Сааскы халаан уутун аһарарга бэлэмнэнэбит
Дьокуускай куорат территориятыгар сааскы халаан уута ааһар кэмигэр, гидротехническэй тутуу тоҕо барар түбэлтэтигэр, 9 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһуур – Табаҕа, Хатас, Пригороднай, Сыырдаах, Тулагы, Капитоновка сэлиэнньэлэригэр уонна Кангалаас, Даркылаах, Марха дьоҕус оройуоннарыгар. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Итинник куттал суоһуурун туһунан куорат баһылыгын солбуйааччы Егор Кардашевскай бэрэссэдээтэллээх суһал штаб мунньаҕар этилиннэ.
«Гражданскай оборона, нэһилиэнньэни уонна территориялары айылҕа уонна техногеннай ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскүүр, баһаартан куттал суоһаабатын хааччыйар управление» МХТ салайааччыта Николай Егоров иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куорат уокуругар, Кангалаас тумулун оройуонугар муус харан уонна уу таһыма үрдээн, 1558 киһи, ол иһигэр 382 оҕо олорор 491 дьиэлэрэ ууга барар кутталламмыт.
Гражданскай оборона уонна ыксаллаах быһыы-майгы управлениетын салайааччыта Өлүөнэ эбэ уутун таһыма кытаанах хонтуруолга сылдьарын, гидрологическай кэтээн көрүүгэ 3 төгүрүк суукканан үлэлиир уонна биир быстах кэмҥэ үлэлиир («Дьокуускайдааҕы гидрометеорологияҕа уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүүгэ управление» ФСБТ пууна) пууннар тэриллибиттэрин туһунан иһитиннэрдэ. Кэтээн көрүү пууннара Дьокуускай куоракка, Табаҕа сэлиэнньэтигэр, Кангалаас дьоҕус оройуонугар уонна Тулагы сэлиэнньэтигэр (быстах кэмнээх пуун) тэриллибиттэр.
Өлүөнэ тардыытын ууга салалтата Дьокуускай куорат таһыгар мууһу кэбирэтэр үлэни түмүктээбит. 47 гектар иэннээх муус хараарбыт, муус харар учаастактарыгар уопсайа 13 км муус эрбэммит. Итини сэргэ ууну ыытар уонна гидротехническэй тутуулар сааскы халаан уутун куттала суох ыытарга бэлэмнэрэ бэрэбиэркэлэммит.
«Табаҕатааҕы өрүс тас үөһүн кытыла сууллар кутталлаах, итиннэ 37 дьиэ баар, онно 101 киһи, итинтэн 22 оҕо олороллор. 2021 сылга куттал суоһаабатын хааччыйар сыаллаах Пригороднай сэлиэнньэтиттэн Эргэ Табаҕаҕа диэри биэрэги бөҕөргөтөр үлэ барбыта. Ити тэрээһин саамай сэрэхтээх учаастактарга, кытыл ордук улахан эрозиялаах сирдэригэр ыытыллыбыта», - диэн бэлиэтээтэ Николай Егоров.
«Якутдорстрой» АУо кытта инертнай матырыйааллар саппаастарын оҥорууга уонна тиэхиньикэ дьуһуурустубатын тэрийиигэ дуогабар түһэрсиллибит. Билиҥҥи туругунан Табаҕа, Хатас, Пригороднай, Тулагы сэлиэнньэлэригэр инертнай матырыйааллар (буор, кумах) саппаастарын оҥоруу түмүктэнэн эрэр.
Ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түбэлтэтигэр суһаллык гражданнары быстах кэмҥэ олордор пууннар арыллыахтара. Ити сыалга Табаҕа, Хатас, Сыырдаах, Тулагы, Капитоновка, Пригороднай сэлиэнньэлэригэр, Кангалаас, Даркылаах уонна Марха дьоҕус оройуоннарыгар уопсайа 1450 миэстэлээх 11 быстах кэмнээх пууннар былааннаммыттар.
Ууга барар сирдэртэн дьону көһөрөргө «ЯПАК» МУТ тырааныспара үлэлэһиэҕэ, пууннарга көһөрүллүбүт нэһилиэнньэҕэ уонна аварийнай-быыһыыр салааларга анаан итии аһылык тэриллиэҕэ.
Ынах-сүөһүнү уонна сылгылары кэмигэр куоттарар сыаллаах үрдүк сирдэргэ быстах тутар пууннар былааннаммыттар, итиннэ уопсайа 795 ынах-сүөһү уонна 759 сылгы киириэхтээх. Кинилэргэ 9,5 тонна астара бэлэмнэммит. Манна даҕатан эттэххэ, муус устар 26 күнүгэр Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр сүөһүнү, сылгыны бэлэмнэммит ууга барбат сирдэргэ куоттарарга эрчиллэр тэрээһиннэр ыытыллыбыттара.
Мунньахха сааскы халаан уутун куттала суох аһарарга бэлэмнэнии туһунан салалта территориальнай уорганнарын салайааччылара отчуоттаатылар.
Өлүөнэ мууһа ыам ыйын 14-16 күннэригэр хамсыыра күүтүллэр, ити урукку сыллардааҕар 3-4 хонугунан эрдэлээн буолуоҕа.
Саха сирин территориятыгар муус устарын https://www.sakha.gov.ru/ledohod онлайн камеранан көрүөххэ сөп.