30.04.2020 | 08:48

Сардана Авксентьева оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын толкуйдуурга ыҥырда

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Сардана Авксентьева Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарын кытта сессия иннинээҕи көрсүһүүтүгэр оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын хайдах тэрийэри толкуйдуулларыгар этии киллэрдэ.

“Биһиги маннык хааччахтаах ураты быһыыга-майгыга аан бастакыбытын түбэстибит. Ордук оҕолортон долгуйабыт, кинилэр биир дьиэҕэ хаайтаран олорон тэһийбэттэрэ биллэр. Сынньалаҥ лааҕырдара бастакы сменаҕа үлэлииллэрэ саарбах, ону тэҥэ үгэскэ кубулуйбут сайыҥҥы оскуолалар эмиэ үлэлээбэттэр. Онон биһиги хайдах гынан, тугу тобулан оҕолор сынньалаҥнарын уонна доруобуйаларын тупсарыыны ханнык усулуобуйаҕа куттала суох тэрийэрбитин бары толкуйдуохпутун наада”, - диэн Авксентьева дьокутааттарга эттэ.

Гордуума бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта  Евдокия Евсикова бу боппуруоһу Гордуума социальнай политикаҕа бастайааннай хамыыһыйатын мунньаҕар көрөргө этии киллэрдэ. Баһылык этиититтэн биир көрүҥүнэн чэпчэтиинэн туһанар оҕолор төрөппүттэригэр харчынан төлөбүр оҥоруохха сөп диэтилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....