24.02.2021 | 10:46

"Сайар Сарыал" түһүлгэтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу ый 22 күнүгэр Сахабыт сирин араас улуустарыттан мустубут "Сайар Сарыал" литературнай түмсүү 4 хомуурунньук кинигэтэ сүрэхтэнэр биһирэмэ буолан ааста. Дьокуускай куорат биир мааны уораҕайыгар "Ника" банкеттыыр саалатыгар бу дьоро күн айар куттаах дьон тоҕуоруһа түмсэн, үөрүүбүтүн үллэстэн аастыбыт. Унньуктаах уһун кыһыммыт муоһун кылаана тостон, тымныыбыт мүлүрүйэн, күммүт барахсан кэлэн иһэр сандал сааһы кэрэһэлээн, чаҕылыйа тыгар буолбут кэмигэр бары даҕаны хамсык кэмҥэ баттатан, көрсүбэтэхпит өр буолбут дьон быһыытынан, сүргэбит көтөҕүллэн, үөрдүбүт -көттүбүт.

Биһирэм сахалыы сиэринэн киирэр аантан арыылаах алаадьынан айах тутуллан, торҕо буруонан ыраастанан, арчыланан, түмсүү биир көхтөөх кыттааччыта Ида Рожина - Күндүйээнэ алгыстаах тойугунан арылынна. Мааны халадаайдарын сайбаччы кэппит далбардар ситиигэ салама баайдылар. "Сайар Сарыал" түмсүү салайааччыта,СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Ресурснай - бырайыактыыр киин сүрүннүүр исписэлииһэ В П.Стручков - Дуулаҕа Дьуһаал кэлбит дьону эҕэрдэлээтэ. Түмсүү 2019 с, муус устар ыйга тэриллибитэ. Бу манна ресурснай бырайыактыыр киин салайааччыта М.М.Донской көмөтө, өҥөтө улахан. Ол кэмтэн ылата бу кииҥҥэ "Сайар Сарыал" түмсүү дьарыктара, хоһоон түһүлгэлэрэ ыытыллан кэллилэр.

2019 с. Туймаада ыһыаҕар кыттыбыппыт. Саҕаланыытыгар бастакы олугу уурбут дьон И.И.Афанасьев - Алмаас, уонна Захарова Г.И.Уордьаннаах Кыыһа буолаллар. Ааспыт сыл дойдуга патриотизм уонна Кыайыы 75 сылынан биллэриллибитинэн, альманахпыт оннук хабааннанан былааҥҥа киирбитэ, дьыл кэминэн тус-туһунан наардаммыта. Ол курдук бастакы тахсыбыт кинигэ "Кындыа кыһын кынаттаах ырыата" диэн хомуурунньукпут буолар. Иккис кинигэ Кыайыы 75 сылыгар аналлаах "Улуу Кыайыыны уруйдуубун", үһүс кинигэҕэ "Күн кута сибэкки" диэн хомуурунньукка тоҥ буору тобулар ньургуһун сибэкки туһунан хоһооннор түмүллэн киирбиттэрэ. Төрдүс хомуурунньук "Оҕо саас оһуора" диэн ааттанан тахсыбыта. Саха литэрэтиирэтигэр оҕоҕо аналлаах айымньы элбэҕэ суоҕа биллэр. Хомуурунньук ахсын 60 тахса ааптар айымньыта киирбитэ. Хас биирдии кинигэҕэ киирбит ааптардарга туоһу суруктар туттарыннылар. Сыралаах, дьаныардаах үлэттэн хомоҕой хоһооннор айыллан эрдэхтэрэ. Биһирэми ытык мааны ыҥырыылаах ыалдьыт, оҕо суруйааччытынан биллэр народнай бэйиэт, СӨ суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ И.В.Мигалкин эҕэрдэ тылынан салҕаабыта. Ыҥырыыга махтанан туран бэйэтин хоһооннорун ааҕан иһитиннэрбититтэн биирдэстэрэ маннык:

Дьон үөрэр кэмигэр поэт Үс төгүл үөрбэт буоллаҕына, Бэйэтин ырыатынан кинилэр үөрүүлэрин Үс төгүл үрдэппэт буоллаҕына, Ким ыллыай, сахалыы өрөгөй ырыатын?. Дьон кыһалҕалаах чааһыгар Поэт үс төгүл хомойбот буоллаҕына, Бэйэтин ырыатынан кинилэр эрэйдэрин Үс төгүл үллэстибэт буоллаҕына, Ким ыллыай, сырдык эрэл ырыаны?

Бу маннык истиҥ тыллары кытары үтүө баҕа санаатын этэн туран бэйэтин кинигэтин салайааччыбытыгар Дуулаҕа Дьуһаалга бэлэх уунна. Салгыы Н.Иванов - Хоро Холлой эҕэрдэ тылы, махтал суруктары түмсүү салайааччытыгар уонна түмсүү ыытыллар тэрээһиннэригэр мэлдьи көхтөөхтүк кыттар дьоҥҥо, А.П.Григорьеваҕа, көмпүүтэргэ хаартыскалары таҥан оҥорор И.Д.Рожина - Күндүйээнэҕэ, Л.Н.Петроваҕа - Этигэн Ыраҕа, Т.М.Петроваҕа - Мойуу Кыыһыгар, А.Д.Чирковаҕа - Вилюйчаннаҕа уонна Таатта улууһун Дэбдиргэтиттэн төрүттээхтэр түмсүүлэрин салайааччытыгар Л.Н.Тупринаҕа туттарда.

"Сахалыы тыынынан" бөлөх аатыттан П.А.Тумусова - Туску эҕэрдэлээтэ.Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгин "Дэбдиргэттэн төрүттээхтэр" куораттааҕы түмсүү аатыттан эҕэрдэ тылы Л.Н.Туприна эттэ. "Таатта - уран тыл биһигэ" диэн аатырыан да аатырдаҕа. Ол курдук ураннык "Иэйиилээх Игидэйим талааннаах кыргыттара" диэн Х.П.Павлова салайааччылаах эмиэ бэйэлэрэ айар түмсүүлээхтэрин билиһиннэрдилэр. "Сайар Сарыал" түмсүү аатыттан А.Д.Чиркова-Вилюйчанна эҕэрдэ тылын этэн туран бэйэтин уран тарбаҕын сылааһын иҥэрэн тикпит олбохторун салайааччыларга бэлэх уунна. Дьэ, бу курдук биһирэм үөрүүлээх чааһа түмүктэнэн, салгыы сандалы остуол тула төгүрүччү олорунан, бииртэн биир эҕэрдэ ырыалары иһиттибит. Ырыа айааччылар А.Болтокова, В.Яковлева - Чэлгийээнэ, З.Данилова - Кэкэрдэ, М.Протопопова - Намыына Куо, толорооччулар Е.Уварова -Дьол Сыдьаайа, В.Саввина - Оһуордаах эҕэрдэлээтилэр. Ааптардар Н.Н.Иванов - Хоро Холлой, И.И.Афанасьев - Алмаас, А.С.Данилова - Сарыада, Т.И. Потапова - Татыйык ,Т.М.Петрова- Мойуу Кыыһа хоһооннорун аахтылар. Сыана маастардара, норуот талааннаахтара Р.Львова -Дөлүһүөн, В.В.Васильева - Күрүлгэн чабырҕахтара эмиэ уратытык иһилиннэ. Эҕэрдэлэр быыстарыгар бириистээх оонньуулар уонна бу дьоро күҥҥэ анаан тэттик хоһооҥҥо күрэс ыытылынна. Кыайыылааҕынан ыҥырыылаах ыалдьыт буолбутугар бары да үөрдэхпит.

Түһүлгэбит "Саха сирин үтүөлээх оһуохай этээччитэ", араас күрэстэр хас да төгүллээх лауреаттара, тойукка 2019 с.Кылаан Чыпчаал хаһаайката, чабырҕахха СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ М.А.Герасимова - Сэҥээрэ бирииһин анал аатыгар үс төгүллээх хаһаайката В.В.Винокурова - Күрүлгэн оһуокайынан түмүктэннэ. Бу тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт дьоммутугар, культура ветераныгар,мкыраайы үөрэтээччигэ А.П.Григорьеваҕа, кини биир дойдулаахтарыгар У.Н.Чупроваҕа, Ж.Н.Даниловаҕа уонна бырааһынньыктааҕы минньигэс туорду астаан бэлэхтээбит Тыгын - Дархан ресторан шеф - поварыгар К.В.Матаннановка махтанабыт!

"Сайар Сарыал" түмсүүбүт салгыы үүнэн - тыллан, сириэдийэ чэлгийэрин туһугар!" - диэтэхпит буоллун.

Валентина Саввина - Оһуордаах. "Сайар Сарыал" түмсүү чилиэнэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....