29.04.2022 | 16:26

Сахам сирин сүрэхпинэн көрөбүн

Сахам сирин сүрэхпинэн көрөбүн
Ааптар: Оксана Саввинова
Бөлөххө киир

Саха Автономията төрүттэммитэ үбүлүөйдээх 100 сылын көрсө Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекалара  «Сахам сирин сүрэхпинэн көрөбүн” диэн брайль сириибинэн серия кинигэтин сүрэхтээтэ. 

Кинигэҕэ Саха сирин 34 улууһун уонна дойдубут тэбэр сүрэҕин Дьокуускай куорат туһунан кэпсэнэр. 
Хас биирдии улуус историятыттан, олоҕуттан-дьаһаҕыттан уонна чулуу дьонун-сэргэтин кэпсиир дьоһун айымньы үс төгүрүк сыл уһаарыллан, таҥыллан, уопсайа 35 кинигэ буолан киэҥ эйгэҕэ таҕыста.
Кинигэ сүрэхтэниитэ муус устар 26 күнүгэр буолан ааста. Бу үөрүүлээх быһыыга-майгыга библиотека ааҕааччылара, кинигэни сүгүрүйээччилэр бука бары тоҕуоруһа муһуннулар. Биэчэрбитин саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа, норуот таптыыр ырыаһыта Аскалон Павлов, саҥа тахсан эрэр эдэр сулус Күн Сол уонна Саха судаарыстыбаннай филармониятын хора киэргэттэ. Бу күн  “Вековая история Якутии в лицах: 1922-2022” диэн эмиэ серия кинигэ бастакы чааһа сүрэхтэннэ. Маны таһынан Саха сирин тактильнай каартатын ааҕааччылар биһирии көрдүлэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекалара олох сайдыытын тэтиминэн ааҕааччыларыгар куруук саҥаны, интэриэһинэйи билиһиннэр, оҥорор үтүө соруктаах үлэлиир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....