Сайыны доруобуйабытын тупсарарга туһаныахха
Иммунитеты бөҕөргөтөбүт
Иммунитет – организм бэйэтин харыстанар, тулалыыр эйгэ дьайыытыттан көмүскэнэр күүһэ. Ардахтаах күһүн уонна тымныы кыһын ыалдьыбат туһуттан сайын устата биһиги иммунитеппыт үлэтин тэтимирдэн, күүһүрдэн биэриэхтээхпит.
Биһиги климаппытыгар дьыл бу кэмигэр эрэ иммунитет үлэтин тупсарар үөрүйэхтэри тутуһуохха сөп – сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтик сылдьабыт, сөпкө аһыыбыт уонна хамсанабыт.
Гастроэнтерологтар этэллэринэн, иммунитеты бөҕөргөтөргө, бастатан туран, сөпкө аһааһын, ол аата доруобай аһылык наада. Үрүҥ аһы, отон арааһын, фруктаны сиэхтээхпит.
Нутрициологтар суруйалларынан, араас ыарыыларга утарылаһарга организмытыгар минеральнай эттиктэр элбэх буолуохтаахтар, ону биһиги петрушкаттан, укроптан, щавельтан, сельдерейтан ылабыт.
Клубника (эбэтэр биһиэхэ үүнэр дьэдьэн), вишня хааны тимиринэн уонна битэмииннэринэн байыталлар. Сайын күҥҥэ хас да дьаабылыканы сиир буоллаххытына, ОРВИ, ОРЗ ыарыыларыгар утарылаһар күүстэнэҕит.
Моонньоҕон эмиэ иммунитеты күүһүрдэр. Ууга оргутан муорустаан эбэтэр саахары кытта ньыһыйан сиир ордук туһалаах. Хатаран баран чэйгэ эбилик оҥостуохха сөп – маны сылайбыт, сэниэбит эстибит, ыарытыйаары гыммыт кэммитигэр иһэбит.
Элбэх калорийдаах, сыалаах-арыылаах аһы күн бастакы аҥаарыгар эрэ сии сатааҥ. Сууккаҕа 2 лиитэрэ ууну иһэргитин умнумаҥ. Куйаас күннэргэ маннык эрэсииминэн аһыы үөрэннэхпитинэ, сайын устата аһара уойбаппыт.
Сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтик сылдьан организм тулалыыр усулуобуйаҕа үөрэнэр уонна быылыттан, араас кириттэн-хоҕуттан бэйэтэ ыраастанан барар кыахтаах. Сайын хаамыы, сөтүө, салгыҥҥа хамсаныылаах оонньуулар, үҥкүү ордук табыгастаахтар.
Тымныы уунан куттабыт
Сайын тымныы уунан куттан саҕалыахха сөп. Бастаан сөрүүн ууттан саҕалааҥ, тута тымныы ууга кииримэҥ. Эбэтэр тымныыны кытта сылаас ууну уочаратынан куттан, эккитин-хааҥҥатын үөрэтиҥ.
Ууну бастаан атахха куттан саҕалыыбыт. Күн аайы үөһэ тахсан иһэбит, бастаан тилэхпитигэр, уллуҥахпытыгар эрэ куттубут буоллахпытына, сарсыныгар тобукпутугар диэри куттабыт, онтон – курданарбытыгар, салҕыы санныбытыттан саҕалаан, хаһыс да күнүгэр, үөрэннибит диэтэххитинэ, биэдэрэлээх ууну төбөҕүтүн таҥнары куттаҕыт.
Тымныы уунан куттуу урукку сылларга бэркэ тарҕана сылдьыбыта, киһи этин-хаанын чэбдигирдэр ньыма быһыытынан биллэр. Ол эрэн сорох ыарыылаах дьоҥҥо олох барсымыан сөп.
Киһи доруобуйатыгар саамай туһалаах – күөллэргэ, үрэхтэргэ сөтүөлээһин – манна уунан, салгынынан, күн сардаҥатынан эти-хааны тэҥинэн эрчийэбит.
Оҕо доруобуйатыгар – ураты болҕомто
Уоппуска уонна оскуола оҕотун сайыҥҥы сынньалаҥын кэмигэр доруобуйаны бөҕөргөтөр дьаһаллары ылынарга саамай табыгастаах кэм. Педиатрдар сүбэлииллэринэн, оҕо доруобуйатын сайын оҕуруот аһынан, сезоннай фруктанан, айылҕа күүһүнэн тупсарыахтаахпыт.
Үөрэх дьылын иннинэ оҕо иммунитета күүһүрэрин туһугар, таһырдьа оонньуохтаах, сатыы элбэхтик хаамыахтаах, сүүрүөхтээх-көтүөхтээх. Уу таһыгар сынньаныы, сөтүөлээһин ордук туһалаах. Тэҥнээн көрбүттэринэн, даачаҕа, тыа сиригэр эбэтэр сайыҥҥы лааҕырга сайылыыр оҕо куоракка олорбут оҕотооҕор кыһын аҕыйахтык ыалдьар эбит. Маныаха айылҕаттан ылар D битэмиинэ элбэҕи быһаарар.
Эмчиттэр сүбэлэринэн
Сайын чэгиэнник сылдьар туһугар тугу гыныахтаахпытый?
– ууну элбэхтик иһиҥ (ыраас уу буолара ордук);
– төбөҕүтүн харыстаныҥ (кыра оҕолор даҕаны, улахан дьон даҕаны күн сыралҕаныттан төбөлөрүн хаххалыыр таҥастаах сылдьаллара ордук);
– күнтэн харыстанар кириэмнэринэн бистиҥ – SPF кириэм киһи тириититтэн көрөн талыллар. Таһырдьа күн активноһа намтаабытын кэннэ, күнүс 15:00 чаастан киэһэ сылдьар ордук;
– тыынар, салгыны курдаттыы аһарар таҥастары кэтиҥ;
– гигиенаны тутуһуҥ (сылаас уонна сииктээх сиргэ бактериялар түргэнник ууһууллар, ол иһин фруктаны уонна оҕуруот аһын кичэллээхтик сууйуллуохтаах).
Сайыҥҥы ыарыылар:
– Күҥҥэ оҕустарыы. Киһи температурата тахсар, тыынара кылгыыр, сүрэҕин тэбиитэ түргэтиир уонна уу аллан тиритэр;
– Астан сүһүрүү. Организмҥа бактериялар киирэннэр, аһы буһарыы кэһиллэр. Киһи хотуолуур, мэйиитэ эргийэр, температурата тахсар;
– Хараҕы ультрафиолет уотугар сиэтии. Харахха сыыс киирбитин курдук аалар, ыалдьар, кытарар;
– Күҥҥэ быһа сиэтии. Хабыллан да тахсыан сөп. Киһи тириитэ итийэр уонна кытарар.
Бырдах ыстаатаҕына
Педиатр В. Борисова сүбэтэ:
Бырдах ыстаата – кыһыйда, кытарда уонна иһэн таҕыста.
Маннык кытаран баран иһэн тахсар уонна кыһыйа-кыһыйа биир нэдиэлэ устата сылдыан сөп – бу аллергия буолбатах.
Аллергиялаабыт буоллаххытына, бырдах ытырбыт сирэ эрэ иһэрин таһынан, сирэйгит хабыллыан сөп.
Хайыыбытый?
Кумаар ыстаабыт сирин мыылалаах уунан сууйабыт.
Тымныынан, таҥас нөҥүө мууһунан тутуохха сөп.
Тириигэ сотуллар сириэстибэлэри туттуохха сөп: каламин, циндол, фенистиль гель, псилобальзам.
Бу маастар көмөлөспөт, син биир кыһыйар буоллаҕына, антигистаминнай эмп иһиэххэ сөп. Олору быраас эрэ аныыр (!).
Оҕо бырдахха сиэтэн баран сирэйэ иһэр, тыына кылгыыр, хотуолуур, өҕүйэр буоллаҕына, суһаллык бырааска барыахтааххыт.
Тарбаммыт сирэ ириҥэлээх бааска кубулуйдаҕына эмиэ бырааска тиийиэхтээххит.