Саха сиригэр 130 ойуур баһаара
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 387, 63 га иэннээх 130 ойуур баһаара бара турарын туһунан ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
“Ааспыт сууккаҕа баһаар иэнэ 44 гектарынан аччаата. Үөһээ Дьааҥыга, Кэбээйигэ, Томпоҕо уонна Уус Алдаҥҥа балаһыанньа уустук. 45 сиргэ баһаар баара биллэр. Нэһилиэнньэлээх пууннарга баһаары утары бары миэрэ ылылынна”, – диэн кэпсээтэ Арассыыйа ЫБММ-н Саха сиригэр сүрүн управлениетын начаалынньыга Павел Гарин. Атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи туругунан, 20 баһаар эбиллибит, 502 киһи уонна 73 тиэхиньикэ көмөтүнэн 15 баһаар умуруорулунна.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



