Сэргэх тэрээһин ыытылынна
Өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо муустар устар 7 күнэ сэргэхтик ааста.
«Аҕа күнүгэр» аналлаах муустар устар 7 күнүгэр Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр уопсастыбаларын тэрийиитинэн, Чурапчыттан, Амматтан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Тааттаттан доруобуйаларынан хааччахтаах дьон мустан куйуурга күрэх буолла. Маҥнай утаа күөлгэ киириэх иннинэ саха сиэрин-туомун тутуһан, аал уот иччитин аһаттылар. Ол кэннэ биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин барыта сэттэ хамаанда күрэс былдьаста.
Уопсайа 42 киһи кыттыыны ылла. Манна хамаандалар улахан балык, бастакы балык, элбэх балык, чэй өрүүтэ, сыал ытааһыҥҥа тургутууну аастылар. Түмүккэ Кытаанах хамаандата 1 миэстэ, Чыаппара - 2 миэстэ, Мэҥэ Хаҥалас 3 миэстэҕэ таҕыстылар. Кыайыылаахтарга уонна көхтөөх кыттааччыларга өйдөбүнньүк бириистэри, бириэмийэлэри туттартаатылар.
Ону таһынан, бу күн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ыал аҕата – ситим төрдө» күрэх буолан ааста. Манна Бүлүүттэн, Намтан, Чурапчыттан, Амматтан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Тааттаттан доруобуйаларынан хааччахтаах аҕыс аҕа күөн көрүстүлэр. Түмүккэ Бүлүүттэн Иван Павлов бастакы миэстэ буолан өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕалар уопсастыбаларын бирииһин – сааны тутта. Иккис миэстэни Амматтан Арылахов Петр ылан саха быһаҕын тутта. Үһүс бириистээх миэстэни Чыаппара олохтооҕо Баишев Николай ылан саха быһаҕынан наҕараадаланна. Ону таһынан, анал ааттарга:
Кэскиллээх аҕа – И.Григорьев;
Хоһуун аҕа – П.Васильев;
Дархан аҕа – Н.Баишев;
Чэгиэн аҕа – Е.Гаврильев;
Дьоһун аҕа – И.Тистяхов;
Сатабыллаах аҕа – Н. Кондаков.
Бары кыттыылаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр уопсастыбалара туруорбут сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Ити курдук, былыргыттан быйылгыга диэри аҕа дьиэ кэргэн олоҕор баһылык буолара мѳккүһүллүбэт кырдьык.