20.11.2019 | 13:46

Таптал имэҥнээх иэйиитэ икки атахтаах эрэ анала буолбатаҕын итэҕэйэн турардаахпын...

Таптал имэҥнээх иэйиитэ икки атахтаах эрэ анала буолбатаҕын итэҕэйэн турардаахпын...
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Таптал имэҥнээх иэйиитэ икки атахтаах эрэ анала буолбатаҕын итэҕэйэн турардаахпын...

Сылгы базата оҥостон, үөр сылгыбытын илдьэн кыстаттыбыт. Онно сайылаттыбыт. Күһүн буолла. Хойутаабыт кус-хаас ааспыта, бүтэһик хара тураах хааҕырҕаан барбыта ыраатта. Көмнөх түһэн, кыстык хаар түспүтэ да, чараас. Өрүстэр тураары, сырылас тымныынан, дьыбардааҕынан тыыналлар. Түүн, хаар чараас буолан, күөллэр муустара дэлбэритэ бараллар, этиҥ этэринии эстээт куугунуу сүтэллэр. Эт тоҥор буолла. Сылгыларбытын сыһыыттан сылгылаан, хонууттан хомуйан мустубут. Туллай диэн бастыҥ атыырбытыгар мап-маҥан бэйэлээх эдэркээн кытыт биэ сыстыбыт. Үүрэн көрдүбүт да, төттөрү кэлэ турар. Онуоха илдьит ыыттыбыт. Аҕыйах хонон баран сылгыһыт уолаттар кэлэн ылан бардылар. Убаһалары араартаан баран уонча хонук, истэрин тартаран, сылгыларбытын аһатар идэлээхпит. Онно көрбүппүт, били биэбит эмиэ холбоспут. Эмиэ илдьит ыыттыбыт. Кэлэн ыллылар. Кыстык хаар халыҥаан, бытарыттар тымныылар түстүлэр. Туманынан бургучуйан, кыыдааннаах кыһыммыт тиийэн кэлээхтээтэҕэ буоллаҕа. Сылгыларбытын кыстык аһылыктарыгар киллэртээри мустубут. Били биэбит эмиэ баар. Эмиэ илдьиттэһии, эмиэ кэлэн илдьэ бардылар. Хоно сытан уолаттар саҥалара хойдубут, нуучча-саха тута өйдөһөр тыллара кыбыллыбыттар. "Сылгы үөрүн хомуйуохтаахпытын, бу биир биэ туһуттан, күммүт-дьылбыт бары барда..." - дэһэллэр. Нэһилиэктэрин анараа түгэҕэр баар сылгы базатыгар илдьэн, аатырбыт атыырдарыгар туттарыах буоллулар. Хонон турдах аайы бэйэбит атыырбыт киҥэ-наара холлон барда. Күрүөнү да тулутуо суох, атын да үөрдэри кытта атааннаһара элбээтэ, бэйэтин да биэлэрин тутаттаан сиэтэлиэх курдук буолан барда. "Хайа, бу бастыҥ атыырбыт, киһи курдук өйдөөх бэйэтэ туох буолла?"- диэн толкуй бөҕөҕө түстүбүт. Убаһа эрдэҕиттэн бэйэм тутан-хабан улаатыннарбыт буолан, майгытын-сигилитин бэркэ билэр этим. Күһүҥҥү хомуурга да, кыһыҥҥы аһылыкка киллэрэргэ, көстөр сиргэ тиийэн баран, аатын ыҥыра-ыҥыра: "Дьиэҕитигэр барыҥ..." -  диэн үөгүлээтэххэ, үөрүн хомуйан дьиэтин диэки субурута турааччы. Арыт урут, арыт кэннилэриттэн барар, ким туораары гыммыты суолун көннөрөн, дьарыйан биэрээччи. Таах батыһаҕын эрэ. Дьэ, ол бэйэтэ киэбэ-таһаата уларыйбыт. Бөһүөлэктэн базаҕа кэллэххэ, санаам дуораанын истэрэ дуу, биттэнэн билэрэ дуу, сарсыныгар- өйүүнүгэр дьиэ турар сыһыытыгар үөрүн илдьэ киирэн кэлээччи. Билигин, ыҥырдахха, антах хайыһан кэбиһэр. Бу сыл хаара наһаа халыҥа суох буолан, тымныыта сүрдээх этэ. Тымныы оройо. Үөр сылгы тыына сыһыыга бургучуйан баран олорон хаалбыта, туманы өссө хойуннарар. Күн кылгаһа бэрдиттэн сырдыгы былдьаһыы. Халлаан суһуктуйуута сылгыларбын аһаталыы тиийбитим, бэрт үчүгэйдик хаһан аһыы сылдьаллар, утуйа турааччы да баар. Дьөһөгөй оҕото Туллай үөрүгэр тиийбитим, наҕылыйбыт аҕай. Чугаһаан баран өйдөөн көрбүтүм, били биэ кэлэн турар... Мунна мууһурбутун Туллай өттүгэр туура аалына сатыы турар эбит. Оттон Туллайа биэ үрдүгэр харыйа ойуур халыҥ хаар көмнөҕө дьапталла түспүтүн, тииһинэн ытыран логлорутан ыла-ыла ыраах илгэн ыскайдыы турар эбит. Туллайым дьырайбыт аҕай, аам-даам тымныыга, өрүкүйэр туман быыһыгар буолбакка, күөх наассын солконон көҕөрө чэлгийбит сыһыытын, сибэккинэн симэммит саамай үрдүк томторугар дьэргэллэн турарын курдук быһыылаах. Дьэ, атыыр да атыыр. Ону көрөн тапталлаахтар ахтыһан аҕай баран ыбылы куустуһан уураһа-сыллаһа, имэрийсэ-томоруйса туралларыгар наһаа диэн майгыннаттым, долгуйа көрдүм, уйадыйан да ыллым. Бу эдэркээн кытыт биэ эрэйдээҕиэ, тапталлаахпар тиийиэм этэ диэн, сүрэҕэ тэппитин аанньа, мутук тостор тымныытыттан толлубакка, атын атыыр күөйэриттэн мүччү көтөн, сыһыы, хонуу аайы халыҥаабыт хаары, тибии типпитин хаһыйа хааман, үрүйэлэр аппаларыгар кыһыны быһа кыстык хаар симиллэ хойдубутун түөһүнэн тэлэн, хара тыа халыҥ хаар көмнөҕүн көхсүгэр сүгэн, хараҥа түүн ыйдаҥанан сирдэтэн, күнэ көстүбэт ала буурҕаҕа да муммакка, аара тохтоон ылбакка хаардары хаба-хаба хааман-сиэлэн кэлээхтээтэҕэ. Бэри диэн бэркиһээтим, сөрү диэн сөхтүм. Дьэ буолар да эбит, тапталынан умайбыт сүрэх уоҕа-күүһэ, имэҥ идэмэрдээх иэйиитэ, ахтылҕан алдьатыылаах аймааһына, сайыһар санаа самныбат саргыта сүрдээх да буолар эбит! Хас эмэ көһүнэн сири түргэнник да кэлээхтээбит, көбүс көнө түһээхтээтэҕэ... Аан Ийэ Дойдуну баһылаан олорор иэгэйэр икки атахтаах идэмэрдээх санааны буолбакка, ити курдук уохтаах тапталы өрө тутара буоллар, дьоллоох-соргулаах олох олоҕуруо, сүтэрсибит сүрэх суох буолуо, кэнчээри ыччат кэскиллэниэ этэ. Сылгыбын аһатаат, киэһэрдим диэбэккэ дэриэбинэбэр ыстаннардым. Сылгыһыт уолаттарга, түүн да буоллар, төлөпүөннүү оҕустум. "Биэҕит манна кэлбит, үөргэ аһыы турар, сылгылыы сатаамаҥ, аны саас ылаарыҥ. Сэниэ эбинэ түстүн, от-бурдук баар", - диэн көрдөһөөччү буоллум. Уолаттар үөрүүнэн сөбүлэстилэр. Уонна биригэдьиирдэригэр илдьит ыыттым: "Биэни илдьибиккит иһин төннө турууһу, миэхэ ити атыырым оҕото кытыттаахпын, ону атастаһан, сааһыары кэлэн ылаарыҥ..." - диэн. Хата, саастаах, уопуттаах биригэдьиир сөбүлэһэн, уолаттар сааһыары атастаспыт кытыылыыр биэлэрин сэтиилэнэн барбыттара. Кэлбит киэһэлэригэр атыырдаах биэбит туһунан сөҕө-махтайа, сылаанньыйа сэһэргэһэ, сүбэлэһэ-амалаһа хоммуппут. Мап-маҥан биэ баһаах биэ буолбута. Сылгыларым төрдүлэрэ буолбут кырдьаҕас атыырым Туллай тапталлаах биэтинээн билигин даҕаны үөрдэрин тутан ууһуу-тэнийэ сылдьаллар. Сайылык Уола

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...