Сарсын Ил Дархан Айсен Николаевтыын быһа эпиир буолар
Сарсын, балаҕан ыйын 26 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаевтыын быһа эпиир ыытыллар.
Ил Дархан быһа эпииргэ олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдуоҕа, регион сайдыытын саҥа соруктарын туһунан кэпсиэҕэ. Трансляцияны «Саха» НКИХ, «Якутия 24», «Россия 24» телевизионнай ханаалларга көрүөххүтүн, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» араадьыйаҕа уонна Айсен Николаев социальнай ситимнэригэр истиэххитин сөп.
Быһа эпиир олохтоох бириэмэнэн 19:00 чааска саҕаланар. Ыйытыылары Саха сирин 100 сыла сайтка уонна Telegram @voprosGlaveYakutii_bot чат-ботугар ыытыаххытын сөп.