14.12.2020 | 13:25 | Просмотров: 672

Салюттары ытыы быраабылатын тутуһуҥ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

РФ ЫБМ министиэристибэтэ саҥа дьыл бырааһынньыктара чугаһаабыттарынан сибээстээн, петардалары, фейерверктэри уонна салюттары балконтан, дьиэ кырыыһатыттан, дьиэ  иһиттэн, ону тэҥэ эстэр кутталлаах эбийиэктэр аттыларыгар ытар бобулларын туһунан сэрэтэр.

Маны таһынан, умайар кутталлаах эбийиэктэр, тимир суол, гаас турбатын уонна үрдүк күүрүүлээх уот линиятын таһыгар фейерверк ытар көҥүллэммэт. Анал сертификаттаах петардалары, фейерверктэри, ракетаны, салюттары уонна да атын пиротехниканы тустаах эрэ маҕаһыыннартан атыылаһары сүбэлииллэр. Туттуллар болдьоҕо ааспыт, араас алдьаныылаах, инструкцията уонна сертификата суох оҥоһуктары ытар эмиэ бобуллар.

2021 сыл тохсунньутуттан куттала суох пиротехниканы туттуу быраабылата  саҥардыллыбыт барыйаана олоххо киирэр. Онно пиротехниканы кэнсиэрдэргэ уонна спортивнай тэрээһиннэргэ көҥүллэнэр. Оттон атын эбийиэктэр истэригэр, ол иһигэр олорор дьиэ иһигэр бенгальскай уоттан уонна хлопушкаттан ураты пиротехниканы туттуу олоччу бобуллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.