11.04.2022 | 18:00

«Сыл учуутала - 2022» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕа ааттанна

«Сыл учуутала - 2022» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕа ааттанна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус устар 9 күнүгэр «Сыл учуутала - 2022» XXXI-с  өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүк түһүмэҕэ пресс-конференция көрүҥүнэн ыытылынна. Бу туһунан СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа Министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.  
Түмүк түһүмэххэ биэс саамай күүстээх кыттааччы таҕыста: Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын физикаҕа учуутала Иван Дьяконов, Лөгөй оскуолатын алын кылаастарын учуутала Валентина Нафанаилова, Үөһээ Бүлүүтээҕи 4-с №-дээх оскуола математикаҕа учуутала Александр Дмитриев, Ленскэй 2-с №-дээх оскуолатын алын кылаастарын учуутала Наталья Коновалова, Сунтаардааҕы 1-кы  №-дээх оскуола английскай тылын учуутала Дмитрий Михайлов.
Пресс-конференцияҕа куонкурус урукку сыллардааҕы кыайыылаахтара, оҕолор дьүүллүүр сүбэлэрэ, төрөппүт кэмитиэтэ уонна суруналыыстар ыйытыктары биэрдилэр. Финалистар уус тыллаахтарын уонна киэҥ билиилээхтэрин көрдөрдүлэр. 
Финалистары үөрэҕирии уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай эҕэрдэлээтэ.
«Өрөспүүбүлүкэбитигэр  XXXI-с төгүлүн ыытыллар куонкуруһу дьоһун суолталаах уонна ыйааһыннаах оҥордугут. Барыгытын ситиһиилээх куонкурсунан эҕэрдэлиибин. Оскуолаҕытыгар, муниципальнай түһүмэххэ уонна билигин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бастыҥ буоллугут. Инники өттүгэр эһигини лектор уонна эксперт быһыытынан ыҥырыахтара», - диэн бэлиэтээтэ Михаил Присяжнай.
Айсен Кейметинов учуутал Егор Дмитриевич Макаров аатынан бириэмийэни ылла. Лилия Санникова М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет магистратуратыгар үөрэнэргэ сертификаты сүүйдэ.  Александр Дмитриев Герцен аатынан судаарыстыбаннай педагогическай универтет бүддьүөт миэстэтигэр үөрэнэр сертификаты ылла. 
«Саха сирин методиһа» түөскэ анньынар бэлиэни Бөтүҥ оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Наталья Новикова ылла. Оҕолор дьүүллүүр сүбэлэрин биһирэбил бирииһигэр Иван Дьяконов тигистэ. Төрөппүттэр биһирэбиллэрин Наталья Коновалова ылла.
«Сыл учуутала» XXXI-с өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус муҥутуур кыайыылааҕынан Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын физикаҕа учуутала Иван Дьяконов буолла. 
«Кыратык долгуйан турабын. Бастатан туран, бэйэм хамаандабар – кэллиэгэлэрбэр махталбын тириэрдэбин, бу биһиги уопсай кыайыыбыт! Чугас дьоммор махтанабын, кинилэр миигин мэлдьи өйүүллэр. Оҕолорго өйөбүл наһаа наада диэн этиэхпин баҕарабын. Эһиги кинилэри өйүүр буоллаххытына, кинилэр мэлдьи үрдүк ситиһиилээх буолуохтара. Бүгүн ылбыт наҕараадаларбыттан саамай үрдүгэ – оҕолор биһирэбиллэрин бирииһэ!», – диэтэ Иван Дьяконов.
Муҥутуур кыайыылаах быһыытынан Иван Дьяконов өрөспүүбүлүкэ аатыттан «Сыл учуутала - 2022» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....