27.05.2020 | 10:12

Сайсарыга быйыл 4 суол өрөмүөннэниэҕэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн быйыл Сайсары уокуругар 4 уулусса өрөмүөннэнэр – Кеша Алексеев, Лонгинов, ГИМЕИН суолун эргиирэ уонна “Три Сосны” микрооройуоҥҥа киирии суола.

Ыам ыйын 26 күнүгэр бырайыактары ырытыыга баһылык солбуйааччыта Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат Дууматын уонна Ил Түмэн дьокутааттара, Сайсары уокурук управатын саҥа салайааччыта Матвей Торговкин, “Главстрой” бэрэстэбиитэллэрэ, Транспорт уонна суол управлениета, ГИБДД, бэдэрээччиктэр, уокурук социальнай эбийиэктэрин үлэһиттэрэ уонна олохтоох нэһилиэнньэ кытыннылар.

Лонгинов аатынан уулуссаҕа Ильменскайтан саҕалаан эргиир балаһааккатыгар диэри өрөмүөн оҥоһуллуоҕа. Саҥардыллар суол уопсай уһуна - 0,657 км, бэдэрээччик – «СеверДорСтрой» ХЭТ. «Главстрой» МКУ иһитиннэрэринэн, бу эбийиэккэ 2020 сылга афальт суол фрезеровката, онтон саҥа асфальт кутуу ыытыллар. Уопсай иэнэ – 4900 кв.м., маны тэҥэ суолтан түһүү 2300 кв.м. 4 остонуопка павильона, 4 бөх ууруналарын турар сирэ, 30 суол бэлиэтэ турара былааннанар. Сатыы дьон сылдьар сирин хайаан да күрүөлүөхтэрэ.

Кеша Алексеев аатынан уулусса хапытаалынай өрөмүөнэ Чайковскай уулуссатыттан саҕалаан Лермонтовка дылы барыаҕа – уопсайа 0,478 км усталаах суол оҥоһуллар, бэдэрээччик – “Сахатрасстрой” ХЭТ.  Суол өрөмүөнэ хас да түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа, бастаан суол биир балаһата оҥоһуллар, ол кэмҥэ транспорт атын балаһанан айанныырын курдук үлэ тэриллиэҕэ. Асфальт суолу фрезерование кэнниттэн, геосинтетика дьапталҕата ууруллуоҕа, онтон саҥа асфальт тэлгэниэҕэ. Ууну аһарар лотуоктар 348 м. саҥаҕа солбуллуохтара.

ГИМЕИН суолун эргииригэр Сэргэлээх шоссетын уонна Яков Потапов аатынан уулусса быһа охсуһууларын өрөмүөннүөхтэрэ. Уопсайа 0,469 км, бэдэрээччик -  «СеверДорСтрой» ХЭТ. Бу суол быһа охсуһуута уокурук хорук тымырын кэриэтэ, ол иһин Яков Потапов уонна Мерзлотнай уулуссаларын силбэһиитэ, Сэргэлээх шоссетын Медицинэ киинин диэки хайысхата  кэҥэтиллиэҕэ. Манна суол аннынан ааһар коммуникация барыта сыҕарытыллыаҕа, бордюрдаах суол тэлгэниэҕэ. Маны таһынан тротуардары тутуу, көҕөрдүү үлэтэ эмиэ былааҥҥа киирэн сылдьар. Билигин сири хаһыыга ресурсалары салайар хампаанньалартан көҥүллэтии үлэтэ баран эрэр. Суол өрөмүөнэ  5 ый устата ыытыллар, саҕаланыыта барыллаан бэс ыйын 8 күнүгэр былааннанар.

“Три Сосны” микрооройуоҥҥа киирэр суол Бүлүү трагын 0,700 км өрөмүөнүн “Транстройсаха” ХЭТ ыытыаҕа. Хапытаалынай өрөмүөн былааныгар суолу барытын көтүрүү, олбоҕун оҥоруу, онтон саҥаны тэлгээһин киирдэ. Дьон дьиэлэригэр куттала суох айанныыларыгар 26 суолтан түһүү оҥоһуллуоҕа. Ууну аһарар ньымалары киллэрэн биэриэхтэрэ. 1606 кв. м. тротуар оҥоһуллан күрүөлэниэҕэ.

Ырытыы кэмигэр олохтоох нэһилиэнньэ уокурук иһинээҕи суоллар оҥоһууларын тустарынан ыйыталаста. Баһылык солбуйааччыта Евгений Григорьев быһаарбытынан, “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суол” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии таһынан, атын өрөмүөннүүр үлэлэр эмиэ тохтооботтор, холобур, суол дьаамаларын абырахтааһын куорат бүддьүөтүттэн үбүлэнэр.

Нэһилиэнньэ өссө биир долгуйар боппуруоһа – ууну-хаары аһардар лотуоктары оҥоруу. “Главстрой” бэрэстэбиитэллэрэ иһитиннэрбиттэринэн, 348 м. усталаах ууну аһардар лотуоктары оҥоруу Кеша Алексеев уулуссатыгар былааҥҥа баар. Евгений Григорьев маныаха эбии атын уулуссаларга лотуоктары оҥоруу туспа бырагырааманан барыаҕа диэн быһааран биэрдэ.

Мерзлотка микрооройуонун олохтоохторо кинилэргэ ханнык суол өрөмүөннэнэрин ыйыттылар. Транспорт уонна суол управлениетын салайааччыта Константин Попов эппиэттээбитинэн, бу микрооройуоҥҥа суол өрөмүөнүн национальнай бырайыакка киллэрии былаана саҥа оҥоһулла сылдьар.

Евгений Григорьев кэпсээбитинэн, национальнай бырайыакка киирэр суоллары Саха сиригэр бу бырайыак куратора буолар Барабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Алексей Колодезников бигэргэтэр. Маны тэҥэ өрөмүөннэнэр суоллар ГИБДД уонна ресурсалары салайар тэрилтэлэри кытта сөпсөһүүнү ааһаллар.

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата ыам ыйын 21 күнүттэн бэс ыйын 5 күнүгэр диэри “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суол” национальнай бырайыагы киин куоракка олоххо киллэриигэ уопсастыбаннай ырытыылары тэрийэн ыытар. Куорат олохтоохторо өрөмүөн үлэтин туһунан кэпсэтиилэргэ видеоконференция ньыматынан (Zoom ID 7219345765), якутск.рф сайтка тахсар графигы көрөн кыттыһыахтарын сөп.

Национальнай бырайыак чэрчитинэн уопсайа 23,5 км уһуннаах 28 суол ситимэ оҥоһуллар. Бырайыак 5 сыл үлэлиирин тухары, 2019-2024 сылларга, 204,5 км суол саҥардыллыахтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....