Солко өрөөччүнү уодьуганныырга!
Бэс ыйыгар Дьокуускай, Нам, Хаҥалас лесничестволарыгар Сибиир солко өрөөччүтэ тарҕаммыта биллибитэ. Буортулаах үөн киин куоракка баар буолуоҕуттан чинчийэр, кэтээн көрөр, тарҕаммыт сирин учуоттуур уонна мээрэйдиир үлэ ыытыллар. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай экология надзорун кэмитиэтин салайааччыта Кирилл Алчин иһитиннэрэр.
Кэнники дааннайдары ылан көрдөххө, солко өрөөччү киин куорат 5 тыһыынча гектартан тахса тула өттүнээҕи ойууругар, Шестаковка 7 тыһыынча гектартан тахса сиригэр-уотугар, Марха 26 тыһыынча гектардаах тыатыгар олохсуйбут.
“Түргэнник уодьуганныыр, үөскүүр сирдэрин ыраастыыр тэрээһиннэри ыытыахха наада этэ. Чинчийэр, кэтээн көрөр үлэни таһынан, солко өрөөччү ахсаанын чопчу билээри, анал угаайылары бэлэмнээбиппит. Күһүн үлэ түмүгүнэн буортулаах үөнү бохсор үлэҕэ көрүллэр үп-харчы сууматын быһаарыахпыт, тыырыахпыт”, – диэтэ Кирилл Алчин.
Үлэни «Рослесзащита» ФБТ федеральнай агентствотын Бурятскай филиала ыытар. “Федеральнай тэрилтэ тулалыыр эйгэҕэ буортулаах үөнү-көйүүрү суох оҥорор миэрэни ылар туһугар салгыҥҥа уонна сиргэ үлэлиэҕэ”, – диэтэ кэмитиэт салайааччыта.
Билигин өстөөҕү кыдыйар туһата суох. Тоҕо диэтэххэ, бу иннинэ коконнарыттан тахса иликтэрэ, от ыйын ортотуттан үрүмэччилэр саҥа көтөн эрэллэр. Түүлээх үөн ыамата улаата илигинэ аһаабат. Кинилэри суох оҥорор анал сириэстибэ аһыыр уорганнарынан эрэ киирэр.
Быйыл сайыны быһа куйаас уонна кураан күн-дьыл турда. Онон эһиил солко өрөөччү өссө элбиэн сөп. Хойуу тыалаах улуустар тыаларыгар ордук күүскэ тарҕанар кутталлаах.