20.05.2020 | 18:04

Сайсары олохтоохторо баһылыгы кытта онлайн көрүстүлэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, ыам ыйын 19 күнүгэр, баһылык Сардана Авксентьева Сайсары уокуругун олохтоохторун кытта онлайн көрүстэ. Олохтоохтор видеосибээс ньыматынан ыйытыктарыгар быһаччы хоруйдары ыллылар.

Ол курдук, Елена Саввинова, Билибин уул. 27/2 дьиэтин старостата, Ильменскэй уонна Билибин уулуссаларын өрөмүөннэрин ыйыталаста. “Ильменскэй уулусса элбэх үлэни эрэйэр. Быйыл бырайыактыыр-сметалыыр докумуон оҥоһуллар, уулуссаны 1600 м. устатын, эһиил 2021 сылга оҥоруохпут. Икки улухан уулуссаны бииргэ оҥорор кыаллыбат, ол иһин Билибин уулуссатын 2022 сылга өрөмүөннүөхпүт”, - диэн баһылык эппиэттээтэ.

Маны таһынан Елена Саввина 18 нүөмэрдээх оскуола таһынааҕы остонуопканы көһөрөргө этии киллэрдэ. Бу боппуруоска кэнники онлайн-мунньах ыытыллар буолла.

Сайсары олохтооҕо Раиса Романова дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүү тиэмэтин таарыйда. Хаарбах дьиэ олохтоохторун ааттарыттан Сэргэлээх шоссетын-4   5, 6, 7, 8, 9 корпустарын туһунан ыйытта. “Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар олоҕуран, 6-ыс корпус олохтоохторун бу сыл бүтүөр диэри көһөрүөхпүт. Кинилэргэ дьоҕус кыбартыыралар тиксиэхтэрэ, атын барыйаан суох. 5, 7, 8, 9 корпустары 2021 сылга көһөрөбүт. Билигин киһи олорор усулуобуйата суох буоллаҕына олохтоохтор маневреннай пуонда дьиэтин көрдүөхтэрин сөп”, - диэн Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент салайаачыта Александр Новолоков эппиэттээтэ.

Раиса Романова туруорсарынан, саамай хаарбах туруктаах 9-ус корпус олохтоохторун быйыл көһөрөр тоҕоостоох. Сардана Авксентьева Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменын салайааччытыгар Александр Новоловка бу боппуруоһу быһаарсарга, дьоҥҥо хамыыһыйа түмүгүн докумуоннарын көрдөрөргө сорудахтаата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...