Тайҕа таайыллыбатах таптала
Ону баара таайыллыбат таабырын диэн суох! Бу “Тайҕа таайыллыбатах таптала” кинигэ кистэлэҥ таабырынын икки киһи таайда! Ол-- Андрей Константинов уонна Люция Бандерова-Айыллаана. Кинилэр дьикти түгэҥҥэ куустаран, туспа ырыа-айымньыны айан көтүттүлэр.
Дьахтар уонна эр киһи сыһыаннара син биир айылҕа суугунун кэриэтэ. От-мас сиккиэрэ, үөн-көйүүр түбүгэ дуу, кыһалҕата дуу... уу-хаар кэлиитэ-барыыта.
Тоҕо эрэ, бу сиппит киһи олоҕун анааран көрдөҕүнэ, онуоха маарынныыр эбит ээ! Ол да иһин, хас ыал аайы ийэ-аҕа буолан үйэлэрин моҥообут да дьон үтүө сыһыаннарын төһө баҕарар айылҕаҕа дьүөрэлээн дьүһүйүөххэ сөп. Били, “таптал диэн бараммат муусука” диэбиттэрин аанньа, кырдьыга оннук. Иэйии күүһэ, сыһыан-майгы ырааһа, таптыыр сүрэх ууллара киһи аайы эриэккэс дьикти, хаһан да симэлийэн хаалбат, суола суох сүппэт айылгылаах.
“Тайҕа таайыллыбатах таптала” кинигэни аахтахха эмиэ оннук. Бука, дьахтар үксэ билиҥҥи олоххо, аһары бэлэмҥэ, барыта баарга сууралла сыспыт оруоллаах бэйэтин эрин, эр киһитин булгуччу күүстээх, көмүскэһэр кыахтаах, модун санаалаах, барыны билэр, айылҕа ирээтин курдук көрүөн баҕарара буолуохтаах!
Ол иһин эдэрчи өттө, бу айымньыны ааҕан баран, күүстээх аҥаары тургутан да көрөөрү гынаахтыыра дуу, ойуурга таласта, булка-үүтээҥҥэ баҕарда, күһүннэри көмнөх анныгар дьаарбайталыан, тэллэйи иккиэ буолан хомуйуон санаата!
Кырдьыгы этэбин! Оннооҕор ырыа айдылар. Иһирэх тыллардаах, иэйиилээх матыыптаах буолан тахсыбыта сүрэҕи чахчы өрүкүтэр эбээт!. Онон, бары романтиктарга, айылҕаҕа чугастарга уонна саҥа тыа-ойуур диэки көрбүттэргэ эҕэрдэ буолуохтун.
Андрей Константинов, “Тайҕа таайыллыбатах таптала” ис кистэлэҥин булаары киһини долгутар тылларын суруйда. Аны ону ааҕаат, Люция Бандерова-Айыллаана, олоро түһээт “ыллаан” кэбистэ, матыыбын айда! Бу сабыс-саҥа ырыа сааскы иэйиигэ кыттыһан биһиги олохпутугар киирбитэ үчүгэйиэн!
Онон, доҕоттор, сүрэх ыллыыр, санаа күүһүрэр, эрчим эбиллэр кэмигэр “Тайҕа таайыллыбатах тапталын” айбыт-суруйбут Намылыны (Надежда Парфеньевна Егорованы) уонна Оҕуруоттааҕы (Иннокентий Петрович Поповы) эҕэрдэлиэҕиҥ! Кинигэлэрэ, ырыа буолан кубулуйан, киһи дууһатын өҥөйбүтүнэн киирэр кыахтаммытынан!
Ити “Тайҕа... тапталын” “Айар” маҕаһыыннарыгар 177 солкуобай сыанаҕа атыылаһан, эн эмиэ таайдаргын атын аартык арыллыа диэн итэҕэйэбин. Таарыччы саҥа ырыаны сэҥээр, дьон айымньы иһигэр төһө “киирэн” хааларын уонна көрөн турдахха уларыйан хааларын тойоннуоҥ диэн эрэнэбит.