппытын таһаарыахпыт этэ», - диирэ.
Билигин санаан көрдөххө, үлэтин сүнньүнэн дьон суругун көннөрүүгэ олорбут эбит, тоҕо бэйэтэ үгүстүк суруйбатаҕай диэн хомойо саныыбын. Холобур, «Ситтэрбэт сирдээҕи анал» диэн матырыйаала маннык строкалартан саҕаланар: «Сыл-хонук aһан истэҕин ахсын, үлүскэн сүүрүктээх таас үрэх дьэҥкир уутун анныгар сытар көмүс кылабачыйан көстөрүнүү, үлэ үөһүгэр эдэр саастарын толук уурбут үтүө-мааны дьон мөссүөннэрэ өссө ордук сырдаан, дьэрэлийэн көстөн кэлэр. 1993 с. бэс ыйын 26 күнүгэр «Саха сирэ» хаһыакка бэчээттэммит П.А. Ойуунускай үбүлүөйүгэр аналлаах куонкуруска үлэ, тыыл бэтэрээнэ «Таатта үрэх үрдүгэр» ыстатыйатыгар айылҕаны бу курдук уустаан-ураннаан дьүһүйэр: «Самааҥҥа Таатта үрэх икки өттүнэн киэҥ хотооллонон, сибэккилээх кырдалланан, бэт наҕыллык талбааран сытар. Ыра санаа ытарҕатын курдук илибирэстээх үөттэр, талахтар, көнө-налыы хонуулар ис-истэн иитиллэн тахсар иэйиилэри үөскэтэргэ дылылар». Андрей бэйэтэ маннык кэрэ сиргэ төрөөбүт буолан, кини айар тыл алыбын, этэр тыл илбиһин иҥэриммит эбит.
Оттон сытыы, булугас өйүнэн, суруналыыс кыраҕы хараҕынан суруйбут кэрчик кэпсээннэрин туһунан этэ да барбаккын.
Сахсаанап мүччүргэннээх сырыылара, түүлээх уллуҥахтар – сүллүүкүннэр эти көтүппүтэрин, эргиэн-урбаан үйэтигэр былыргы үтүө умнууга хаалан, билэр дьонуҥ даҕаны эйигин сүүлүктүүртэн тардыммат буолбуттарын туһунан о.д.а. матырыйааллара уурбут-туппут курдуктара, тыллара-өстөреө миигин кэрэхсэтэрэ. Саамай дьиктитэ баар, кини майгыта-сигилитэ ыстатыйаларыгар сурулла сылдьар курдуга. Ыстатыйаларыгар сүрүн геройдара мөкү да соҕустук сыһыаннастахтарына, кинилэри өһүрэн туран кэнэйдээбэт, төттөрүтүн, аһынар курдуга. Дьоҥҥо сыһыана эмиэ оннук этэ. Ол да иһин барытын сүрэҕэр сөҥөрбүтэ атыннык туолуйан таҕыстаҕа. Хаһыатын атыыга батараары эт атаҕынан улуустарга салааскалаах айанныыра. Эрэдээксийэҕэ биир эмэ хаһыат ордон кэлээри гыннаҕына, барытын туох-ханна тэрээһин буоларынан батара сытыыра. Массыына була охсон, ыраах улуустарга эргэ хаһыаттарын нэһилиэнньэ ааҕарыгар ыытара...
Аны санаатахха, кырдьаҕас боростуой ыал оҕото, мин кэргэним, бэйэтин үтүөтүнэн, олоххо тардыһыытынан үөрэҕи-сырдыгы эккирэтиһэн, киһи-хара буолан, кэлин өрөспүүбүлүкэ дьоно бүттүүн сэҥээрэр-кэтэһэр «Киин куoрат» хаһыат эрэдээктэригэр тиийэ үүммүт.
Биһиги аҕабыт, кэллиэгэбит, эрэдээктэрбит Андрей Васильевич АРГУНОВ хаһыата бар дьоҥҥо үйэтэ уһаатын. Сахалыы тыллаах “Киин куорат» хаһыат бу сыллар тухары чэпчэки суолу тутуспакка, бэйэтин суруйууларыгар олоҕу дьиҥ баарынан көрдөрөн, үтүө өрүттэргэ сүрүн болҕомтотун ууран, куоракка эрэ буолбакка, араас улуус саха ыалыгар кэрэ кэпсээн кэһиилээх күндү ыалдьыт буола үүнэ-сайда турдун.
Кэргэнэ Антонида Николаевна АРГУНОВА