09.04.2020 | 18:14 | Просмотров: 607

Сымыйа сураҕы тарҕатыы иһин холуобунай эппиэтинэс

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Госдуума сымыйа сураҕы тарҕатыы иһин эппиэтинэскэ тардыы сокуонун ылынна. Онон бассаапка сэрэхтээх буоллахха табыллар.

Ыксаллаах быһыы-майгы кэмигэр бэрээдэги кэһии, ыарыыны тарҕатыы иһин административнай ыстараап киирдэ:

  • Физическэй сирэйтэн 40 тыһ. солк. диэри; ИП-ларга – 150 тыһ. солк.; юридическэй сирэйгэ – 500 тыһ. солк. диэри (холобур, тэрилтэ үлэһиттэрин коронавирустан харыстыыр ньымалары ылымматах буоллаҕына).
  • Бэрээдэги кэһии киһи өлүүтүгэр тиэрдибит буоллаҕына – физическэй сирэйтэн 300 тыһ. солк. диэри; ИП-лартан уонна юридическэй сирэйтэн 1 мөл. солк. диэри.
  • Сымыйа сураҕы тарҕатыы иһин юрид.сирэйтэн – 3 мөл. солк. диэри.
  • Сымыйа сураҕы тарҕатыы дьон өлүүтүн, уопсастыбаннай бэрээдэк кэһиллиитин аҕалбыт буоллаҕына, юридическэй сирэйтэн – 5 мөл.солк. диэри.

Физическэй сирэйтэн, ол аата хас биирдии боруостуой киһиттэн, коронавирус туһунан сымыйа сураҕы тарҕатыы  холуобунай эппиэтинэһэ – 700 тыһ. солк. саҕалаан 3 сылга диэри хаайыы буолуон сөп.

Сымыйа сурах содулунан дьон доруобуйата эмсэҕэлээбит буоллаҕына – 1,5 мөл. солк. саҕалаан 3 сылга диэри хаайыы; киһи өлүүтэ таҕыстаҕына – 2 мөл. солк ыстырааптан саҕалаан 5 сылга диэри хаайыы.

Санитарнай-эпидемиологическай быраабыланы кэһии ыарыыны тарҕаттаҕына – 700 тыһ. солк. ыстырааптан саҕалаан 2 сылга диэри хаайыы буолуон сөп. Быраабыланы кэһии түмүгэр дьон өллөҕүнэ – 2 мөл. солк. ыстыраап эбэтэр 7 сыл хаайыы. Холобур, кыраныысса таһыттан кэлбит киһи  карантиҥҥа олорбокко, атын дьоҥҥо ыарыыны тарҕаппыт буоллаҕына, хаайыыга барыан сөп буолла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Исидор Барахов кинигэтэ
Сонуннар | 11.03.2026 | 16:47
Исидор Барахов кинигэтэ
«Киин куорат»  «Түмэл киэн туттар экспоната» бырайыагар И.Н. Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын түмэлэ кыттыыны ылар.
Эдэр ааҕааччылар ааптар хараҕын арыйдылар
Сонуннар | 13.03.2026 | 22:13
Эдэр ааҕааччылар ааптар хараҕын арыйдылар
Куорат оҕолоро сахалыы ааҕалларын, ону ааһан айымньыны дириҥник ырытарга холоноллорун бүгүҥҥү тэрээһин бигэргэттэ.
Таастыйбыт мастар
Сонуннар | 13.03.2026 | 15:17
Таастыйбыт мастар
«Киин куорат» таһаарыы «Түмэл киэн туттар экспоната» бырайыагар өрөспүүбүлүкэ араас улуустара кыттан эрэллэрэ кэрэхсэбиллээх.
Сулустар кэпсииллэр: Кулун тутар 9 – 16 күннэрэ
Сынньалаңңа | 09.03.2026 | 06:00
Сулустар кэпсииллэр: Кулун тутар 9 – 16 күннэрэ
Бараан Бу нэдиэлэ туох эрэ эриирдээх-мускуурдаах, угаайылаах буолуон сөп. Онон сэрэхтээх буол, киирэн биэримэ. Чэппиэргэ партнергын кытта ыарахан кэпсэтиилэртэн куотума, бу сыһыаҥҥытыгар чуолкайы уонна барытын оннугар түһэрэр кыаҕы үрдэтиэҕэ. Туох да эбии эбэһээтэлистибэни ылыныма. Нэдиэлэ устата дьулуургун намтатан, балаһыанньаны баарынан ылынарыҥ ордук. Оҕусчаан Бу күннэргэ дьикти уонна араас тэрээһиннэр түгэннэригэр...