29.01.2020 | 13:27

СНЮС-тан оҕолоргутун харыстааҥ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Европа үгүс дойдуларыгар снюс өссө 1992 сылтан бобуулаах. Арассыыйаҕа 2004 сылтан табаҕы солбуйар эттиктэр тарҕанан барбыттара биллэр. Снюс табах атыытын сокуонугар сатаан хабыллыбакка, 2015 сылга диэри кыайан бобуллубакка, аһара тарҕанан хаалла.  2016 сылтан снюс биир көрүҥэ – “ыстыыр табах” диэн аатынан Арассыыйаны биир гына ыһан кэбиспитэ. Дьокуускайы бу дьаллык эмиэ тумнубата...

Киин куораппытыгар снюс былырыыҥҥыттан ыла аһаҕастык тарҕанар, атыыланар буолбута. Онтон, Ил Дархан ыйааҕынан, снюс атыыта бобуллан, тустаах уорганнар рейдэлэринэн төһө эмэ хааччахтанна. Куорат атыы-эргиэн кииннэригэр ыстанар ыас курдук атыылана турар табаары элбэҕи туттулар.

Билигин интернетинэн, Ютуб роликтарыгар бу табахтары киэҥник рекламалыыр буоллулар. Күннээҕи олох саҥа сонун сүүрэнин курдук, муода курдук көрдөрөллөр. Блогердар хото рекламалыыллар. Обургу саастаах оҕолор үтүктүһэ-үтүктүһэ, блогердар челленджтэрин хатылыыллар – маассабай хамсааһыҥҥа кыттыһаллар, ол аата уопсастыба сорҕото буолалларын  дакаастыыллар.

Снюс – табах бииһин ууһа. Үөһээ уостарын кэннигэр уктан эмэллэр эбэтэр кэмпиэт курдук ыстыыллар. “Буруота суох табах” диэн ааттыыллар. Никотины кытта киһи организмҥыгар атын буортулаах эттиктэр түргэнник тарҕанар буоланнар, доруобуйаҕа буортута сөҕүмэр.

Снюс киһи организмыгар буортутун уонна төрөппүттэр оҕолоро бу эттиги туттарын хайдах билиэхтэрин сөбүн туһунан СӨ наркологическай диспансерыгар манныгы кэпсээтилэр:

Табах биир сототугар 1,5 мг никотин баар буоллаҕына, снюска никотин 40-60 мг баар. Маны таһынан, маннык “кэмпиэккэ” эбии 30-тан тахса атын химическэй эттиктэри булкуйаллар. Бу эттиктэр айах иһинээҕи тириини быһа сиэн, устунан бааһырдан бараллар. Баастаах айахха снюс угуннахтарына, эттиктэр түргэнник киһи хааныгар тарҕаналлар.

Сорох дьон снюс табаҕы быраҕарга көмөлөһөр дии саныыр эбит – ол сыыһа өйдөбүл. Табаҕы быраҕарга анал эмтэр туһалыахтарын сөп, холобур, “никоретте” таблеткалар. Ол эрэн ханнык да пластырь, эмп киһи эҕирийэн ылар туругун солбуйбат. Ол иһин табахсыттар дьаллыктарын уһун сыллар устата сатаан бырахпаттар. Табаҕы быраҕарга, ханнык да солбуйар эмп наадата суох, киһи бэйэтин баҕа санаата эрэ быһаарар.

Снюс буруолаах табахтааҕар буортута кыра дии саныыр эмиэ сыыһа. Бу ыстанар табахха, никотинын дозата олус элбэх буолан,  киһи түргэнник ылларар, тутулуктаах буолан хаалар.

Төрөпүттэр оҕо снюс ыстыырын хайдах сэрэйиэхтэрин сөбүй? Бу наркотикка өссө тэҥнэнэ да илик буоллар, син биир улахан куһаҕан дьайыылаах эттик ордук обургу оҕолорго тарҕанна. Снюс эмэр оҕолор айахтарыттан табах сыта кэлбэт, тиистэрэ саһарбат. Онон төрөппүттэр болҕомтолоох буолуохтарын наада. Оҕо тутта-хапта сылдьара уларыйыан сөп – кыраттан кыйаханар, түргэнник сылайар, үөрэҕин кыайбат буолан хаалар.

Билигин табахтаан бусхата сылдьар муода ааста, аныгы ыччат сигаретаны тардыбат буолан эрэр. Ол оннугар табах атын көрүҥнэрэ кэллилэр.

2019 сылга 11 төрөппүт “оҕобут снюс туттар быһыылаах” диэн Наркологияҕа кэлбиттэриттэн, 6 оҕону кэтээн көрүүгэ, эмкэ ыллыбыт.

Снюс кэмпиэт курдук чаҕылхай хахтаах эбэтэр кыракый бааҥкаларга угуллубут буолар, бэйэтэ пааста курдук ньалҕаархай.

СӨ Наркологическай диспансера обургу саастаах оҕолору кытта үлэлиир анал сулууспалаах:

Дьокуускай к., Автодорожнай уул., 38, манна быраастар уонна психологтар бааллар.

Роспотребнадзорга иһитиннэрбиттэринэн, Дьокуускайга уонна улуустарга рейдэлэр ыытылыннылар, сүүһүнэн атыы-эргиэн кииннэрэ, маҕаһыыннар бэрэбиэркэлэннилэр. 2000-тан тахса атыыга бэлэмнэнэн хахтаммыт снюс тутулунна.

Снюс атыыланарын биллэххитинэ, Роспотребнадзор быһа линиятыгар 8-800-550-21-24 эбэтэр  www.14.rospotrebnadzor.ru. сайтка биллэриҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....