13.12.2021 | 17:00

Ситиһиилээх бизнес талааны эрэйэр

Ситиһиилээх бизнес талааны эрэйэр
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Дьону иистэнэргэ уһуйар элбэх оҕолоох ийэ Елена Олесова (@elenaolesova) Нам улууһун Хатырыгыттан төрүттээх. Айар куттаах Дьяконовтар дьиэ кэргэн улахан кыыстара. “Кырабыттан айар эйгэлээх дьон тулалыыллар: ийэм – омук тылын учуутала, аҕам – режиссер; эһэм математика учуутала, саахыматчыт, гармошкаҕа оонньуур этэ, эбэм – акушерка уонна иис бары көрүҥэр талба талааннаах иистэнньэҥ этэ”, - диир Елена.

 

– Бастаан эбэбиттэн күрүчүөгүнэн, испиисэнэн баайарга үөрэммитим. Кэлин ийэбинээн иистэнэр буолбуппут, “Бурда” сурунаалтан араас моһуоннаах таҥас быстан тиктэр этибит, аҕабытыгар иккиэн үтүлүк, кээнчэ тигэрбит. Онтон оскуолаҕа үлэ уруогуттан саҕалаан, ииһинэн дьиҥнээхтик үлүһүйбүтүм.

 

– Предприниматель диэн көннөрү дьонтон ураты толкуйдаах киһи дииллэрин кытта сөпсөһөҕүн дуо? Эн туохтан саҕалаабыккыный?

– Предпринимателлэр олоҕу атыннык көрөллөр, уратытык толкуйдууллар дииллэрин кытта сөпсөһүөхпүн сөп. Мин бэйэбин туох эрэ улахан предпринимательбин дэммэппин эрээри, үөрэммит идэм “Технология уонна предпринимательство учуутала” диэн ааттаах. Пединститукка үөрэммитим, ол иннинэ Намнааҕы педколледжы бүтэрбитим. Сэттэ сыл устата биһигини талааҥҥытын таба тайанан, дьоҕургутун сайыннаран, бэйэ дьыалатын арыйыҥ, бэйэҕитин бэйэҕит ииттиҥ диэн үөрэппиттэрэ.

 

Социальнай хантараак көмөлөспүтэ

– Судаарыстыбаттан көрүллэр туох эмэ көмөнү туһаммытыҥ дуо?

– Дьону иискэ үөрэтэр оскуолабын арыйарбар социальнай хантараак улахан көмө буолбута. 2018 сыллаахха баччаларга, саҥа дьыл саҕана, бизнес-былаан суруйан, сайаапка түһэрбитим. Онтукайбын үчүгэйдик көмүскээн, оскуола арыйарбар харчы биэрбиттэрэ. Ол харчыбынан иистэнэр массыыналарбын, оверлоктарбын, миэбэлбин, бастаан туттар малбын-салбын атыыласпытым. 2019 сыл олунньутуттан дьону үөрэппитинэн барбытым.

 

– Дьону үөрэтэр санаа хайдах кэлбитэй? Тугу эрэ сатыыр, наһаа үчүгэйдик оҥорор дьон билиилэриттэн “көҥөнөр” буолаллара баар дии. Мин санаабар, маны ааһарга эмиэ бэйэни кытта үлэ барыахтаах быһыылаах, эйиэхэ ол хайдах ааспытай?

– Бастатан туран, мин бэйэбин уһулуччу талааннаах иистэнньэҥмин дэммэппин. Мин – учууталбын. Иистэнэргэ үөрэтиэхтээхпин. Ол иһин кистэлэҥмин дьоҥҥо кэпсиэхпин наада. Бастаан бэйэм үөрэннэҕим дии, ол билбиппин барытын үөрэнээччилэрбэр кэпсиибин. Олох боростуойдук, тиийимтиэ буоллун диэн судургутук, бэйэм хайдах өйдөөбүппүн кэпсиибин. Хаһан да иистэммэтэх дьон мин базовай кууруспар үөрэнэллэригэр түөрт суол араас таҥаһы тиктэн баран соһуйааччылар.

Бастаан иистэнэр киһи хайаан да туора-маары, кынньары-ханньары тигэр диэн буолбатах. Мин үөрэнээччилэрим бастакыттан үрдүк хаачыстыбалаахтык тигэллэригэр кыһалла сатыыбын, оннук табыллар даҕаны.

Сахаҕа иистэнэр талаан баар

Номнуо сүүһүнэн киһини иискэ такайан баран тугу этиэҥ этэй, саха эрэ барыта иистэнэр дьоҕурдаах дииллэрэ оруннаах дуо?

– Сахалар былыр-былыргыттан түүлээҕинэн, тириинэн иистэнэн кэллэхтэрэ дии. Хас биирдии саха киһитигэр иистэнньэҥ уонна уус талаана баар дии саныыбын. Хаһыстахха, хаһыс эрэ көлүөнэҕит син биир иискэ сыһыаннаах буолан тахсар диэн үөрэнээччилэрбэр этэбин. Онон сахалар иискэ дьоҕурдаахпыт, мындыр толкуйдаахпыт. Ол иһин иистэн куттаммакка үөрэниҥ диэн сүбэлиибин.

 

– Пандемия кэмигэр онлайн үлэни бэркэ баһылаатыҥ. Туох уустуктардаах, туох судургутуйар буолар эбитий? Дьон төһө сөбүлээтэ?

– Онлайн-оскуоланы тэрийэр, онтон үлэлэтэр олус ыараханын биллим. Бастатан туран, компьютеры ымпыгар-чымпыгар тиийэ баһылыахтаах эбиккин. Иккиһинэн, техникаҕа барытыгар быһаарсарга үөрэниэххин наада. Мин айар эрэ үлэҕэ уйдаран сылдьыбыт буоламмын, компьютердаах өттүн ордук ыарырҕаппытым. Төлөпүөнү эрэ сатыыбын.

Дьүөгэм Диана Прокопьева көмөтүнэн онлайн-оскуолабытын үлэлэтэбит. Кини ити эйгэҕэ сыһыаннаах буолан, үөрэнээччилэрбэр барыларыгар электроннай почталарыгар суруйан, геткурска киллэрэн, видеоуруоктары уһулан, монтажтаан, сааһылаан биэрэр. Техническэй өттүгэр барытыгар кини эппиэттиир, соҕотоҕун онлайн-оскуола үлэтин кыайбаппын, ол иһин дьүөгэбэр Дианаҕа махталым муҥура суох.

Быһа эфиргэ тахсарбын бастаан наһаа толлор этим, кэнники син үөрэнним. “Колибри”, “Швейный парк” маҕаһыыннары кытта үлэлэһэбин, кинилэри кытта быһа эфирдэри ыытабыт. Ый аайы саҥаттан саҥа тиэмэҕэ кэпсэтэбит.

Аудиториям киэҥ буоллун диэн барытын нууччалыы ыытабын. Нуучча тылынан саҥарарбар эмиэ бэйэбэр хааччахтары туораабытым. Оттон сахалыы сиһилии бассаапка быһааран биэриэхпин сөп. Үөрэхпит барыта геткурс диэн онлайн-балаһааккаҕа барар.

 

Туохтан да куттанымаҥ!

– Сөбүлүүр дьарыгы барыстаах бизнес оҥостуохха сөп дуо?

– Сөп бөҕө буоллаҕа дии. Ол дьарыккар сыал-сорук туруоран үрдэллэри ситиһэр, саҥаҕа үөрэнэр буоллаххына. Саамай сүрүнэ – талааны таба тайаныахха наада эбит. Ханнык баҕарар киһи дьоҕурдаах уонна айылҕаттан талааннаах. Ону сатаан туһаныы – ол дьол.

 

– Иистэниэн баҕарар дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Куттаммакка ылсан иһиҥ диибин. Бастаан саамай боростуой, көнө сииктээх таҥастартан саҕалааҥ – түннүк сабыыта, утуйар таҥас, оҕо таҥаһа. Массыыҥканан туттарга илэ ыытыллар уруоктарбар үөрэтэбин, эбэтэр массыынаны хайдах иитэри инстаграм страницабар баар уруоктары көрөн үөрэниэххитин сөп. Инстаграммар элбэх босхо маастар-кылаастары устан угабын. Онлайн-оскуолаҕа массыынанан сатаан туттар, көнө сииги сүүрдэр дьон үөрэнэллэр.

Иистэнэри саҕалыыр хаһан да хойут буолбатах. Миэхэ 12 саастарыттан 70 саастарыгар диэри дьон үөрэннэ. Бу кэлэр олунньуга оскуолам 3 сааһын туолар, 300-тэн тахса киһини иискэ уһуйдум.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...