Сайын бастакы аҥаарыгар 4500 тахса оҕо лааҕырга сынньанна

Үөрэх управлентын чахчытынан, сайын бастакы аҥаарыгар Дьокуускай куоракка күнүскү сынньалаҥ лааҕырынан 40 үөрэх тэрилтэтинэн 3970 оҕо хабыллыбыт, маны сэргэ 2 үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырга 45 оҕо сылдьыбыт, 5 куорат таһынааҕы хонуктаах лааҕырга 556 оҕо сынньаммыт, 26 оҕо өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр Краснодарскай кыраай «Дон» лааҕырыгар сынньанан кэлбит.
Билигин иккис симиэнэҕэ Оҕо айымньытын дьиэтигэр, Улаатан эрэр оҕо уонна Глобальнай үөрэхтээһин кииннэрин баазаларыгар үлэлиир 3 күнүскү лааҕырга 285 оҕо сынньанар, уопсайа 45 оҕону хабар 2 үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырыгар 45 оҕо сылдьар, Хаҥалас улууһугар Еланкаҕа баар лааҕырга 160 оҕо сайынын туһалаахтык атаарар уонна үгэс буолбут 5 куорат таһынааҕы хонуктаах лааҕырга 517 оҕо дуоһуйа сынньанар.
Маны сэргэ оҕо саадтарын даачаларыгар 1400 оҕо суруйтарбыт.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл икки куорат таһынааҕы хонуктаах лааҕыр уонна 3 уһуйаан даачатын өрөмүөнүгэр 4 мөл. солк. үп көрүллэн турар.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар


