06.12.2024 | 12:00

Саха многоборьетын 1-кы Кубога

Саха многоборьетын 1-кы Кубога
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Төрүт оонньуулары сайыннарар Саха многоборьетын федерациятын кубогар үстүү кыттааччылаах аҕыс хамаанда “Триумф” спорт комплексыгар биэс көрүҥҥэ илин-кэлин түһүстүлэр. 
Федерация Кубогар күрэхтэһии аан бастаан тэрилиннэ. Күрэхтэһии үөрүүлээхтик аһыллыытыгар СӨ спорка миниистирин 1-кы солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, Саха многоборьетын федерациятын бэрэсидьиэнэ Алексей Пинигин, сүрүн судьуйа, “Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх абсолютнай чөмпүйүөнэ Иван Белолюбскай эҕэрдэлээтилэр. Маастар нуорматын толорбут Борис Сдвижковка (Амма) уонна Артем Дьяконовка (Кэбээйи) дастабырыанньалар, түөскэ кэтиллэр бэлиэлэр туттарылыннылар.

Төрүт көрүҥнэри сайыннарыахпыт

Спорт көрүҥэ биһирэбили, сайдыыны ылара тэрийээччилэриттэн, салайааччыларыттан тутулуктаах. Саха многоборьетын федерациятын бэрэсидьиэнэ, “Прогресс” тутуу тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ, “Дыгын оонньууларын” сүрүн үбүлээччитэ Алексей Семенович Пинигин санаатын үллэһиннэ: “Саха төрүт көрүҥнэригэр многоборье көрүҥэ сылтан сыл улаатан, кэҥээн, сайдан иһэр. Ону кытта биһи тэҥҥэ баран иһиэхтээхпит, өссө инники сылдьыахтаахпыт дии саныыбын. Көрүҥмүт хайа диэки хайдах баран иһэрин көрөн, ырытан, интэриэһинэй, киэҥник биллэр, тарҕанар буоларыгар үлэлиибит. Хамаанданан күрэхтэһии дьон интэриэһин үрдэтиэ диэн санааттан Кубок оонньотон, аан бастаан көҕүлээн, тэрийэн ыыта олоробут. Күрэхтэһии кыттыылаахтара бэйэлэрин эрэ тустарыгар буолбакка, хамаандаларын туһугар киирсэллэр. Ити хас биирдиилэригэр эппиэтинэһи үөскэтиэҕэ. Сытыы киирсиилэр буолуохтара. Бу саас буолан ааспыт өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар аҕыс иһигэр киирбит хамаандалар сүүмэрдэммиттэрэ, ол хамаандалар күрэхтэһэ сылдьаллар. Бастаабыт уонна үс иһигэр киирбит хамаандаларга 300, 200, 100 тыһ.солк. туттартыахпыт. Хамаандалар бэлэмнэрэ үчүгэй. Кыайарга-хоторго санаалара күүстээҕэ, саха многоборьета инникилээҕэ көстөр. Биһиги куорат ыһыаҕын кэмигэр ыытыллар “Дыгын оонньуулара” күрэхтэһиигэ биэс сыл устата абсолютнай кыайыылаахха сүрүн бириис быһыытынан 1 мөл.солк. туттаран кэллибит. Эһиил 3 000 000 солк. туттарарга диэн быһаардыбыт. Ону таһынан, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев “Уаз-Патриот” массыынаны туруорар. Онон, саха многоборьетын көрүҥэ өссө сытыырхайыаҕа. Кыттааччылар ахсааннара элбээн, географиябит кэҥээн иһэр. Сахабыт төрүт оонньууларын сайыннарыах кэриҥнээхпит. Оҕолорбут, ыччаттарбыт күүстээх-уохтаах, кыраһыабай, чэгиэн буолалларын туһугар үлэ барар”.

 

Кыайыылаах – Кэбээйи хамаандата

Эрийсиилээх, кытаанах киирсиилэр буоллулар. Уолаттар кичэллээхтик оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Бастыҥнар көрүҥтэн көрүҥ аайы хамаандаларыгар кыайыы очколарын аҕалтаан истилэр. “Дыгын оонньууларын” түһүлгэлэрин кыттыылаахтара күрэхтэспит үөрүйэхтэринэн, эрчиллиилэрэ, туруктара үчүгэйинэн, бэккэ кытыннылар. “3х3” атах оонньуутугар өрөспүүбүлүкэ күүстээх маастара Яков Дмитриев (Кэбээйи) 34 м 72 см түһэн, Кэбээйи улууһун хамаандата бастаата; намнар (Владислав Попов, Александр Дорофеев, Владлен Сергеев) иккис; чурапчылар (Борис Строев, Егор Лукин, Павел Друзьянов) үһүс.

 “Тутум эргииргэ” “Дыгын оонньууларын” призера эмиэ Кэбээйиттэн сылдьар Артем Дьяконов 66 төгүл бэйэтин тула эргийэн, бастыҥ көрдөрүүлэннэ. Хапсаҕайга эмиэ Кэбээйиттэн Яков Дмитриев, Артем Дьяконов утарсааччыларын барыларын хотуталааннар, хамаандалара кыайарыгар улахан төһүү буоллулар. Мас тардыһыытыгар Мэҥэ Хаҥаластан төһө да Арсен Федоров көрсүһүүтүн аайы баһыйтардар, Давыд Колесов уонна Дамир Попов утарсааччыларын барыларын хотуталааннар, хамаандалара бастаата. “3х200 м” эстафетаҕа “Дыгын оонньуута-2020” муҥутуур кыайыылааҕа Леонид Филиппов  бүтэһик түһүмэххэ тэтимнээхтик сүүрэн, Амма хамаандата бастыҥ бириэмэни көрдөрдө. Чурапчы (Борис Строев, Егор Лукин, Павел Друзьянов) иккис, Нам (Владислав Попов, Александр Дорофеев, Владлен Сергеев) үһүс буолуталаатылар.

Уопсай түмүккэ “Үс төгүл үскэ”, “Тутум эргииргэ”, хапсаҕайга бастакы, мас тардыһыытыгар иккис, 3х200 м эстафетаҕа төрдүс көрдөрүүлээх Алексей Уваровскай, Артем Дьяконов, Яков Дмитриев састааптаах Кэбээйи хамаандата Саха многоборьетын 1-кы Кубогын кыайыылааҕынан таҕыста. Аммалар иккис, Мэҥэ Хаҥалас үһүс миэстэлэннилэр.

Кыайыылаах Кэбээйи улууһун хамаандатын  атах оонньуутун маастара, Мастаах спорт оскуолатын тренерэ Николай Николаевич Иванов сүүмэрдээн, бэлэмнээн аҕалла: “Кыайыы элбэх сыллаах үлэ түмүгэ. Уолаттар бары олохторун спорка анааннар, оҕо эрдэхтэриттэн многоборьенан, атах оонньуутунан, хапсаҕайынан дьарыктаммыттара. Улаатан бараннар салгыы сайыннара сылдьаллар, базалаахтар. Сөптөөх хайысханан баран иһэрбитин бүгүҥҥү күрэхтэһии көрдөрдө. Бэйэлэрэ дьарыктаналлар. Мин хамаанданы хомуйдум. Артем Дьяконов, Алексей Уваровскай Мастаах бөһүөлэгэр миэхэ, Яков аҕатыгар Федор Николаевичка дьарыктанар. Үлэлээн ылбыт 300 тыһ. солк. бириистэрин үһүөн үллэстиэхтэрэ, бары дьиэ кэргэннээх дьон”.

Саамай эдэрдэрэ, “Дыгын оонньуулара-2024” боруонса призера, Саха многоборьетыгар спорт маастара 20 саастаах Артем Дьяконов: “ХИФУ геолог үөрэҕэр үөрэнэбин. “Модуҥҥа” уонна “Дохсуҥҥа” дьарыктанабын. Сөбүлүүр көрүҥнэрим хапсаҕай, “тутум эргиирэ”, оҕунан ытыы, атах оонньуута. Биирдиилээн көрүҥнэргэ маастар нуорматын толоруохпун баҕарабын”.

Атах оонньуутугар өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, спорт маастара, “Дыгын оонньууларыгар” төрдүс миэстэлээх Яков Дмитриев: “Күрэхтэһиилэр тыҥааһыннаахтык аастылар, хамаандалар бары да үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр. Биһи эмиэ “объемҥа” сылдьабыт. “Модун” спорткомплекска инженердиибин. Тренерим аҕам Федор Николаевич, мас тардыһыыга спорт маастара, Чагда оҕо спорт оскуолатыгар спорт национальнай көрүҥнэригэр тренердиир. “Манчаары оонньууларын” түөрт төгүллээх призера”. Кэлэр сайын Тааттаҕа буолар “Манчаарыга” атах оонньуутугар конкуренция күүстээх, анал дьарык наада, ол иһин саха многоборьетыгар кыттыам”.

Алексей Уваровскай: “Дыгын оонньууларыгар” анаан-минээн дьарыктанаарыбын, дойдубар Мастаахха тиийбитим. Тренерим Николай Николаевич Иванов”.

 

Сыал-сорук – саха многоборьетын сайыннарыы

Саха многоборьетын Федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ, “Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа, оҕолору саха многоборьетынан эрчийэр Иван Прокопьевич Белолюбскай күрэхтэһии сүрүн судьуйатынан үлэлээтэ:

Ыра санаа гынан илдьэ сылдьыбыт хамаанданан күрэхтэһиибитин аан бастаан тэрийэн ыыттыбыт. Сыала-соруга саха многоборьетын сайыннарыы. Бу иннинэ биирдиилээн күрэхтэһиилэри ыытар этибит. Улуустар хамаандаларынан кэлэннэр, илин-кэлин түһүстүлэр. Кубок түмүгүнэн улуустарга многоборьеҕа сайдыы барыан сөп диэн сыаналыыбыт. Бу уолаттар бэйэлэрин кэннилэриттэн элбэх ыччаты  батыһыннарыахтара диэн үлэ барар. Бастакы күрэхтэһии буоларын быһыытынан, көрөөччүлэргэ табыгастаах буоллун диэн, аҕыйатаммыт биэс көрүҥҥэ ыыттыбыт. Уонна үс нэдиэлэнэн буолаары турар “Дыгын оонньууларыгар” сүүмэрдиир күрэхтэһиилэргэ сылайыыны-элэйиини ылбатыннар диэн санааттан. Уолаттар биһирээтилэр, бэйэлэрин тургутан көрдүлэр. Эппиэттээх күрэхтэһии иннинэ ханнык таһымҥа сылдьалларын билээри-көрөөрү, итинник тэрийдибит. Ханнык улуустар хайдах бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ харахха быраҕыллар. Ону бэрэстэбиитэллэриттэн, формаларыттан, “ыалдьааччылара” кэлэн ыһыытаан-хаһыытаан көмөлөспүттэриттэн көрүөххэ-билиэххэ сөп. Ити элбэх үлэттэн кэлэр. Бу саас буолан ааспыт өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар аҕыс иһигэр киирбит хамаандалар Кубокка күрэхтэһиигэ кыттарга сүүмэрдэммиттэрэ. Ол эрээри, хомойуох иһин, кыттар быраабы ылбыт сорох улуустар хамаандалара кыайан хомуллубаккалар, тохсус-онус миэстэлэммит улуустар кэлэллэрин көҥүллээммит, аҕыс хамаанданы толордулар. Федерация Кубога сыл ахсын ыытыллыаҕа, календарнай былааҥҥа киллэриллибитэ. Мантан ыла сэттэ көрүҥҥэ ыытарга этиилэр киирдилэр. 

Бастакы миэстэлэммит Кэбээйилэр 300 тыһ. солк., иккис үчүгэй көрдөрүүлэммит Амма хамаандата 200 тыһ. солк., үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксибит Мэҥэ Хаҥалас хамаандата 100 тыһ. солк. суумалаах сэртэпикээттэринэн наҕараадаланнылар. Күрэхтэһии түмүгүн таһаарар сүбэ мунньахха Федерация бэрэсидьиэнэ Алексей Пинигин көхтөөхтүк кыттыбыт тэрийээччилэргэ, судьуйаларга харчынан бириэмийэлэри туттартаата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....