12.02.2020 | 11:41

Сэдэх көстүүнү көрөн турабын

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куола Уола:

– Биир саас, кыстык кэнниттэн, кыра сылгыны үөрдээн, улахаттарын сэлээн, сиргэ ыыталаан баран, кустуу диэн үүтээммэр хааллым. Уолаттарым, эдэр дьон хомуна охсон дэриэбинэҕэ сус гынан хааллылар. Мин соҕотох хаалан, мас кыстаан, кыбыыбын харбаан, тэлгэһэбин ыраастаан хас да хоннум. Ол саас хахсаат бөҕө буолан, кустуур уу кэмчи дьыла буолбута. Хаарын уулларан, тыалынан көтүтэн, хара хапсыыр буолуох курдук күннэр-дьыллар этилэр. Дьиэ таһын үлэтин үмүрүтэн баран, улахан алааска баар хаасса күрүөнү сылгы алдьаппытын көрө, сатанар буоллаҕына салбаабыт киһи диэн, ол диэки айаннаттым.

    Эбэҕэ киирбитим, кыһын аһаабыт сылгыларым күрүө аттыгар сылдьаллар, олор бэтэрээ өттүлэригэр тахсыбыт чалбах күн уотугар күлүмүрдүү сытар. Сааскы киһи сиэринэн хараҕым чалбахха хатанна. Арай көрдөхпүнэ икки кус уста сылдьар. Аппыттан түһэ эккирээн, төргүүттэн саабын сүөрдүм. Атым иччимсэх баҕайы сүөһү, киһитэ суох барааччыта суох. Тэһииммин ыҥыыр хоҥсуоччутугар, быаҕа баайан баран аппын ыытан кэбистим. Дьэ уонна үөмээри гыммытым, сирим бырдырҕас уу эбит. Били хапсыыр мэлийбит. Сылгылар миигин көрөн, аһата кэллэ диэтилэр быһыылаах, утары хаамсан дайаҥнаһан кэллилэр. Сорохторо чалбаҕы кэһэн күрүлэтэн быһа туораатылар. Кустар кинилэргэ эрэ кыһаммакка, туора устан биэрдилэр. Тыһыта олох даҕаны атыыр өтөҕөлөөбүт чохчотугар тахсан, арааһа сыламныырдыы оҥоһунна. Мин, ээ чыхаал диэн баран, туран хааман киирэн истим. Тулабар сылгыларым тэҥҥэ хаамсан истилэр. Кустарым отой кыһамматтар. Дьэ ытаары гыммытым, олус ыксары киирэн хаалбыппын. Хаһан да хайыамый, оргулга олорор тыһыны ытан саайдым. Бугул өрө ыһылла түстэ да, сүүрбэччэ көҕөн атаҕым анныттан көтөн күлүбүрээн тахсыбата дуо... Мин уолуйан хаалан иккис уоһу үлүбээй таһаарыы буолла. Таһы - быһа сыыһа ытыталаан кэбистим. Дьэ, аймалҕан бөҕө буолла.

   Эмискэ тыастан соһуйан, тулабар турбут сылгыларым бурал гынан, сырсан хаҥхычахтастылар. Ол мучумааҥҥа арай көрбүтүм, кустарым эргийэн иһэллэр эбит. Саабын ииттэ охсон, сыһыы ортотугар, чалбах кытыытыгар соҕотоҕун хороллон турдум. Үрдүү охсубут кустарым үрдүбүнэн кэлиилэригэр, иҥсэбэр икки уоспун тардыталаан кэбистим. Кустарым дьөрү хамсаан да көрбөккө, чугас үрэх диэки көтө турдулар. Хайыамый, аппар тиийэн саабын төргүүлэнэн, нөҥүө алаас диэки айаннаттым. Алааспын ортолоон истэхпинэ, арай халлааҥҥа күүстээх холорук тыаһа куугунаата. Хантас гынан көрбүтүм, арай туох эрэ кылбас гына- гына сүтэр. Тыас буоллар, биир кэм куугунас. Чугаһаабытыгар истибитим, өссө туох эрэ тарылыыр курдук хос тыастаах. Дьэ, аҕыйах чыпчылҕан түгэнэ буолаат, иннибэр ходуһа иэниттэн уу ыһыллыар диэри туох эрэ кэлэн түстэ. Ону кытта даҕаспытынан, кыыбырҕаабытынан мохсоҕол өрө көтөн мэтэрийэн таҕыста. Уонна түспүт мөчөкө үрдүнэн эргийэ сырытта. Аппын соруйан, ойутан тиийбитим, атыыр көҕөн бэрийэр бэрдэ кирийэн сытар эбит. Аппыттан ойон түһэн тутан ыллым. Отой хамсыы, куота сатаабата. Дьэ оннук бултаан, мохсоҕолго махтал этэн, үүтээммэр айаннаабытым. Ол саас ханна эрэ чугас уйаламмыт мохсоҕол өссө биир чиибиһи туппутун көрбүтүм. Дьэ оннук, биир саас икки төгүл сэдэх көстүүнү көрөн турабын.

Миигин ойуун үтүөрдүбүтэ

Петр Захаров үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Амма улууһа, Эмис нэһилиэгэ: - Мин итэҕэл, ойууннааһын, атын да дьиктилэр киэҥ куйаардарыттан чопчу биири - ыарыһаҕы ойууннаан үтүөрдүүнү кэпсиэм. Ол курдук, мин улаханнык ыалдьан, өрүттүбэт турукка сыттахпына, ойуун эмтээн үтүөрдүбүттээх. Биллэн туран, ойуун даҕаны кыайар - кыайбат ыарыылаах, үтүөрдэр - үтүөрдүбэт дьонноох. Оттон мин оҕо сылдьан ыалдьыбыппын чахчы үтүөрдүбүтэ диэн махтанан ахтабын. Биһиги Эмиспит нэһилиэгэ сүҥкэн хомуһуннаах ойууннарынан, улуу олоҥхоһуттарынан биллибит дойду. Өлүөнэ, Амма эбэлэр дьогдьойор кирбиилэригэр, Суола салаата, Үрэх баһа диэн сиргэ Алексей Иудович Тихонов - Чууда уола Сарылыыр ойуун олорбута. Кини оҕо сылдьан ыаллыы олорор Хаххан Бүөтүрүгэр дүҥүр оҥотторон кыыра оонньуур үгэстэммит. Ийэтэ, убайа маны сөбүлээбэккэ, дүҥүрүн былдьаан ылан хампы тэпсэн уолу буойбуттар. Уоллара бэриммэккэ, эмиэ Хаххан Бүөтүрүгэр дүҥүр оҥотторон, кыыра оонньуурун тохтоппотох.

   Ол курдук ийэлээх-убайын үс-түөрт сыл эриһэн, кыайтарбакка ойуун буолар. Өрө баран, ойууҥҥа бүтэһиктээхтик уһуйтара Данил Иванов - Дарха уола Сарын ойуун диэҥҥэ тиийэр. Оҕо эрдэхпинэ, ол Сарын ойуун биһиэхэ хаста да сылдьан турардаах. Сүллэстэн түһэн дьүһүн-бодо, кырдьык да киһи салла көрөр кырдьаҕаһа этэ. Сарын ойуун төбөтүттэн адаарыччы үүнэн тахсыбыт соҕотох ураа муостаах күөх эбириэн оҕустааҕа үһү. Ол оҕус уорай хайатын хоонньуттан тахсан, Аммаҕа киирэн ууллаан барарын көрөллөр эбит. Күрэстэһэр абааһылара сиэри гыннахтарына, Сарын ойуун кута, ол оҕус хонноҕор-быттыгар киирэн бүгэрэ. Оҕус ураа муоһун тоһуйан биэрэн, хайдахтаах да абааһыны чугаһаппата үһү диэн кэпсээн буолара. Оҕуска да хаххаланнар, Сарын бэйэтэ оҥорбут аньыытыгар өлө сыспыт эбит. Кини сиэмэх ойуун буолан, дьону сиир үгэстээҕэ үһү. Ол аньыытыгар сыҥсаар өлүү буолан, үс сыл суорҕаннаах-тэллэххэ сыппыт. Үс төгүрүк сыл туолуутугар дьон баттахтарынан, мүһэлэрин уҥуоҕунан хотуолаабыт. Кырдьаҕас дьонунан тоҕус баҕана иинин хастаран, хотуотун тоҕус гына үллэрэн, ол ииннэргэ көмнөрбүт. Ити кэнниттэн оҕонньор үтүөрбүт, сааһын туолан, кэмэ кэлэн өлбүт. Мин эһэбэр Уһун Өндөрөйгө: «Эдэр эрдэхпинэ, абааһы хаҥыл этим. Туой куһаҕаны оҥорор адьынаттааҕым. Ону бу кэлин бэйэм оҕолономмун, ыччаттарым иннин санааммын, аньыырҕаан бырахпытым», - диэн кэпсээн сүөлэҥэдийэ олорорун өйдүүбүн. Дьэ, оннук арбайар ааттаммыт арбаҕастаах кырдьаҕаска тиийэн, Өлөксөй уол ойууҥҥа уһуйарыгар көрдөһөр. Ойуун кыыран таныйан, ойууҥҥа уһуйбутунан барбыт. Эт-этэ, уол айаҕын атытан, бэлэһигэр баллырҕаччы силлээн биэрэн испит. Ойууҥҥа уһуйуллар киһи ол дьаабыны «кулк-кулк» ыйыста олорбут. Сарын кыыран бүтэн баран: «Син айаххын көрүнэр ойуун буолсугун», - диэбитэ үһү.

  Бу кэнниттэн Өлөксөй уол Сарылыыр ойуун диэн ааттанан, суола-ииһэ биллэн, хомуһуна-дьайа тиийэн барар. Биирдэ Далбарай баай: «Дьэ, аатырарыҥ-сураҕырарыҥ бэрт, оччо-бачча хомуһуннаах буоллаххына, бу мин аттарбын сиэтэлээ», - диэн баран, сэргэҕэ баайыллан турар икки аты ыйан көрдөрбүт. Сарылыыр оччолоох хомпуустааһыны тулуйбат, абааһыларын ыҥыртаан кыырбытынан барар. Аттары онно турар сирдэригэр охтортуур. Онно сөп буолбакка: «Далбарай миигин атаҕастаан үтэн-анньан көрөр буоллаҕа», - диэн өһүргэнэн, Далбарай сылгытын бараабыт. Этэ-саҥара туран эриэн талаҕы сырбаттар эрэ, биирдии сылгы кур гына охтон түһээт, иҥиир ситиитин тартаран, икки хараҕын үрүҥ өҥүргэһинэн көрөн кэбиһэрэ. Сарылыыр туһунан сүрдээх-кэптээх кэпсээннэртэн биирдэрэ итинник.

  Уон икки саастаахпар ис дьаҥа кэллэ. Мин онтон матыам дуо, испинэн ыалдьан, өлөр турукка киирдим. Тымныыны истэхпинэ тымныынан, сылааһы истэхпинэ сылааһынан тахсар. Онтон аһаабыппын төттөрү өҕүйэр буолан хааллым. Убайым Бүөтүр Чууда уолун Сарылыыр ойууну булан аҕалла. Бу ойуун атын дьоҥҥо кыырарын көрөр буоларым. Миэхэ, кыра киһиэхэ, кыырыы кылгас буолла. Ойуун кыырбахтаан баран: «Уолгутун буулаабыт абааһыны ылыах буоллулар. Сыыйа үтүөрүөҕэ. Эппитим курдук Бөтүүктээх Бөтүөхэйдэргэ, Куоскалаах Котуохайдарга улуу добдурҕа саҕана тараах күрдьүгэс бөтүүгү туттарбатаххына, көмүс күөрэгэйгитин хоруобун хончотуом, кириэһин килбэтиэм», - диэн көрүүлэнэн бүттэ. Мин үтүөрэр аатыгар бардым. Ыарыыбын умнан, саха тэҥэ суох сылдьаммын, күһүн добдурҕа саҕана, аны сэбирдэх дьаҥар охтоммун үөһээ саҥам үөһээ, аллараа саҥам аллара буола түстэ. Аҥаар тыҥам уус кытаҕаһынан туттарбыт курдук ыга ылларда, төбөм хайа барыахтыы ыалдьар. Ол дьүһүлэнэ сыттахпына, эһэм Өндөрөй оҕонньор Амматтан хортуопуйдаһан кэллэ. «Бу өлүүбүтүн көр! Били баҕайылар бөтүүктэрин иэстээн, оҕобун сиэри, сэбиргэҕинэн дьөлө ыстанан киирдэхтэрэ», - диэт сиирэ-халты чэйдээт, тараах күрдьүгэс бөтүүк көрдүү барда. Моонньохойго олорор Наанаан ойоҕо Өкүлүүн эмээхсинтэн бөтүүк булан аҕалла. Ону баттаһа Сарылыыр ойууну аҕаллылар. Ойуун кэлэн кыыран, тараах күрдьүгэс бөтүүгү туттарыахтаах сиригэр туттарда. Мин биир сайын иһигэр иккитэ өлөр аакка киирэн баран, иккитэ сыыйа бэттэх кэлэн истим. Ол да гыннар, кыһыны быһа туруору аһааҕыран, нөҥүө сайыныгар тиийэн дьэ киһитийдим. Кэлин да ыалдьыталаан, быраас эминэн үтүөрэн көдьүүһүрбүт киһибин. Онон маҥан халааттаах аанньалбын дириҥник ытыктыыбын. Кинилэр эмтэрэ суох хайдах сатаныахпыный? Оттон ойууну бэйэтин ньыматынан үтүөрдэр айылҕаттан айдарыылаах киһи быһыытынан, чахчы бэйэбин үтүөртэрбит киһи буолан тураммын, мөккүөрэ суох итэҕэйэбин. Мин курдук ойуунтан көдьүүһүрбүт кырдьаҕастар билигин да бааллара буолуо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....