Саха сирин табаардарын түмэр биир кэлим онлайн балаһаакка үлэлээтэ
Бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, «Саха сиригэр оҥоһуллубут» («Сделано в Якутии») https://etp14.ru биир кэлим эргиэн онлайн былаһаакката үлэтин саҕалаата.
СӨ предпринимателствоҕа эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, бу өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллубут табаардар улахан онлайн былаһааккалара буолар. Бу интернет маҕаһыын нөҥүө таҥас-сап, ас-үөл, кинигэлэри, бэлэхтэри, көмүстэн уонна күндү таастартан оҥоһуктары, дьиэҕэ-уокка туһалаах тээбириннэри, иһити-хомуоһу, экологическай косметиканы, саха быһаҕын о.д.а. булуохха сөп.
Туһанааччыларга табыгастаах буоларыгар онлайн-каталог балаһаларга үллэһиллэр, бары табаардары кэккэ критерийдэринэн араарыахха сөп — сыанатынан, дьон биһирэбилинэн, рейтининэн.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



