04.04.2022 | 16:00 | Просмотров: 877

Түргэн интэриниэттэнэн абыраннылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2021 сыл бүтэһигэр үс тыһыынча дьиэлээх Хатас сэлиэнньэтэ түргэн интэриниэккэ холбоммута. Бу иннинэ олохтоохтор Дьокуускай салалтатыгар хаачыстыбалаах сибээһинэн хааччыллыы боппуруоһун элбэхтик туруорсубуттара. 
Кыһалҕаны быһаараары былырыын киин куорат салалтата «ТТК» АУо хампаанньаны уонна бэдэрээтчит «Диапазон» ХЭТ кытта куорат кытыытыгар волоконнай-оптическай систиэмэ тутуутун туһунан Сөбүлэҥи түһэрсибиттэрэ. 
Кылгас кэм иһигэр провайдер ситими GPON  технологиянан туппута уонна Хатас сэлиэнньэтигэр олохтоохтор үөрүүлэригэр түргэн интэриниэт киирбитэ. 
«Сүнньүнэн нэһилиэнньэ оҥоһуллар өҥө хаачыстыбатын биһирээтэ, үөрэххэ, үлэҕэ туһанар кыах тубуста. Волоконнай-оптическай систиэмэни провайдер «Якутскэнерго» линиятынан ыыппыт буолан ыал барыта холбонор кыахтанна. Атын хампаанньаларга бэйэлэрэ туспа остуолбалаахтар, онон интэриниэтинэн хабыллыы далааһына кыра этэ», - диир Хатас сэлиэнньэтин баһылыга Евгений Пермяков.
Олохтоохтор түргэн интэриниэт киирбититтэн астыналларын биллэрэллэр. «Мэлдьи бырагырымааларынан онлайн үлэлиибин, онон миэхэ түргэн, бигэ туруктаах интэриниэт наада. Бу иннинээҕи провайдер үлэтин сөбүлээбэтэҕим, сибээспит сотору-сотору быстара. Онтон талар кыаҕы биэрбиттэригэр ТТК хампаанньаҕа көстүм. Ити тохсунньу ый бүтэһигэр этэ, аны мин суһаллык, олунньу ый саҕана холбонуохпун, үлэлиэхпин наада буоллаҕа. Хампаанньа өйдөөн, миэхэ утары баран түргэнник холбоон биэрбиттэриттэн наһаа үөрэбин. Икки өттүбүтүгэр олорор ыалларбыт эмиэ ТТК-ҕа көспүттэрэ уонна интэриниэппит түргэн, сибээспит хаачыстыбалаах диэн астыналлар. Киин куорат уонна сэлиэнньэбит салалталарыгар операторы кытта бииргэ үлэлэһэн маннык быһаарыны ылыммыттарыгар махтанабыт», - диир Хатас олохтооҕо Эльвира Тарабукина.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.